Туосчуттарынан, үҥкүүһүттэринэн кэрэхсэнэр уонна үгүс да талааннаах дьоһун дьонунан биһирэнэр Бээрийэ нэһилиэгэр айаннаан тиийдибит. Тупсаҕай көстүүлээх сып-сырдык, сып-сылаас сынньалаҥ киинин дьиэтигэр олохтоохтор уйгу-быйаҥ астаах остуолларын тардан маанылаан көрүстүлэр. Олохтоох дьону кытта кэпсэтэн-ипсэтэн, кинилэр бу кырачаан нэһилиэктэрин төһөлөөх таптыылларын, киэн тутталларын, бэйэ-бэйэни олус үчүгэйдик санаһан, убаастаһан олороллорун тута бэлиэтии көрдүбүт. Суола-ииһэ суох чөкө олорор дьоҕус нэһилиэккэ сүөһү-ас ииттэн, бэйэ аһыттан кымыска, сыырга тиийэ ас эгэлгэтин оҥорон, иистэнэн, уһанан, хардарыта ылсан-бэрсэн, эргинэн нус-бааччы олороллорун сэҥээрдибит. Бэйэ аһа хоточчу буолан, хаһаайкалар маҕаһыыҥҥа луук, чеснок, араас тума курдугу ылаары эрэ быстах наадаҕа сылдьалларын кэпсииллэр.
Баһылык Петр Васильев: «Сүрүн кыһалҕа – исписэлиис суоҕа»
Петр Васильев Бээрийэҕэ үһүс болдьоҕун баһылыгынан талыллан үлэлиир. Кинилиин нэһилиэккэ турар сытыы кыһалҕалар тула кэпсэттибит. Чуолаан, эдэр ыччат тыаҕа олохсуйбат буолуутун ыйда. Киэҥ сирдэринэн тэлэһийэ сылдьыбакка, эдэр дьон туһалаах идэни ылан, төрөөбүт нэһилиэктэригэр кэлэн олохсуйалларын олус баҕарарын эттэ.
Бээрийэ нэһилиэгин суола саас, күһүн олоччу быстар, онон кинилэр ураты олохтоохтор. Нэһилиэнньэ итини бэркэ билэр буолан, бородууктаны эрдэттэн хаһаанар идэлээх. Маныаха өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлиир анал бырагырааманан субсидированнай бурдук кэлиитэ улахан кыһалҕаны быһаарбыт. Сайаапканан туоннанан бурдугу миэстэтигэр аҕалан абырыылларын баһылык ыйар.
Петр Васильевичтан «кыстыкка киириигэ бэлэмҥит хайдаҕый?» диэн ыйытыкпар:
Окко былааммыт 580 туонна, ити былаантан 130 бырыһыан аһара толордубут. Ордор 100 туоннаны түүлээхтэргэ атыылыыры былаанныыбыт. Сүөһү ахсаана 167 төбө. Олохтоох хаһаайыстыбалар сүөһү ахсаанын элбэтиигэ үлэлэһэллэрэ үөрүүлээх. Ол курдук, Тиит Арыыттан 15 торбос атыыластылар. Икки саҥа хотон тутулунна. Сылгы 266 төбө баар, быйыл убаһаны ииттэр дьон эмиэ бааллар”, – диэн хоруйу биэрдэ.
– Баһылыгынан эдэргэр талыллыбыт эбиккин. Салайар үлэҕэ саамай ыарырҕаппытыҥ тугуй?
– Суолбут быстан хааларынан, биһиэхэ массыына да, вертолет да кыайан кэлбэт быыһык кэмэ буолан хаалааччы. Нэһилиэккэ уонча сыл устата биэлсэрэ суох олордубут. Эмискэ киһи ыалдьан хааллаҕына, киһи тугу да гынар кыаҕа суох буолан, илиитэ-атаҕа баалларын саҕа куһаҕан суох. Хата, быйыл эдэр биэлсэр кэлэн, харахпыт сырдаата.
– Нэһилиэк сайдар суолун туохха көрөҕүн?
– Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар киһи элбиирэ буоллар. Урукку сылларга Бээрийэ сирэ-уота тыһыынчанан ахсааннаах сүөһүнү-сылгыны хааччыйан олорбут. Онон хороҕор муостаах, сыспай сиэллээх ахсаанын төһө баҕарар улаатыннарыахха сөп.
