“Кэрэ да дьон этилэр, учууталларым барахсаттар

Үйэлээх махталым Эйиэхэ,

Үөрэппит, уһуйбут киһиэхэ,

Инники сайдыыга сирдээҥҥин

Тирэҕи уурбуккар, Учуутал.”

                         Клара Троева

Биһиги, ааспыт ХХ үйэҕэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кэнниттэн, сэрии ыар содулун туораабыт Сэбиэскэй дойду сайдыыга баран эрэр кэмигэр төрөөбүт оҕолор, быйыл, 2024 сылга оскуоланы бүтэрбиппит үйэ аҥаара буолар. Сааһыран олорон санаатахха оччотооҕу оҕолор Сэбиэскэй былаас саамай дьоллоох кэмигэр төрөөн-үөскээн, үлэлээн-хамсаан, олорон кэлбит эбиппит. Баай-дьадаҥы, үрүҥ-кыһыл, уот сэрии, сут-сутурҕан, аччыктааһын диэни кинигэттэн ааҕан, киинэлэргэ көрөн, төрөппүттэрбит кэпсээннэриттэн билбиппит. Октябренок, пионер, комсомол – оскуолатааҕы сылларбыт арахсыспат аргыстара буолбуттара.

“Бэйдиҥэ орто оскуолата” диэтэхтэринэ түннүгүн анныгар үрдүк үөттэрдээх, халлааҥҥа харбаспыт уһун дьылыгырас харыйалардаах, кыра да тыалга тэлибирии түһэр сэбирдэхтээх хатыҥнаах үөрэммит, иитиллибит мас оскуолам күн күлүмүнэн чаҕылыйар сырдык кылаастара, уһун синньигэс көрүдүөрэ харахпар көстөн кэлэллэр. Саныыбын, кыһыҥҥы тымныыга муустаах хаарынан оскуола истиэнэтэ сыбанарын, сааскы күн түннүгүнэн сандаарыччы тыгарын, уолаттар күһүн-саас хаар бырахсарбытын, оскуолабыт киэҥ тэлгэһэтигэр кыргыттар “кылаастаан” тэйэллэрин, кырачааннар “иэс баайсан” туораахтана сырсалларын.

Хас биирдии киһи тус олоҕор оскуола сотуллубат, умнуллубат оҕо сааспыт сырдык өйдөбүлүн хаалларар. Үөрэммит сылларбыт тэйэн, ыраатан истэхтэрин аайы ордук кэрэтийэн, күндүтүйэн иһэллэр. Ол ахсын билиигэ-көрүүгэ сирдээбит, уһуйбут учууталларбытын, бииргэ үөрэммит оҕолорбутун истиҥ-иһирэх тылларынан санаан ылабыт.

Биһиги орто сүһүөх уонна улахан кылаастарга үөрэнэр сылларбытыгар элбэх дириэктэргэ түбэһэн үөрэммиппит. Ол курдук оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр, ытыктанар Николай Михайлович Колодезников, Гаврил Семенович Малгин, Афанасий Захарович Ильин, Алексей Сидорович Амбросьев үлэлээбиттэрэ. Бары даҕаны оскуола баазата хаҥыырын, үөрэнээччилэр, учууталлар сайдалларын туһугар ис сүрэхтэриттэн кыһаллалара. Ити кэмҥэ баай уопуттаах учууталлары: А.И.Местниковы, Ф.Е.Винокуровы, А.М.Колодезниковы, Н.М.Говоровы, И.И.Румянцевы, М.Е.Колодезникованы, А.Я.Колодезникованы сэргэ эдэр эрчимнээх, талааннаах, үлэлэригэр бэриниилээх М.Ф. уонна В.А.Соловьевтар, М.В.Охлопкова, Л.М.Егорова уо.д.а. үлэлээбиттэрэ. Оччотооҕу учууталлар бары да киэҥ билиилээх, киһи быһыытынан олус үчүгэй дьон этилэрэ.

