РФ култуурунай көҕүлээһинин фондатын куонкуруһугар култуура управлениетын «Интерактивное творческое пространство «Кэскил биһигэ – колыбель будущего» бырайыага кыайан, оҕолорго аналлаах интерактивнай хос Олоҥхо дьиэтигэр арылынна.
СӨ Ил Дарханын граныгар култуура управлениетынан тэриллибит «Содружество» кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэ аатыттан Сэһэн Ардьакыап аатынан улуустааҕы кыраайы, историяны үөрэтэр түмэл быйыл «Музей – мой добрый друг» диэн доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго анаммыт бырайыага кыайыылаах буолла. Олоҥхо дьиэтэ Ил Дархан Гранын ылан, ону таһынан улуус бүддьүөтүттэн эбии үп көрүллэн, өрөмүөннэнэн сахалыы тыыннанна.
Кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин Найахытааҕы филиалын сэбиэдиссэйэ А.С. Готовцева «Балыктаах» коммерческайа суох тэрилтэ аатыттан «Знать, чтобы помнить» бырайыага СӨ Ил Дархан Гранын кыайыылааҕа буолла. «Култуура» национальнай бырайыак чэрчитинэн киинэ оборудованиетынан хааччыйыы субсидиятыгар Дүпсүннээҕи «Дүөндү» сынньалаҥ киинэ, Бэйдиҥэтээҕи А.П.Петров аатынан норуот айымньытын киинэ кыайаннар нэһилиэнньэҕэ киинэ көрдөрөр кыахтаннылар.
«Култуура эйгэтин бастыҥ менеджерэ» Сунтаарга ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи тыа сирин кулууптарын үлэһиттэрин 2-с күрэҕэр «Бастыҥ методист» анал аакка В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһын методиһа Иван Захаров кыттан, 2 миэстэни ылла. «У каждой библиотеки есть своя история» улуустааҕы бибилэтиэкэлэр икки ардыларыгар научнай, практическай конференцияҕа 24 бибилэтиэкэ кыттыбыта. Кыайыылаахтарынан Н.С. Пестряков аатынан Уус Күөлүн федеральнай модельнай бибилэтиэкэтин сэб. М.А. Пестрякова, С.С. Аржаков аатынан Бээрийэ бибилэтиэкэтин сэб. Т.А. Никифорова, Бээди бибилэтиэкэтин сэб. А.В. Алексеева ааттаннылар. 2022 с. түмүгүнэн «Бастыҥ үлэлээх тыа сирин култууратын тэрилтэтэ» ааты «В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһа, «Бастыҥ үлэлээх тыа сирин култууратын үлэһитэ» ааты Баатаҕайдааҕы «Түмэн» норуот айымньытын киинин директора Л.Р. Готовцева, кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин Суоттутааҕы филиалын сэбиэдиссэйэ Р.Н. Черкашина ыллылар.
СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бирикээһинэн норуодунай кэлэктииптэр 4 сылга биирдэ норуодунай ааттарын көмүскүүллэр. Быйыл Суотту, Тумул театрдара, «Дьиэрэй» (Танда), «Аргыс» (Түүлээх) эр дьон вокальнай ансаамбыллара, «Алтан Кыл» (Чараҥ), «Кэскил» (Бээрийэ) студиялар, Бороҕоннооҕу ырыа-үҥкүү норуодунай кэлэктииптэрэ бу ааттарын көмүскээтилэр. Улууспут киинигэр бу күннэргэ норуодунай коллективтар күннэрэ ыытылыннылар, ол иһигэр Тандатааҕы «Дьиэрэй» эр дьон вокальнай норуодунай ансаамбылын 30 сыла бэлиэтэннэ.
«Түмсүүнэн сайдыыга, үлэнэн үрдэлгэ» нэһилиэктэр икки ардыларыгар улуустааҕы бэстибээл, илин эҥээр улуустарга «Хомус ситимэ» күөн-күрэс, улуус хореографтарын ассоциацията тэриллибитэ 25 сылынан, «Тойон Мүрү» улуус мелодистарын түмсүүтэ тэриллибитэ 45, «Мүрү» ырыа күрэҕин 45 уонна Найахытааҕы үҥкүү, хор норуодунай кэлэктиибэ тэриллибитэ 60 сылынан уо.д.а. элбэх тэрээһин ыытылынна.
РФ үтүөлээх кэлэктиибэ, оҕо норуодунай образцовай «Кэнчээри» ансаамбылын 50 сыллаах үбүлүөйүн улахан түмүктүүр кэнсиэрэ Дьокуускай куоракка ыытылынна.
С.Г. Васильев аатынан Найахы норуодунай хора алтынньыга Владивосток куоракка ыытыллыбыт хордар күрэхтэригэр 110 коллективтан Уһук Илин эрэгийиэннээҕи хор олимпиадатыгар боруонса мэтээли ылла, Бүтүн Арассыыйатааҕы хоровой кэлэктииптэри көрүү-күрэх этабыгар 3 степеннээх лауреат буолла.
Тыа сиригэр сынньалаҥ кииннэрин материальнай-техническэй баазаларын хаҥатыыга туһуламмыт субсидияны А.П. Петров аатынан Бэйдиҥэтээҕи норуот айымньытын киинэ (дир. Игнатий Слепцов) уонна С.Ф. Сивцев аатынан Баатаҕайдааҕы «Түмэн» норуот айымньытын киинэ (дир. Людмила Готовцева) ылары ситистилэр.
С.С. Васильев – Борогонскай аатынан Уус Алданнааҕы кииннэммит библиотека тиһигэ «Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай модельнай библиотеката» статуһу сүктэ. «Бастыҥ үлэлээх тыа сирин култууратын тэрилтэтэ» ааты Тумуллааҕы «Түмсүү» сынньалаҥ киинэ, кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин Баатаҕайдааҕы филиала ыллылар. «Бастыҥ үлэлээх тыа сирин култууратын үлэһитэ» ааты Өнөрдөөҕү «Тускул» култуура киинин аккомпаниатора В.Г. Федоров, кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин Окоемовка филиалын сэбиэдиссэйэ Л.П. Местникова ыллылар.
Кэлэр 2024 сылга элбэх үбүлүөйүнэй тэрээһиннэр күүтэллэр: улууспутугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100, Саха сиригэр физическэй култуура хамсааһынын тэрийээччи, биллиилээх государственнай уонна общественнай деятель Н.Н.Тарскай төрөөбүтэ 100 , биллиилээх тойуксут Алексеев Николай Тимофеевич – 100, фольклорист, учуонай, эпосовед Пухов Иннокентий Васильевич – 120, Дүпсүн, Өнөр культура дьиэлэрин 50 сыллара бэлиэтэниэхтэрэ, Социалистическай үлэ Геройа Данил Гаврильевич Бурцев 125 сылыгар аналлаах улууспут ыһыаҕа 1-кы Хоро нэһилиэгэр ыытыллыаҕа.
Марианна Бережнева, информационнай, методическай салаа сэбиэдиссэйэ