1967 сыл ЫБСЛКС Уус Алданнааҕы оройуонун комсомол райкомун бастакы сэкирэтээринэн Петр Бурнашеву уоттаах-күөстээх комсомол конференциятынан быыбардаабыттара. Оччолорго комсомол ыччаты иитиигэ түмэр күүс этэ. Үөрэх, үлэ хаамыыта,комсомол чилиэнигэр үүннэрии, култуура, спорт, байыаннай-патриотическай иитии, ыччат сынньалаҥнара кэмэ суох ыытыллаллара. Ыччат-комсомольскай тэрилтэлэр, холуонналар өрөбүлү аахсыбакка үлэлииллэрэ. Ыччаты производствоҕа таһаарыыга оскуолаттан пропагандаланан, өй-санаа өттүнэн иитиигэ Партия сийиэстэрин уураахтарын олоххо киллэриигэ политическай-маассабай үлэ көхтөөхтүк барара.
1968 сыл Даалытааҕы ыччат-комсомольскай ферма өрөспүүбүлүкэҕэ бастаан «ЫБСЛКС 50 сыла»ааты ылбыт. Тулунаттан Александра Мигалкина Бүтүн Сойуустааҕы комсомол сийиэһин делегатынан сылдьыбыт. Комсомол оройуоннааҕы кэмитиэтэ республикаҕа үлэтинэн сураҕырбыт. Петр Петрович 1968 сыллаахха Болгарияҕа ыччат уонна устудьуоннар Аан дойдутааҕы фестивалларыгар дьиҥнээх комсомол лиидэрин быһыытынан кыттыбыт. Кини ыччаты түмэр, иитэр сыаллаах үлэтэ бастыҥ уопут буолбут.
Мунньахтарга олус киэҥ ис хоһоонноох араатар буолан сөхтөрөрө үһү. Ылыннарыылаах тыллааҕа, онон ыччат батыһара, сөбүлүүрэ. Идеология боппуруостарыгар салайар аппараата үчүгэйдик үлэлиирэ. Комсомол мунньахтара, кэмпириэнсийэлэрэ, бюролара, пленумнара кини тэрээһининэн үрдүк таһымнаахтык ыытыллаллара. Комсомол биир суолдьут сулуһа күн бүгүн Кэптэнигэ эрэ буолбакка, атын да нэһилиэктэргэ ахтылынна. Ленин Комсомолун 105 сааһын кытары кини аата сибээстээх.
Оттон кини кыыһа Лена Егорова (Бурнашева) Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа туйгун үөрэҕин иһин 1987 сыл Бүтүн Сойуустааҕы Ленин Комсомолун ситэриилээх кэмитиэтин анал дастабырыанньатынан, түөскэ анньыллар бэлиэнэн наҕараадаламмыт. Лена Петровна билигин СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Лөгөй орто оскуолатыгар оҕолорго улуу нуучча тылын үөрэтэр өр сыл үлэлиир учуутал.
Ульяна Бурнашева, уопсас. кэрэсп.