Биһиги Саха АССР үтүөлээх учуутала Федот Егорович Винокуровка үөрэммит дьоллоохпут. Алын сүһүөххэ, хаһыс кылааска үөрэмиппин өйдөөбөппүн, Федот Егорович икки кылааһы тэҥинэн үөрэтэр этэ. Биһиэхэ саҥа тиэмэни быһааран баран, сорудах биэрэрэ. Ол сорудаҕы толорор кэммитигэр анараа кылааһы үөрэтэрэ. Оҕоттон чиҥ билиини ситиһэргэ, киһи быһыытынан үтүө майгылаах буоларын ситиһэ сатыыра. Мин 7 кылааска үөрэнэр сылбар интэринээккэ олорбутум. Онно Федот Егорович баспытаатал этэ. Интэринээт күннээҕи тутулун быһыытынан эбиэт кэнниттэн 14-тэн 16 чааска диэри бары улахан остуол тула олороммут уруок ааҕыыта буолара. Федот Егорович предмети барытын билэрэ сөхтөрөрө, барыбытыгар тэҥник сыһыаннаһан көмөлөһөрө.

Андрей Иванович Местников биһиэхэ биир эмиэ ураты миэстэни ылар. Кини нуучча тылын уонна литературатын үөрэппитэ. Кини саҥаны, кэскиллээҕи киллэрэр учуутал этэ. Үгүс сүпсүлгэнэ суох бэйэтэ сүүрэн-көтөн, булан-талан үлэлээн, оҥорон барара. Андрей Иванович бу айылҕаттан дьоҕура оскуолаҕа бэртээхэй түмэли тэрийбитигэр үчүгэйдик көстөр. Ону тэрийэригэр үгэһинэн сүрдээх айымньылахтык, эрдэттэн былааннаан, үөрэнээччилэри, учууталлары, уопсастыбаннаһы түмэ тардан үлэлээбитэ. Түмэл иһинэн кини салалтатынан араас куруһуоктар үлэлииллэрэ, экспедициялэр тэриллэн, араас мал-сал булуллан түмэл экспонаата хаҥаабыта. Сүрдээх сэдэх булумньулар бааллара хомойуох иһин, оскуола умайыытыгар суох буолбуттара. Маны таһынан Андрей Иванович байыаннай-патриотическай үлэнэн күүскэ дьарыктаммыта. Саас үөрэх дьылын түмүктүүр “Зарница” диэн оонньуу ыытыллара. Дьэ, манна оскуола үөрэнээччилэрин, учууталларын икки хамаандаҕа араараллара. Бөһүөлэк бүтүннүү, эдэрдиин-эмэнниин, аҕыйах хонукка бу оонньуунан олороро. Андрей Иванович биһиги кылааспыт салайааччытынан үлэлии сылдьан элбэхтик похуотка сырытыннарара. Биир похуотка Сыра алааска баҕана туруортарбыта. Ону биһиги кэлин “сэргэбит” диирбит. Оскуоланы бүтэрэн баран, ол сэргэбитигэр элбэхтик сылдьар, көрсүһэр сирбит буолбута.

Николай Михайлович Колодезников история курдук уустук предмети уутугар-хаарыгар киирэн, ордук Аҕа дойду сэриитин туһунан кэпсээтэҕинэ, ол уодаһын суостаах салгына биллэргэ дылы буолара. Кини уруоктарыгар өрүү чиҥник бэлэмнэнэн кэлэрэ, тугу кэпсиирин бэлиэтэммитин тута сылдьара. Сүрдээх ирдэбиллээх этэ, барыбытын историк оҥорор дьүккүөрдээҕэ. Николай Михайлович уруоктарыгар хайаан да барар тиэмэтигэр сөп түбэһэр картаны кыбынан киирэрэ.  Мин үөрэхпин бүтэрэн үлэһит буоламмын, Суотту орто оскуолатыгар үлэлээн баран, дойдубар, үөрэммит оскуолабар учууталбын Николай Михайловиһы кытта бииргэ үлэлээбитим. Ол сылларбар Николай Михайловичтан элбэххэ үөрэммитим, элбэҕи билбитим. Биир сайын учууталбын маҕаһыын таһыгар көрсө биэрдим. Ону-маны кэпсэтэн баран: ”Түөр уон сыл учууталлаатым, үлэлээн бүттүм”, — диэбитэ. Онно санаабытым: ”Хайдах түөрт уон сыл үлэлиэххэ сөбүй? Аата уһунун.”, — диэн. Уонна бэйэм учууталым улэлээбит сылын аһара түһэн учууталлаатым.

