Хас биирдии нэһилиэк бэйэтин уратытын, устуоруйатын арыйар үгүс экспонаттаах баай быыстапканы туруоран, бу түһүмэх бэрт тэрээһиннээхтик барда.
Холобур, Чэриктэй нэһилиэгин быыстапката элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн түһүмэҕинэн, сахалыы төрүт үгэһи тутуһар спортивнай ыаллар Лукачевскайдар, Салышевтар, Гороховтар үгүс өрүттээх наҕараадаларын, кыайыыларын туоһулуур грамоталарын, мэтээллэрин билиһиннэриинэн саҕаланна.
Өспөх нэһилиэгэ быйыл да быыстапканы көрүүгэ толору бэлэмнээх кытынна. Ол курдук «Өспөх Тойон оҕолоро» диэн 1634 сылтан саҕаланар киэҥ ис хоһоонноох төрүччүнү нэһилиэк баһылыга Л.М. Свешникова, киһи эрэ истэ туруох курдук уу сахалыы билиһиннэрдэ. I Хоро нэһилиэгин быыстапката норуодунай поэт Иван Мигалкин хоһоонун тылларынан түһүмэхтэргэ араарыллыбыта сонуннук көһүннэ. Чараҥ дириҥ устуоруйатын “Сахам дьоно, эһиги – тыһыынчанан саастаах сулустаргыт, быдан дьыллартан умайаҕыт…” түһүмэххэ архыып докумуоннарыгар олоҕуран арыйдылар. I Өспөххө сахалыы дэлэй астаах-үөллээх Жирковтар, мас оҥоһугу баһылаабыт талба талааннаах Гуляевтар, муостан, туйахтан көрүөхтэн кэрэ оҥоһугу баһылаабыт Копыриннар дьиэ кэргэттэрин көрүөхтэн кэрэ быыстапкалара дьон сэҥээриитин ылла. II Лөгөй нэһилиэгин төрүччүтүн сырдатыыга Эллэйтэн саҕалаан биллэр-көстөр Лөгөй Тойону, И.Е. Мигалкины, А.П. Мигалкины, И.В. Мигалкины, аҕа баһылык П.Е. Бурнашевы көрдөрөн, үс аҕа ууһун холбоон, 18 көлүөнэни билиһиннэрдилэр. Бээрийэлэр Никифоровтар ааҕар дьиэ кэргэни, үс көлүөнэ Васильевтар, Аргуновтар, Васильевтар талба талааннаах, уус, спортсмен дьиэ кэргэттэри истибит, көрбүт эрэ кэрэхсиир гына билиһиннэрдилэр. Өнөр нэһилиэгэр «Дьиэ кэргэн күндү мала» салааҕа общественнай деятель В.В. Никифоров – Күлүмнүүр Раиса Прокопьевна Лепчикова блокнотугар 1904 сыллаахха сүбэлиир-амалыыр ис хоһоонноох, нууччалыы бэйэтин хоһоонун анаан суруйбутун хос сиэнэ М.П. Лукачевская кэпсээбитин сэҥээрэ иһиттибит. Оттон II Байаҕантай нэһилиэгин быыстапката кыһыл лиэнтэни быһыынан саҕаланна, салгыы 11 оҕолоох Герой ийэ Ольга Александровна, Ньургун Петрович Аргуновтар дьиэ кэргэн уоллара 7-с кылаас үөрэнээччитэ Власий сөбүлээн аахпыт кинигэлэрин билиһиннэрдэ. Хоро нэһилиэгэр музей экспонатыгар Марите Дмитриевна Крылова эбэтин, эһэтин малларын: мас хамыйаҕы, кытыйаны, иистэнэр иһити туруоран истиҥник билиһиннэрдэ.
Түмүккэ Түүлээх нэһилиэгэ быыстапкатын “Төрүччү – өбүгэ сокуона”, “Дьиэ кэргэн историятын кэрэһитэ”, о.д.а түһүмэҕинэн саала иһин тилэри тардан көрүстэ.
Татьяна Бурцева, улуустааҕы бибилэтиэкэ библиотекара
Улахан нэһилиэктэр быыстапкалара
Быыстапка сэттэ критерийинэн сыаналанна. Отут мүнүүтэ иһигэр сырдатыллар быыстапка нэһилиэк историятын арыйыыттан, аҕа уустарын, дьиэ кэргэттэрин төрүччүтүн көрүүттэн саҕаланна. Төрүччүнү араас өрүттэринэн арыйан, Лөгөй нэһилиэгэ бэрт сэдэх, ураты быыстапканы туруоран көрдөрдө. Дьэ, ол кэннэ нэһилиэк киэн туттар эдэр, орто уонна аҕа саастаах дьиэ кэргэттэрин билиһиннэрии буолла.
Манна ордук чорботон Курбуһах уонна Лөгөй нэһилиэктэрин толору дьиэ кэргэнинэн кыттыыларын, аҕа оруолун үрдүктүк тутан ураты ис хоһоонноохтук арыйбыттарын бэлиэтиир тоҕоостоох. Улууска бастакы бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылынан, ааҕыынан умсугуйар «Ааҕар дьиэ кэргэн» хайысхатыгар бары да нэһилиэктэр бэркэ турунан кытыннылар. Нэһилиэккэ оҕо дьарыктаах буолуутун тэрийии үлэтин билиһиннэрии түһүмэҕэр сааланы толору турбут үлэлэр, быыстапканы ситэрэн-хоторон биэрдилэр. Бу хайысхаҕа Бэрт-Ууһун, Өлтөх, Суотту, Лөгөй нэһилиэктэрин үлэлэрин билиһиннэрии, маастар кылаастара биһирэбили ыллылар. “Дьиэ кэргэн ытык мала” диэн түмүктүүр түһүмэххэ дьиэ кэргэн харааннаан илдьэ сылдьар өбүгэтин малын сырдатта.
Көрдөрүүгэ Курбуһах нэһилиэгэр XX үйэ саҥатынааҕы хос эбээлэриттэн хаалбыт иэмэхтээх ытарҕата, Бэрт Ууһугар Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕын кура, сэрии толоонуттан суруктара, Өлтөх нэһилиэгэр XX үйэ саҥатыгар туттуллубут күөс тардааччы туттар мала – көҥкөлөй, Суотту нэһилиэгэр Уһуктаах Сэмэн удьуордарын мала, Лөгөй нэһилиэгэр XIX үйэ саҥата Германияҕа оҥоһуллубут үүт астыыр сэппэрээтэр дьон-сэргэ иннигэр сүрдээх интэриэһинэйдик сырдатылыннылар.
Сайыына Стручкова, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, улуус култуураҕа управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы