«Куорсун-2023» литературнай күрэс кэпсээҥҥэ иккис миэстэлээҕин Варвара Гуляева айымньыта

Варвара Гуляева

Үлэ да араастаах

Катя эмискэ ким эрэ тардыалыырыттан уһукта биэрдэ. Аҕата Баһылай кэлэн турар эбит, сөмүйэтин уоһугар даҕайар уонна харса-суох хаҥас илиитинэн сапсыйан ыҥырар. Сып-сап тыаһа-ууһа суох хамсанан таҥаһын хаба тардан туран эрдэҕинэ, ийэтин буойар саҥата иһилиннэ. Кыыс оронугар төптөрү дьылыс гынан хаалла. Ийэтэ туран аҕатын кэнниттэн ааны хатаан, олууру күүскэ баттыыр тыаһа иһилиннэ. Катя син балачча суорҕан анныгар таҥаһын ботуччу кууһан сытта. Ийэтин муннун тыаһа биир тэҥ тыынар буолбутун билэн, оргууй атаҕын аллараа түһэрэн, суорҕантан босхолонон туран кэллэ. Бытааннык хамсанан аан таһыгар тиийэн өссө чочумча тура түстэ, онтон аан олуурун оргууйдук ороото. Сыыйа сыаптаах хатааһыны аһарыгар сыаба халыгыр гына тыаһаата. Ийэтэ уһукта биэрээт хаһыытаабыт саҥата аан сабылларын кытта сүтэн-сүмэлийэн хаалла.

Кыыс массыынаҕа сүүрэн тиийдэ уонна хап гына олороотун кытта, массыына сыыртан таҥнары түһэн, собуоттанан айаннаан барда. Итинник Катя аҕатынаан түүҥҥү үлэлэрэ саҕаланна.

Эбэлэригэр тиийэн күөлгэ ыга астардылар. Кыыс массыынаттан ойон түһэн сылаанганы арааран ууга батары биэрдэ. Аҕата оботторор ырычааҕын холбоотун кытта кырааны арыйа баттаата.  Уу систиэринэҕэ  курулаччы кутуллубутунан барда. Туолбутун кэннэ дэриэбинэ диэки айанната турдулар. Тиийээт, дэриэбинэ биир муннугуттан саҕалаан кэрийбитинэн бардылар. Сайыҥҥы түүн буолан сып-сырдык. Ыраахтан кыһыл былаахтар онон-манан тэлимнэһэн көстөллөр. Ити — ууга наадыйар дьон бэлиэтэ. Буочукалары толортуу сырыттахтарына икки оҕо оҥой-соҥой көрөн тиийэн кэллилэр. Илиилэригэр кумааҕы сыыһа баарын утары ууннулар. Бу – уу  куттаралларыгар көҥуллуур, хонтуораттан ылыллыбыт хас да буочука толуона.

Сорох ыалга уот-күөс көстүбэт, туох да хамсааһын биллибэт. Оччого Катя бүтэй үүттэрин көрүтэлиир. Бүтэй үөһэ өттүгэр маска хайдыы баарыгар кичэйэн сууламмыт толуоннары кыбыппыттарын булан ылан сиэбигэр уктар. Ити курдук хаста да кырынан уу баһан, ыаллары кэрийэн, лаппа сарсыарданан дьиэлэригэр төннөллөр.

Катя оронугар сытан эрэн, ийэтин утуйан сурдургуурун иһиллии сытта. Ийэтэ барахсан сарсыарда биэс чааска туран атын сайылыкка ынах ыы барар, онтон төннөн кэлэн сопхуос ньирэйдэрин аһатар. Манна ньирэй көрөөччүгэ хас биирдии киһиэхэ 40 ньирэйи көрөргө аныыллар. Онтон оҕолорго сайын төрөөбүт ньирэйдэри биэрэллэр. Ити курдук киэһээҥҥи ыам кэннэ, икки үлэҕэ үлэлиир буолан ийэтэ наһаа илистэр-сылайар, ол иһин эрдэ утуйаахтыыр.

Онтон аҕата сарсыардааҥҥы аһылыгын аһаат, сайылыктары кэрийэ барар. Онно ынах ыамын кэннэ ыанньыксыттар үүттэрин систиэринэтигэр куттан собуокка илдьэр. Ол кэннэ холбуур үүтү оботторон ньирэйдэр тэлээтинньиктэригэр баар улахан уһаакка куттарар. Дэриэбинэҕэ биир эрэ уу-үүт баһар массыына буоларынан, куруук ыраас буолуон наада. Уу оботторон баран төттөрү-таары сүүрдэн сайгыыр, үөһэ баар хаппаҕын арыйан анал суокканан аалан сууйар, күнүскү-киэһээҥҥи ыамнары таһарга бэлэмниир.

Мантан киэһэ Баһылай массыынатын – «Бадаатын» көрүнүө. Хас биирдии сурууптарын, буолталарын Катяҕа уунуо, оччоҕо кыыһа тэлгэммит өрбөххө уочаратынан ууран иһиэ. Ону аҕата ыраастаан төттөрү хомуйуо. Бу кэннэ кыратык сынньанан-сытан ылыахтара, онтон эмиэ түүҥҥү үлэлэрэ саҕаланыа…

Ити курдук саныы сытан Катя кыыс сыыйа нухарыйбытынан барда.

Читайте дальше