Никифор Михайлович Говоров төрөөбүт тылбыт сүөгэйин-сүмэтин иҥэрбитэ. Чиҥ-чаҥ куолаһынан, биир сыыс тыла суох уу сахалыы, уруоктарын оҕо өйдүүр гына ыытара. Үөрэх дьылын быһа уруоктарыттан бириэмэ ордорунан “Айыыта уонна Бойуот” диэн кэпсээни уустаан-ураннаан кэпсиирэ. Ону истээри оҕолор бары дьиэтээҕи үлэлэрин толорон, уруокка бэлэмнээх кэлэллэрэ. Кини ыытар уруоктарыгар ким да мэниктээбэт, уу-чуумпу буолара. Ол курдук оҕолор куттарын тутара. Бэйэтэ олус кэпсээннээх-ипсээннээх буолан, уолаттар арааһы ыйытаннар, уруок тиэмэтиттэн тэйитэн кэбиһэллэрэ. Онон уруок түргэнник бүтэн, сорохтор ыйытыллыбакка да хаалар түгэннэрэ баар буолара.

Анна Яковлевна Колодезникова үлэтигэр ураты кыһамньылааҕа. Кини уруокка куруутун туох эмит көрдөрөн үөрэтэр таблицалаах, ойуулаах буолара. Оҕолору интэриэһиргэтэр араас уопуттары, лабораторнай үлэлэри толоттороро. Анна Яковлевна ордук химическэй бэлиэлэри, формулалары, тэҥнэбиллэри, сорудахтары суоттааһыҥҥа суолта биэрэрэ. Ити барыта чиҥ билиилээх буоларбытыгар көмөлөһөрө. Анна Яковлевна сүрдээх холку майгылааҕа, оҕолору мөҕө-этэ сылдьыбат этэ. Уруогун биир тэҥ наҕыл куолаһынан быһаарара. Биһиги оскуолаҕа үөрэнэр сылларбытыгар Анна Яковлевналаах Арҕаа Өтөххө олорбуттара. Оскуолаҕа барыыга-кэлиигэ кини дьиэтиттэн, эбэтэр оскуолаттан тахсан баран эрэр буоллаҕына, толлон дуу, кыбыстан дуу ситэн ааспакка, кэнниттэн батыһан уһун күнү быһа айанныырбыт.

Матрена Егоровна Колодезникова нуучча тылын учуутала этэ. Түү былаатын  санныгар саба быраҕан тиэтэйэ-саарайа кылааска киирэрэ, уруогун ыыппытынан барара. Үгүс оҕолор кини сылаас, истиҥ сыһыанын, интэриэһинэй уруоктарын өйдүүллэр. Кими да ойуччу туппакка, барыбытыгар биир тэҥ сыһыаннааҕа. Оҕону иитии, үөрэтии Матрена Егоровна чахчы да анала эбит этэ. Литература уруогар айымньы дьоруойдарын киһи истэ олоруох курдук дьикти үчүгэйдик кэпсиирэ. Матрена Егоровна биһиги 9 кылааска үөрэнэр сылбытыгар кылаас салайааччытынан анаммыта. Кини биһиэхэ олус кыһаллара, перемена буоллар эрэ кылааска киирэн билсэрэ, туох наадалааҕын этэрэ, биирдиилээн сорудах биэрэрэ уонна ол туолуутун ирдиирэ. Өссө олус интэриэһинэй кылаас чаастарын ыытара. Кини онус кылааска тахсарбытыгар директоры үөрэх чааһыгар солбуйааччынан ананан, кылааһы салайыыттан тохтообута. Ол да буоллар биһигиттэн тэйбэтэҕэ. Оскуола кэннинээҕи олохпутугар биһиги үчүгэйбитигэр-куһаҕаммытыгар бииргэ, хара өлүөр диэри сылдьыбыта. Элбэхтик биһиги ситиһиилэрбитин оройуон, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар бэчээттэтэн сырдаппыта. Аны туран биһиги кылааһы “золотой выпуск” диэн киэн тутта ааттыыра.

Иннокентий Иванович Румянцев орто сүһүөх кылаастарга математиканы, черчениены, уруһуйу, үлэ уруоктарыгар үөрэппитэ. Кини төһө да учуутал үөрэҕэ суох буоллар, үөрэтэр предметтэрин курдары билэр айылҕаттан ураты дьоҕурдаах этэ. Хайдах эрэ оҕолору бэйэтин тула-түмэ тардар уратылааҕа. Куруутун элэккэй, сороҕор хаадьылаан-дьээбэлээн ылар, оҕо куттаммакка чугаһыыр киһитэ буолара.

