Бэйэтин историятын билбэт норуот кэрэгэй дьылҕалаах буолар диэн бэргэн этии баар. Хас биирдиибит бэйэбит төрдүбүтүн-ууспутун билэрбит, үѳрэтэрбит өбүгэлэрбит иннигэр ытык иэспит буолара саарбаҕа суох.
Балаҕан ыйын 9 күнүгэр И.С.Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолатыгар үүнэн-сайдан иһэр кэнчээри ыччакка улууспут дьоруойдарыгар аналлаах «Киэн тутта ааттыыбыт» диэн дьоҕус тэрээһин буолан ааста. Сэргэх сэһэннээх, кэрэ кэпсээннээх ыалдьыттарбытынан СӨ тыатын хаһаайыстыбатыгар кылаатын иһин» үрүҥ көмүс бэлиэ, В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээл, «Ветеринарнай сулууспа ветерана», «Гражданскай килбиэн» анал бэлиэ хаһаайыннара, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, «Мүрү саһарҕата» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ, нэһилиэк историятын билэр-көрөр, кэпсиир-ипсиир тумус туттар киһибит Гаврил Портнягин, нэһилиэк аҕа баһылыга Илья Ильин, нэһилиэк библиотекара Пелагея Парникова буоллулар.

Гаврил Гаврильевич улуус историятын сиһилии үөрэтэн, матырыйааллары булан, архыыптары хасыһан оҥорбут улахан үлэтин сиһилии иһитиннэрдэ. Ол курдук, хантан хааннаахпытын, кимтэн кииннээхпитин, өбүгэлэрбит сирдэрин-уоттарын, олохторун-дьаһахтарын, 500 үйэ анараа өттүгэр кимнээх олорон ааспыттарын, нэһилиэктэр, улуус тэриллиитин архыып докумуоннарыгар, норуот сэһэннэригэр, үһүйээннэргэ олоҕуран олус умсугутуулаахтык кэпсээтэ. Оччотооҕу үлэ-хамнас, олох-дьаһах киэҥник сырдатыллан, ол саҕанааҕы көлүөнэ ыарахан кэми хайдах курдук күүстээх санаалаах, тулуурдаах, дьулуурдаах буолан туораабыттарын, сүрдээх иллээхтик-эйэлээхтик олорбуттарын ахтан-санаан сырдатта. Илья Прокопьевич Бэрт Ууһун нэһилиэгин историятын сүүрбэ биирис үйэ бүгүҥҥү күнүгэр диэри кэпсээтэ. Нэһилиэк культурнай, духуобунай сайдыытын сырдатта. Аҕа дьоммут Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыытын, дойду огдолуйбут олоҕун чөлүгэр түһэриигэ ыарахаттары аахсыбакка үлэлээбитин туһунан иһитиннэрдэ. Пелагея Егоровна улуус историятын, 9 дьоруойдаах улуус буоларбыт туһунан киэн тутта кэпсээтэ.

Бүгүҥҥү тэрээһиммит сыалын толору ситтэ диэн бэлиэтиибит. Киэҥ саалаҕа мустубут оскуолабыт үлэһиттэрэ, 8-11 кылаас үөрэнээччилэрэ элбэҕи эбинэн, астынан-дуоһуйан тарҕастылар.

Нюргуяна Хорунова, Сыырдаах орто оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы.