«Куорсун-2023» литературнай күрэс хоһооҥҥо кыайыылаахтарын айымньыларын сэргээҥ

Хоһоон айыытын «Учуутал, эн ааккар сүгүрүйэн…» түһүмэҕэр

I миэстэ

Ольга Татаринова Чуораайытта

Уһуйаан  угуттуур уйата

Үрдүккэ, сырдыкка кынаттыыр

Үтүөкэн үлэһит дьоннордоох,

Үтүмэн сатабыл мустубут

Уһуйаан угуттуур уйата.

 

Дьиэ  кэргэн  кырачаан көмүһүн

Ытыскыт үрдүгэр түһэрэн,

Эриэккэс эйгэни тэрийэн

Киэҥ далай соругу ылсаҕыт.

 

Чэбэрдик туттарга, аһыырга,

Чэнчистик сылдьарга, таҥнарга,

Сааһылаан саҥарар буоларга

Тиһиктээх үлэни ыытаҕыт.

 

Сүүрүүнү, үҥкүүнү торумнаан,

Дуобаты, ахсааны  барыллаан,

Билим киэҥ аартыгын арыйан

Сайдыыга салайан биэрэҕит.

 

Айылҕа кэрэтин сэргииргэ,

Үлэни үрдүктүк тутарга,

Үтүөнү-мөкүнү наардыырга,

Тосхоллоох оҥкулу уураҕыт.

 

Дьулууру, тулууру тургутан,

Айары-тутары эрчийэн,

Талааны төрдүттэн күөдьүтэн

Олоххо көрүүнү тиһэҕит.

 

Ийэҕэ, аҕаҕа доҕорго,

Кыраҕа кыаммакка, саастаахха,

Дойдуга, норуокка, бар дьоҥҥо

Туһалаах буоларга иитэҕит.

 

Махталы, тапталы, иҥэрэн

Уйулҕа уйатын арчылаан,

Оскуола боруогар атааран

Инники олоҕу түстүүгүт.

 

II миэстэ

Мария Петухова

 Учууталга махтал

Үтүөнү-кэрэни тарҕатар аналлаах,

Билиини-көрүүнү иҥэрэр соруктаах,

Үлэттэн дьолломмут үтүөкэн киһиэхэ

Махталбын этэбин, учуутал, эйиэхэ!

 

Олоххо ураты көрүүлээх буолаҥҥын,

Бэрт дьоһун идэни эн таба талаҥҥын,

Хас биирдии оҕоттон дьоҕурун булаҥҥын,

Айаҕын-тутаҕын махталы ылаҥҥын.

 

Элбэх да кэнчээри ыччаты иитэҥҥин,

Олох киэҥ аартыгар долгуйа атаардыҥ.

Кэскилбит туһугар олугу охсоҥҥун,

Үтүө дьон оҥорон үрдүккэ көтүттүҥ.

 

Өссө да уһуннук эн күүскэ үлэлээр,

Ылыммыт соруккун тиһэҕэр тириэрдээр.

Бар дьоҥҥор, норуоккар үөрүүнү бэлэхтээр

Убаастыыр киһибит, учуутал эн дэтээр.

 

III миэстэ

Анна Данилова — Сарыада

Кэскилбит туһугар

Үөрүүлээх үбүлүөй күнүгэр

Сүрэхтэн этиллэр бу тыллар

Махталы, тапталы тиэртинэр,

Барыбыт сүрэҕэр тииҋдинэр.

 

Идэни үрдэтэр аналлаах

Институт бу сылаас эйгэтин,

Ытыктыы, киэн тутта көрөбүт,

Тэрийэр үлэтин сөҕөбүт.

 

Ыраахтан, чугастан кэлэннэр,

Билиини хаҥатан бараллар,

Учуутал сыралаах үлэтин,

Өрүүтүн махтана ахталлар.

 

Дойдубут сайдарын туһугар

Элбэҕи тэрийэн кэллигит.

Инники кэскилбит туһугар,

Өрүүтүн баар буоллун институт.

 

Биһирэбил бириис

Борис Лугинов Борис Борогонскай

Суолбун тэлбит – учууталбар!

Саха тылыгар уонна литературатыгар тапталы иҥэрбит учууталбар Бурцева Светлана Михайловнаҕа

Сандалы күүс

Сахам тылын

Сүһүөхтэрин,

Сөпкө табан

Ситимниирбэр,

Суолта ууран,

Сөбүн көрөн

Сэмэ биэрэн,

Сап-саҕаттан

Сурук тиспит

Сэмсэ тылбын

Сөбүлэтэн

Сорсуннаабыт,

Сатабыллаах

Салайааччы

Сүдү ааккар

Сүгүрүйэн,

Сиэрдээх чааскар

Соргу-дугуй!

 

Сибэтиэй уу

Сымыйа диэх,

Сааскы таммах,

Сонун ааттар

Солбук буолан,

Сурах хоту

Ситиһиилэр

Сиэттиһэннэр,

Санаа гиэнэ

Сиэдэрэйэ

Солотуулаах

Саргыланан,

Сарсыҥҥы күн

Сарыаллара

Саҥа хоһоон,

Сойбот уйгу

Сэһэннэриҥ,

Сири-уоту

Симээтиннэр!