Афанасий Михайлович Шепелев уруогун олус кыайа-хото тутан ыытара. Үөрэнээччи биир да мүнүүтэҕэ иллэҥ буолбат этэ. Оҕо төбөтүн үлэлэтэр, толкуйдуур усулуобуйаны тэрийэрэ. Дуоскаҕа суруйа-суруйа саҥа тиэмэни судургутук, өйдөнүмтүөтүк быһаарара. Кылааска үлэни түргэнник толорбут оҕолорго эбии сорудах биэрэн иһэрэ. Ирдэбиллээх, чиҥ сыаналаах этэ. Сыл баһыгар-атаҕар биир эмит оҕо мэниктээн наһаалаатаҕына, хараҕа уоттанан, уоһа чорбоҥноон олорор буолара. Ол эрээри, ити түгэннэргэ оҕону хомотор гына мөхпөт этэ.

Любовь Михайловна Егорова үөрэҕин саҥа бүтэрэн кэлбит быһыылааҕа, наһаа эдэр этэ, бэйэтигэр олус барсар гына таҥна сылдьара. Биһиэхэ үөһээ кылаастарга физика курдук уустук предмети үөрэппитэ. Сороҕор кини уруогар уолаттар атынынан дьарыктанар түгэннэрбит да баара эрээри, ону сэмэлээбэккэ, аралдьыйбакка уруогун ис сүрэҕиттэн аһыллан ыытара. Интэриэһинэй лабораторнай уруоктары оҕо өйдүүр гына олохтон холобурдуура. Арай биир оннук уруокка Любовь Михайловна тиэмэтин кэпсээн баран ыйытар: ”Айаннаан иһэр массыына үрдүгэр туран, үөһэ ыстанан баран ханна түһүөххүтүй?”, — диэн. Мин хап-сабар быһааран биэрдим. Онуоха кини хараҕа уоттана түһэн баран, ону физика сокуонугар сөп түбэһиннэрэн киэҥник быһааран баран: ”Коля, маладьыас. Биэс.”, — диэбитэ. Оскуолаҕа үөрэммитим устатыгар “5” сыананы син ылбытым буолуо эрээри, Любовь Михайловнаттан ылбыт биэспин билиҥээҥҥэ диэри умнубаппын.

Марфа Васильевна уонна Владимир Андреевич Соловьевтар үөрэхтэрин саҥа бүтэрэн, биһиги 9 кылааска үөрэнэр сылбытыгар кэлбиттэрэ. Марфа Васильевна  французскай тылы, Владимир Андреевич физкультураны, байыаннай уруоктары  үөрэппиттэрэ. Эчи эдэрдэрэ, кырасыабайдара, уруоктарын ыыталлара бу интэриэһинэйин. Сорох ардыгар студенныы сылдьыбыт кэмнэрин кэпсэтэн уруок бүппүтүн билбэккэ, ыйытыллыбакка хаалар да түгэннэр баар буолаллара. Марфа Васильевна күһүн үөрэх дьыла саҕаланыытыгар кылааска киирэн французскайдыы дорооболоһон, саҥаран барбытыгар, хаһан да омуктуу саҥаны истибэтэх оҕолор күлэн тоҕо барбыппытын өйдүүбүн. Бу дьиэ кэргэн Бэйдиҥэ оскуолатыгар биир үөрэх дьылын үлэлээн баран, атын сиргэ көспүттэрэ. Кинилэри үгүс оҕолор суохтаабыттара.

Биһиги орто уонна үөһээ кылаастарга үөрэнэр сылларбытыгар физкультура учууталлара уларыйа сылдьар кэмнэрэ түбэспитэ. Үгүс оҕо саамай сөбүлүүр уонна күүтүүлээх уруоктара буолара. Манна биһигини идэлэригэр бэриниилээх учууталлар Илья Саввич Шестаков, Василий Петрович Костромин, Владимир Андреевич Соловьев, Владимир Ильич Васильев үөрэппиттэрэ.

