Тумул орто оскуолатын 3-с кылааһын үөрэнээччитэ Сайнаара Терентьева хайдахтаах үчүгэйдик уруһуйдууруй?!

Сайнара уруһуйдуур дьарыгын туһунан ийэтэ Лиана Яковлевна маннык этэр:

– Уруһуйдуур дьоҕура олох кыра эрдэҕинэ биллибитэ. Акварелынан дьүһүннэри бэйэтэ оҥорон, киистэнэн олох уратытык туттан уруһуйдуурун сөҕөбүн. Бастаан куруук куоскалары уруһуйдуур этэ, онтон кэнники дьону уруһуйдуур буолбута. Биир күн миигин кыра оҕобун көтөҕөн олорорбун уруһуйдаан соһуппута.

Оттон уруһуй уруогун учуутала Лариса Алексеева бу курдук кэпсиир:

– Сайнаара кыра эрдэҕиттэн уруһуйдуурун олус сөбүлүүр. Омуннаан эттэххэ, киистэтин туппутунан төрөөбүт курдук. Оскуолаҕа киириэҕиттэн «Палитра» уруһуй куруһуокпар сылдьар. Кини уруһуйдуур дьоҕурунан маҥнайгы кылааска киириэҕиттэн сөхтөрбүтэ. Үксүгэр уруһуйун саҕалыырыгар, боростуой харандаастаммакка эрэ, киистэнэн уруһуйдуур. Улахан киһи курдук уруһуйдаан дьону сөхтөрөр. Ол курдук улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар уруһуй күрэстэригэр кыттан бириистээх миэстэлэри ылан, төрөппүттэрин, учууталларын үөрдэр. Сайнаараҕа үрдүк ситиһиилэри баҕарабын, өссө дьарыктанан, сайдан иһиэҕэ диэн эрэнэбин.

Сайнаара кэнники уруһуйа – индеец мөссүөнэ. Бу уруһуйу кыыс күһүҥҥү дьаарбаҥка тэрээһинигэр, кылааһынан атыылыыр миэстэлэрин индеец тиэмэлээх киэргэтиигэ анаан уруһуйдаабыт. Сайнаара Терентьева улааттаҕына худуоһунньук буолар баҕа санаалаах.

Мария АРГУНОВА