Сандал сааһы уруйдуу Дьахталлар аан дойдутааҕы күннэригэр быйылгы сылга тэриллибитэ 25 сылын бэлиэтиир улуустааҕы «Уһуктуу» литэрэтииринэй түмсүү (салайааччы Галина Аммосова) тутаах чилиэннэрэ, СӨ суруйааччыларын Сойууһугар киирбит бастыҥ хоһоонньут, прозаик, суруналыыс дьоммут хоһооннорун кэрэ бырааһынньыгынан аныыбыт.
Дьахтар дьолунан дьоллоохпун
Иннокентий Попов–Оҕуруоттаах, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ
Дьахтар сүрэҕин таайартан
Дьикти имэҥҥэ иэйэбин,
Дьол кымыһын иһэртэн
Дьоллоох-соргулаах буолабын.
Дьахтар хоһооҥҥо хоһуллан
Дууһа кистэлин ыллыыбын,
Дьиҥнээх тапталы билинэн
Доҕор оҥостон туойабын.
Дьахтар биһигэр иитиллэн
Дьалыҥ алгыһын ылабын,
Дьиэбит дьолуота саҕыллан
Дьолго уйдаран сылдьабын.
Дьахтар удьуору тэнитэн
Дьылҕа аналын салгыыбын,
Дьоллоох суолунан сирдэтэн
Дьоро күннэри түстүүбүн.
Дьоһун олоҕу тутуһан
Дьулуур сырдыгар тахсабын,
Далбар хотуннуун олорон
Дьахтар дьолунан дьоллоохпун.
Ахтылҕан
Ульяна Бурнашева–Уйана, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ
Ахтылҕан аргыстаах
Арыылаах алааспар
Айаннаан кэлиэҕим,
Аартыкпар тохтуоҕум.
Дойдум мүөт салгына
Дууһабын долгутуо,
Ийэлии истиҥник,
Иэйиинэн толоруо.
Аартыктан көстүөҕэ,
Таҥарам дьиэтэ,
Кууппала үөрбүттүү,
Күлүмнүү оонньуоҕа.
Ийэлээх аҕабын,
Санатыа төрүт дьиэм,
Түннүгэ уоттаныа,
Үөлэһэ кыым ыһыа.
Ийэм сылаас харахтара
Светлана Бурцева–Суугунай Чараана, Уус-Алданнааҕы оҕолорго аналлаах социальнай, реабилитациялыыр киин стационарнай салаатын сэбиэдиссэйэ, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ
Ийэм сылаас харахтара —
Таптал дириҥ чүөмпэлэрэ
Өрүүтүн имэрийэ көрөллөрө,
Кыра бэйэбин таптыыллара.
Ийэм сылаас харахтара —
Кыһамньы сырдык саҕахтара
Улаатар кэммэр үөрэтэллэрэ,
Сороҕор кытаатан кэлэллэрэ.
Ийэм сылаас харахтара —
Кэскил кэрэчээн киэргэллэрэ
Инникибин түстүү түбүгүрэллэрэ,
Олохпун оҥоро сүпсүгүрэллэрэ.
Ийэм сылаас харахтара —
Олоҕум арахсыспат аргыстара
Өрүүтүн үөһэттэн көрөллөр,
Сирдьит буола сырдыыллар.
Олох кэрэһитэ
Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына, улуустааҕы «Дуораан» араадьыйа ыытааччыта, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ
Дьахтар айылҕата сүдү,
Киниэхэ тэҥнииллэр күнү,
Иэримэ дьиэни иччилиир,
Дьиэ кэргэни ыалы иилиир.
Тапталынан угуттуур,
Санаатын тумустуур,
Аҕа-ийэ буолбуттарын туоһулуур,
Оҕо-ыччат аналын дьоһуннуур.
Кыыс саха омук кэскилэ,
Кини симэҕэ кэрэтэ,
Дьахтар – күн ийэ, эбэ
Улуу олох кэрэһитэ.
Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.