Сэттис дуу, ахсыс дуу кылааска үөрэнэ сырыттахпытына Илья Саввич үлэлии кэлбитэ. Кини гимнаст буолан илиитигэр хойуостан туран мас саалабытын хаста да эргийэрэ. Ону биһиги үтүктэн илиибитинэн хаама сатыырбыт. Маны таһынан кини остуол тенниһигэр маастарга кандидат этэ. Арай биирдэ куораттан теннис остуолун ылан аҕаллылар. Дьэ. кылабачыйан киһи хараҕа халтарыйар остуола этэ. Биһиги бөһүөлэкпитигэр бу бастакы буолуохтаах. Остуол аҕалыллаатын кытары теннис куруһуога тэрилиннэ. Куруһуокка хабыллыбакка хаалбыттар дьиэбитигэр аһыыр остуолбут ортотугар кинигэлэри туруортаан баран, эмиэ кинигэлэринэн ракетка оҥостон теннистии үөрэммиппит.

Төһө да үөрэх дьылын аайы уларыйа сырытталлар, бииртэн-биир  бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэр, үтүөкэннээх кылаас салайааччылара үлэлээбиттэрэ. Ол курдук Андрей Иванович Местников, Мария Васильевна Охлопкова, Матрена Егоровна Колодезникова, Людмила Васильевна Амбросьева.

Сэттис кылааска үөрэнэр сылбытыгар быстах кэмҥэ кылаас салайааччытынан Мария Васильевна үлэлээбитэ. Кини сытыары-сымнаҕас, киэҥ-холку майгылааҕа, хас биирдии оҕо хайдах майгылааҕын таба көрөн үлэлээбитэ. Сааскы уһун өрөбүллэргэ Мария Васильевна көҕүлээһининэн, тэрийиитинэн бары кылааһынан 11 биэрэстэ ыраах баар Өлүнньэхтээххэ хайыһарынан тиийэн, титиик уонна сайылык дьиэлэрин хаарын түһэрэн кэлбиппит. Онно кыһыны быһа тоҥ турбут дьиэҕэ көмүлүөк оһоҕун оттон, үөрэ-көтө кэпсэтэ-кэпсэтэ, ырыа бөҕөтүн ыллаан хоммуппут. Ол биһиги өйбүтүгэр биир саамай хатанан хаалбыт түгэммит буолар. Хас көрүстэхпит аайы оҕо сааспыт дьоллоох түгэнин куруутун ахтан ааһааччыбыт. Мария Васильевнаны кытары алтыспыппытыттан биһиги үөрэбит, астынабыт, киэҥ туттабыт уонна дьылҕабытыгар махтанабыт.

Онус кылааска тахсан, оскуоланы бүтэрэр сылбытыгар Людмила Васильевна уонна Алексей Сидорович Амбросьевтар үлэлии кэлбиттэрэ. Людмила Васильевна кылаас салайааччытынан, нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбитэ. Алексей Сидорович оскуола дириэктэрэ этэ.

Людмила Васильевна хап-хатыҥыр, наһаа кыраһыабай, муода сурунаалыттан түспүт курдук таҥнар, ирдэбиллээх, үөрэтэрэ да олус интэриэһинэй, өйдөтөр учуутал этэ. Кини уруоктарын наҕыллык, сэниэтэ суохтук саҥаран ыытара. Ол иһин кини саҥатын истээри уу-чуумпутук олорорбут. Людмила Васильевна чиҥ билиини биэрэр учуутал, наада буоллаҕына эрэллээх сүбэһит, үөрүүбүтүн-хомолтобутун тэҥҥэ үллэстэр кылааспыт салайааччыта буолбута. Ити сыл кылаастар икки ардыларынааҕы социалистическай куоталаһыыга кыайаммыт, сааскы уһун өрөбүлгэ Дьокуускай куоракка күүлэйдии барар чиэскэ тиксибиппит. Сорох-сорохтор куорат диэни көрбөтөх буолан, дьиэлэрэ улаханын, дьоно элбэҕин, суоллара ырааһын сөҕө көрбүппүтүн билигин да умнубаппыт. Людмила Васильевна барыбытын “кус оҕолорун” курдук батыһыннара сылдьан Дьокуускай куорат үөрэҕин тэрилтэлэригэр сырытыннарбыта.

Махтал буоллун үтүө доҕоттору бэлэхтээбит оскуолабытыгар, билиини-көрүүнү биэрбит, сырдыкка-кэрэҕэ уһуйбут, киһи-хара буолан тахсарбытыгар сыраларын биэрбит ытыктыыр учууталларбытыгар.

Николай Андросов, Бэйдиҥэ орто оскуолатын бастакы выпускнига