Петр Васильев кэнники сылларга ППМИ бырагыраамата үлэлээн, чопчу кинилэр нэһилиэктэригэр: уулуссаны сырдатыы, түргэн тэтимнээх интэриниэт, киинтэн ититии, сайыҥҥы уу ситимин тардыы, сквер тутуута, эргэ эбийиэктэри көтүрүү курдук тыын кыһалҕалара быһаарыллыбыттарын этэр. Маныаха кини нэһилиэк олохтоохторугар бары ыытыллар үлэҕэ көхтөрүн, өйөбүллэрин иһин махтанар.
Олохтоохторго биэлсэр кэлбитэ – улахан үөрүү
Бээрийэ нэһилиэгэ өр сылларга биэлсэрэ суох олорбута. Онон быйыл күһүҥҥүттэн биэлсэр кыыс үлэлии кэлбитэ олохтоохторго улахан үөрүү буолар. Эдэркээн медик Айыына Колодезникова – бэйэбит улууспут оҕото, Байаҕантай нэһилиэгиттэн төрүттээх.
Кини 2020 сыллаахха Танда орто оскуолатын бүтэрэн, Дьокуускайдааҕы медицинэ коллеһыгар «лечебное дело» салааҕа үөрэнэн, быйыл Бээрийэтээҕи фельдшерскай-акушерскай пууҥҥа «Тыа сирин биэлсэрэ» бырагырааманан биэс сылга дуогабардаһан атырдьах ыйын 1-гы күнүттэн үлэтин саҕалаабыт.
Салгыы эдэр исписэлиис маннык кэпсээтэ:
Бэйэм тыа сиригэр улааппыт буоламмын, үлэлиирбэр да улахан эрэйи, кыһалҕаны көрсүбэтим. Арай айан суола суоҕа кыһалҕалаах буолсу.
Үлэм бастакы күннэриттэн эбээһинэспинэн ыалдьыбыт дьону көрөн, диагноз туруоран эмтии сылдьабын. Үлэм хаамыытын кылгастык сырдаттахха, анализ ылабын, оҕолорго саастарынан бэриллэр прививкалары, улахан дьоҥҥо сыл аайы бэриллэр грипп утары быһыылары, укуоллары биэрэбин, капельницалары туруорабын уонна үлэ чааһыттан тутулуга суох медицинэ бастакы суһал көмөтүн оҥоробун. Ону таһынан докумуон, отчуот үлэтэ эмиэ баар.
Үчүгэй усулуобуйа көрүллэн, олохтоохтору кытта алтыһан, сыыйа миэстэбин булан эрэбин. Бээрийэ дьоно-сэргэтэ үтүө сыһыаннаахтар, эйэҕэстэр.
Үлэбин тыа сириттэн саҕалаабытым идэбэр уопут ыларбар улахан туһалаах буолуоҕар бигэ эрэллээхпин.
Олохтоох кырдьаҕас этиитэ оруннаах дуо?
Бээрийэҕэ тиийбиппит – эр дьон муус ыла сылдьаллара. Арай биир оҕонньор хаалыгынан далбаатаан күөл диэки хааман иһэр эбит. «Хайа, кырдьаҕас, ханна бардыҥ?» диэн ыйытыыбытыгар: «Ээ, оҕолорум муус ыла киириэхтээхтэр, ону көрө киирдим», – диэн хардарда. Муус ылааччылар «бэриэччиттэрэ» эбит.
Дьэ, саастаах киһи нэһилиэгин туһунан тугу этэр эбит диэн кулгаах-харах буоллубут. Норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, үйэтин тухары сопхуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит 84 саастаах Егор Васильев маннык кэпсээннээх буолла:
Ыччат дэриэбинэҕэ олохсуйбат буолла. Бары үөрэхтэнэн хонтуора үлэһитэ буолуохтарын баҕараллар. Ким да тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныан баҕарбат. Бээрийэҕэ 20-тэн тахса дьиэҕэ биирдии киһи олорор курдук буолла.