 

Сэргэх кэпсэл,

Сырсар үөрүү,

Саатыыр күммүт

Сирэм баайа,

Сыһыы-хонуу

Саха чиэһэ

Сыспай сиэллээх,

Саргы дьаалы

Сүөһү ииттэр

Саамай бэргэн

Саарын дьонноох,

Силис-мутук

Салгын кута,

Суолбут төрдө

Солко Чараҥ

Суон сураҕар,

Субу курдук,

Ситэ-тупса,

Сириэдийээр!

 

Хоһоон айыытын «Үлэ – олоҕу хамсатар сүдү күүс» түһүмэҕэр

 I миэстэ

Оксана Васильева (Пухова) – Алгыстаана

Ситим тиһэр сииктэрим

Тэҥниибин…

Ситим тиһэр сииктэри

Субуллар олох суолугар,

Өҥ оҕуруо билэни

Үүммүт алаас быйаҥар.

 

Холуубун…

Дьүһүнү дьүөрэ тутууну,

Олоххо суолу булууга,

Иннэҕэ сабы иилиини,

Туруккун салайар дьоҕурга.

 

Сэрэйэбин…

Симик саха симэҕэ,

Алтыһарга аналлааҕын,

Эрбэх сарыы этэрбэһэ

Эһиэкэйдээн этитэрин.

 

Билэбин…

Дьахтар мааны дьабаката

Дьугдьуур хайа дьылҕалааҕын,

Төрүөх иилэр түһүлүгэ

Төлкө төрдүн түстүүрүн.

 

II миэстэ

Александра Бережнева

От үлэтэ

Үрдүк халлаан үтүө күнэ

Көмүс утах кыымын ыста,

Мүөттээх салгын түөһү киэптии

Сиккиэр тыаллыын сайа биэрдэ.

 

Көргө-нарга көхтөөх ыччат

Күүстээх үлэ көҕөр кытта,

Көмүс хотуур суолун тэлэ

Күлэ-үөрэ окко киирдэ.

 

Күүстээх-уохтаах уолан дьоннор

Хотуур угун ыга тутан,

Киэҥник дайбаан, чиҥник үктээн

Хойуу оту охсон барда.

 

Араа-бараа аҕам саастаах

Ытык-мааны кырдьаҕастар,

Ходуһаҕа хонуктааннар

Хойуу буруо унаарыйда.

 

Күммүт бэрдэ туран биэрэн

Отчут дьоммут оттоон-мастаан,

Ураа муостаах, сыспай сиэллээх

Уһун кыһын туоруур отун.

 

Мунньан-тараан тиэйэн илдьэн

Кыбыы ахсын кэккэлэттэ,

Үлэ дьоно оттоон бүтэн

Кыстык сирин бэлэм гынна.

 

Кырпай маҥан хаарбыт түстүн,

Кырыа кыһын тиийэн кэллин,

Оппут-маспыт оннун булла,

Дьиэбит эмиэ бэлэм буолла.

 

III миэстэ

Полина Находкина – Полина Победа

Акушерка

Ийэ киһи түллээтин

Оҕо ытаан бэбээрдэ,

Акушерка сэрэнэн

Ытыһыгар түһэрдэ.

 

Саҥа киһи кэллэҕэ

Саҥа дьолу сахтаҕа!

Илистибит ийэтэ

Мичээрдээтэ, дьоллоно.

 

Ийэ оҕо көрсүһэр

Хатыламмат көстүүтүн

Көрөр дьолго тиксиһэр

Акушерка соҕотох.

 

Барыбытын бу сиргэ

Бастакынан көрсүһэр

Акушерка баар дьиҥнээх

Сиргэ сылдьар аанньалбыт!

 

Биһирэбил бириис

 Наталья Андросова Күбэйэ

Махтал тылларын аныаҕыҥ

Тохтоон, өйдөөн көрүөххэ

Саҥата суох оргууй үлэлиир,

Боростуой оробуочай киһи

Бүппэт күннээҕи түбүгүн.

 

Дьиэҥ сылаас буоларын хааччыйар

Эдэркээн хачыгаар уолчааны,

Киэһэ уулуссаны сырдатан

Электрик көстүбэт үлэтин.

 

Норуот сөбүлүүр артыыһыгар

Таҥаһын тигэр иистэнньэҥи,

Мэлдьи сылдьар остолубуойгар

Минньигэс астаах асчыты.

 

Үтүөлээх учуутал үөрэтэр кылааһын

Сууйар остуорас дьахтары,

Ыарыһах кэнниттэн хомуйар

Санитаарка барахсаны.

 

Сирэ-тала атыылаһар эккин

Туттарбыт тыа киһитин,

Күн аайы сүөһү көрөн

Тоҥо-хата түбүгүрбүтүн.

 

Умнумуоҕуҥ боростуой үлэһит

Сыралаах ыарахан үлэтин,

Эн үтүө аакка тиксэргэр

Оҥорбут сэмэй кылаатын.

 

Махтаныаҕыҥ дьоммутугар

Ис сүрэхтэн тахсар тылынан,

Чэрдээх илиилэрин оргууй аҕай

Сылаастык ыга тутуоҕуҥ.

Читайте дальше