Куйаарга талаһыы үктэлэ

Космоска киһи көтүөҕүттэн Сэбиэскэй Сойууска куйаарга талаһыы ордук оҕолор сүрэхтэригэр дириҥник иҥмитэ. Оскуолалар аайы ракета оҥорор куруһуоктар баар буолбуттара. Онтон Уус Алдан Дүпсүнүн оскуолатыгар 1974 алтынньытыгар Саха сиригэр эрэ буолбакка, Уһук Илиҥҥэ бастакынан космонавтика уонна авиация түмэлэ аһыллыбыта. Маны оскуола географияҕа учуутала Иван Жирков тэрийбитэ.

 

Кини оҕолору халлаан, космос куйаарыгар ыҥыран улахан үлэни ыыппыта. Авиа­ция уонна космос туһунан дириҥник, киэҥник кэпсиир түмэл чахчы да улахан биһирэбили ылбыта. Бу көннөрү түмэл эрэ буолбатаҕа, манна оҕолор ракета оҥорор куруһуокка дьарыктананнар, ол оҥоһуктарынан араас куонкурустарга, күрэхтэһии­лэргэ кытталлара. Бастыҥнар үлэлэрэ Москваҕа НХСБСБ тиийэ көрдөрүүгэ турбуттара, космонавтар сэҥээриилэрин, биһирэбиллэрин ылбыттара.

Түмэлгэ билигин даҕаны космонавтар аат ааттаан, сураһан сылдьаллар. Ол курдук 2011 сыллаахха Россия Дьоруойа Роман Романенко, онтон 2016 сыллаахха, саха хомуһун космоска тыаһаппыт Олег Кононенко кэлэн барбыттара. Оттон 2019 сыллаахха түмэл тэриллибитэ 45 сылыгар, түмэлгэ Иван Данилович Жирков аата иҥэриллэр үөрүүлээх тэрээһинигэр Роман Романенко иккиһин кэлэ сылдьыбыта.

Бу түмэл куруһуогар дьарыктаммыттарын үктэл оҥостон түөрт оҕо олохторун хал­лаан куйаарын кытары ситимнээбиттэрэ. Ол курдук Николай Копырин Ригатааҕы гражданскай авиация институтун бүтэрэн баран “Полярные авиалинии” хампаанньаҕа биэн­сийэҕэ тахсыар диэри үлэлээбитэ. Виктор Кривошапкин Ленинградтаа­ҕы гражданскай авиация академиятын, Ольга Сивцева Москватааҕы гражданскай авиация государственнай техническэй университетын, Валентина Пермякова Дьокуус­кайдааҕы авиационнай-техническэй училищены бүтэрбиттэрэ. Билигин түмэл иһинэн Ольга Протопопова салайыытынан “Полет” диэн экскурсоводтар куруһуоктара үлэлиир. Манна үс бөлөҕүнэн барыта 25 оҕо дьарык­танар. Куруһуокка оҕолор экспозицияларынан тиэмэлэри кэпсииргэ, кэлбит ыалдьыттарга тиэрдэргэ үөрэнэллэл. Итини тэҥэ чинчийэр-ирдиир үлэнэн дьарыктаналлар, араас таһымнаах күрэхтэргэ кытталлар. Онон түмэл үлэтигэр ситим быстыбат.

Саха оҕотугар космос куйаарын били­һин­нэрбит түмэл быйыл тэриллибитэ 50 сылын туолар. Онон бу кэм устатыгар манна элбэх оҕо сылдьан, сорохторо онтон кынаттанан, ыра санаа оҥостон олохторун авиацияҕа анаабыттара саарбахтаммат.

Афанасий Сектяев