Кэрэ аҥаардарга хаастарын оҥорор өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы уонна соҕотох эр киһи – биир дойдулаахпыт Конон Габышев буолар.
Конон Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын 9-с кылааһын бүтэрээт, Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа үөрэммит. Уруһуйдьут уол кэнники сылларга татуировка оҥорору интэриэһиргээн, үс сыл тату оҥорорунан дьарыктаммыт.
Дойдутугар Бороҕоҥҥо «Палладиум» атыы-эргиэн киинигэр хос ылан тату-салон арыйан үлэлээбитэ иккис сыла буолла. Татуировка оҥорбут үлэтэ номнуо 600-тэн тахсыбыт. Бэйэтэ сахалыы эскизтэри толкуйдаан уруһуйдуур буолан, дьон сэҥээриитин ылар.
Онтон аны уруһуйдьут үөрэхтээх татуировщик Арассыыйаҕа тиийэ биллэр ааттаах перманентнай макияж топ-маастара Тая Перфектоваҕа үөрэнэн, “Аппаратные волоски” диэн хаас оҥорор тиэхиньикэни баһылаан үлэтин саҕалаата.
Түөрт оҕолоох дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Конон Габышев үлэтин туһунан бу курдук кэпсиир:
– Бу ньыма уратыта диэн, киһи бэйэтин хааһын курдук татуировкалыыр машинканан оҥоробун. Дьиҥнээх бэйэтин киэнин курдук көстөр буолар. Билигин үгүс маастар «напыление» ньыманан хааһы оҥорор эбит буоллахтарына, «Аппаратные волоски» ньыманан Саха сиригэр да, Арассыыйаҕа да үчүгэйдик баһылаан оҥорор маастар аҕыйах. Бу ньыма саамай табыгастаах уонна тоҕоостоох диэн ааттанар буолла.
Мин саҥа саҥалаан эрэбин. Дьон ыйыталаһан, интэриэһиргээн эрэр. Миигин cоциальнай ситимҥэ @Tyskyl_tattoo_2020 диэнинэн билэллэр, онно киирэн үлэлэрбин көрүөххүтүн сөп.
Конон бу тиэхиньикэни толору баһылаан топ-маастар буолар баҕа санаалаах. Бэлиэтээн эттэххэ, анал байыаннай дьайыыга Саха сириттэн кытта сылдьар эр хоһууттарбыт Конон Габышев оҥорбут эскиһин бэлиэ (шеврон) оҥостубуттара.
Мария Аргунова