Саха биллиилээх суруйааччыта Реас Кулаковскай ааспыт үйэ 70-с сылларын саҕаланыыларыгар дьиэ кэргэнинээн Бороҕоҥҥо көһөн кэлэн олохсуйбуттара. Бары билэрбит курдук, кини саха уус-уран литературатын төрүттээччи Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй уола буолар. Өссө эбэн эттэххэ, биэс оҕоттон удьуорун салҕаабыт соҕотох киһи кини. Онон сүдү киһи сыдьаана Уус Алдаҥҥа олорон айбыта-туппута. Муус устар 2 күнүгэр Бороҕоҥҥо Реас Кулаковскай 110 сылын уонна кини уола Атос Кулаковскай 85 сылын туолар бэлиэ түгэннэригэр аналлаах тэрээһин буолла. Күнү быһа бэрт киэҥ далааһыннаахтык барбыт тэрээһин Ил Дархан Айсен Николаев биллэрбит Өксөкүлээх Өлөксөй биэс сылын чэрчитигэр киирдэ. Онно анал дириҥ ис хоһоонноох төгүрүк остуолу “Хотугу сулус” оҕо телерадио академиятын салайааччыта Татьяна Гоголева ыытта.
Бэрт истиҥник барбыт төгүрүк остуолга Кулаковскайдар дьиэ кэргэннэрин туһунан элбэх үтүө тыл этилиннэ. Ыалдьыттар бары да кэриэтэ саха норуота ытыктыыр, киэн туттар дьоно. Онон кинилэр санааларын билсиэҕиҥ.
С.А.Попов – Тумат: «Мүрү Эбэ чахчы сүдү дойду уонна үтүө, сымнаҕас айылгылаах. Ол да иһин буолуо, Реас Кулаковскай манна олорбут кэмнэригэр олус айымньылаахтык үлэлээбитэ. Кини курдук Мүрүнү ойуулаабыт, хоһуйбут киһи суох дии саныыбын.
Өксөкүлээх Өлөксөй балачча кэмҥэ туоратылла сылдьыбыта. Ону төнүннэрэр олус уустук этэ. Ол эрээри, хайа баҕарар норуот бэйэтин кырдьыгын бэйэтэ таһаарар. Өксөкүлээҕи саха норуота хаһан да умнубатаҕа. Эһиил саха литературатын 125 сыла. Ол Өксөкүлээх Өлөксөй 1900 сыллаахха суруйбут “Байанай алгыһа” айымньытыттан саҕаланар. Өксөкүлээх удьуорун соҕотох тэнитээччи Реас Кулаковскай “күлүк түспүт” сылларын эрдээхтик тулуйбута.
Святослав Сунхалыров, Таатта улууһун баһылыгын солбуйааччы: «Кулаковскайдар ааттара норуотугар хат эргиллэригэр эһиги, уус алданнар улахан үтүөлээххит. Реас Кулаковскай манна олорор кэмигэр саамай айымньылаахтык үлэлээбитэ. Онтон Атос Реасович Кулаковскай улэһит буолан тыыллан-хабыллан тахсыыта эмиэ мантан саҕаламмыта. Кэлин төрөөбүт дойдутугар Тааттаҕа тиийэн эмиэ бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Онон таһымҥыт, сүгүрүйүүгүт иһин махталбытын тиэрдэбит”.
Александр Жирков, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы: «Кулаковскайдар бүтүн саха норуотун ытыктыыр дьоно. Кинилэри сир уларыйаннар тупсубуттара диир кэрэгэй. Ханна да тиийэн олохсуйбуттара буоллар, туора көрүллүө суохтара этэ. Саха норуота кинилэргэ тирэнэр, итэҕэйэр этэ. Ону күн бүгүнүгэр диэри илдьэ кэллэ. Ол эрэли билиҥҥи интеллигенция түһэн биэриэ суохтаах. Инники көлүөнэ ону түһэн биэрбэтэҕэ.
Реас Кулаковскай “Аҕам олоҕо” айымньыта Өксөкүлээх Өлөксөй аата өссө өрө тахсарыгар төһүү буолбута. бу классическай айымньы. Реас Кулаковскай оҕолорго анаан эмиэ суруйбута. Ол курдук “Ордьоох оҕонньор” диэн соҕотох олоҥхото кинилэргэ аналлаах. Бу олҥхо өссө биир уратыта диэн саха литературатыгар кыыллар туһунан соҕотох олоҥхо буолар”.
Степан Охлопков, Реас Кулаковскай сиэнэ: «Эһэм аата отучча сыл ахтыллыбакка гынан баран, бүгүн улаханнык ааттанна. Онон улуус билиҥҥи салалтатыгар улахан махталбын тиэрдэбин. Таайым Атос улахан таһымнаах спортсмен этэ диэн ахтыахпын баҕарабын. Кини оҕо сылдьан оҕустан бырахтаран илиитин өлөрбүт эбит. Ол иһин хаҥас илиитинэн арыйй атыннык туттар этэ. Оннук да буоллар дьулуурун күүһүнэн хайыһарга ССРС спордун маастара буолбута. Бу көрүҥҥэ Саха сирин сэттэ төгүллээх чөмпүйүөнэ”.
Тэрээһин чахчы киэҥ хабааннаахтык барда. Ол курдук улуус историятын үөрэтэр түмэлгэ Кулаковскайдар олохторун кэпсиир уһун кэмнээх быыстапка турда. Аны спорка эмиэ биллэр дьон. Реас Алексеевич бэйэтин кэмигэр атах оонньуутугар өрөспүүбүлүгэ таһымыгар биллибит киһи. Саахыматы дьиэ кэргэнинэн сөбүлээн оонньууллар эбит. Атос Реасович 1974-1975 с.с. Уус Алдан үөрэҕин салаатыгар иниспиэктэринэн үлэлии саахыматы күүскэ көҕүлээбит, күрэхтэһиилэри тэрийбит. Ол иһин бу күн өссө саахымат күрэхтэһиитэ ыытылынна. Онно улуус нэһилиэктэриттэн уопсайа 54 оҕо кэлэн оонньоотулар.
Мүрү Эбэ соргулаах туоната Кулаковскайдары сылаастык тутан айар-тутар кыахтарын соргулаабыта. Онон уус алданнар саха норуотун сүдү аймаҕын аата кэмэ кэлэн өрө тахсарыгар кыра да буоллар көмөлөөхпүтүнэн киэн туттабыт.
Афанасий КОПЫРИН