Тыа хаһаайыстыбатыгар 5-6 миллиард көрүллэр дииллэр даҕаны… Сүөһү аҕыйаан, ходуһабыт барыта талах буолла. Өртөөһүнү боболлор. Оскуолабытыгар 30 оҕо үөрэнэр уонна 30-ча үлэһит баара буолуо. Тыа хаһаайыстыбата эһиннэ даҕаны, тыа сирэ эстэр.
Мин икки уоллаахпын, манна олороллор. Сүөһү-сылгы ииттэллэр. Ол эрээри, сиэттэрим бары барар чинчилээхтэр. Аҕыс уон түөрт саастаах оҕонньор манна соҕотохпун уонна 10-чалыы сыл балыс саастаахтар бааллар. Мин саастыылаахтарым ханна бардылар? Тоҕо маннык буолла? Тоҕо мин соҕотох буолуохтаахпыный? Дьон орто сааһа 80 буолла диэн хантан ылан этэллэрий? Аттынааҕы дэриэбинэлэргэ эмиэ маннык көстүү ээ. Дьон бары куоракка, Бороҕоҥҥо симиллэ сатыыллар. Бука бары куоракка дьиэлээхтэр.
Дьон тыа сиригэр харчыга ымсыырдахтарына эрэ кэлиэхтэрэ. Онон Саха сиригэр үбү-харчыны сүрүннээн тыа хаһаайыстыбатыгар кутуохха наада. Оччоҕо эрэ тыыннаах ордуохпут. Суолу-ииһи оҥоруохха. Кэлин, барыта эстибитин кэннэ, син биир сөргүтэ сатаан муҥнаныахтара. Саха сиригэр төрүт дьарыга суох хайдах да олоруохпут суоҕа.
Үлэттэн ордубатах киһи сааһыран да баран сытыа баара дуо? «Бэҕэһээ муус ылар сирдэрин күрдьүбүтүм, ону көрдөрүөм. Сыттым да, дабылыанньам тахсан, кулгааҕым иһэ тыраахтар курдук тыаһаабытынан барар, онон хааман-сиимэн, кыра үлэлэри толорбута буола сылдьабын», – диэн, 80-тан тахсыбыт диэтэххэ, холооно суох тэтиэнэх көрүҥнээх тыа сирин кырдьаҕаһа үлэни-хамнаһы салайсар, дьаһайсар санаалаах салгыы хаама турда.
Бу курдук хас бөһүөлэк аайы тыа сирэ муҥутаан сайдан, чэчирээн-чэлгийэн турбут кэмин эттэринэн-хааннарынан билбит, илэ харахтарынан көрбүт кырдьаҕастар ол бэйэлээх дойдуларыгар билигин аҕыйах дьиэ түннүгэ уоттааҕыттан төһөлөөх хараасталларын, самналларын ким билиэ баарай?!
Черноградскайдар быйыл 12 төбө сүөһү кыстыыр хотонун туттан киллэрдилэр
Бээрийэ нэһилиэгин алта оҕолоох ыала Надежда, Лазарь Черноградскайдар сүөһү иитэр соругу ылынан, иккис сылын кыстыкка этэҥҥэ киирдилэр.
Надежда Афанасьевна бэтэринээр идэлээх, Лазарь Алексеевич – математика учуутала. Онон эдэр ыал сатабылларын, өйдөрүн-күүстэрин холбоон, ыччаттарын туһугар кэскиллээх үлэҕэ туруннулар.
Нэһилиэнньэ бэйэ дьарыгын сайыннарыыга олук буолар социальнай контракт нөҥүө 250 тыһыынча солкуобайы көмө ылан, икки сыллааҕыта сэттэ төбө сүөһүнү атыыласпыттара. Онтон кэлин тыраахтар уонна от охсор ылбыттар. Быйыл номнуо 12 төбөнү кыстатардыы, аҕыйах хонуктааҕыта саҥа хотон туттан киирдилэр.
«Тыа сиригэр олорор дьон сүөһү-ас ииттэн айахпытын хааччынар, оҕолорбутун иҥэмтиэлээх бэйэ аһынан аһатарбыт тоҕо кыаллыбат буолуой?»
– диэн Черноградскайдар толору өйдөөн, оҕолорун күннэтэ үүтүнэн, сүөгэйинэн, күөрчэҕинэн күндүлүүр саха сайдам ыала.
Командировкаҕа Наталья Попова, Мария Аргунова, Ольга Шепелева сырыттылар