Бүгүн Лөгөй нэһилиэгин Кэптэни бөһүөлэгэр «Көмүс күһүн бэлэҕэ» диэн бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста.
Тэрээһини «Лөгөй оҕуруотчуттара» (сал. Надежда Бурнашева), «Өбүгэ аһа» (сал. Майя Дьяконова) түмсүүлэр, «Саһарҕа» түөлбэ (сал. Сардаана Бурнашева) уонна Петр Оготоев аатынан сынньалаҥ киинэ, нэһилиэк дьаһалтата тэрийдилэр.
Биир долгутуулаах түгэнинэн «Лөгөй оҕуруотчуттара» түмсүү нэһилиэк олохтоохторугар сайыҥҥы кэмҥэ тэлгэһэ көрүүтүгэр ыыппыт күрэһин түмүгүн таһаарыыта буолла. Манна бастыҥ оҕуруот, сад, сибэкки, сынньанар сир диэн түөрт көрүҥҥэ барыта 13 киһи кыттыбыта бэлиэтэннэ.
Нэһилиэк көстүүтүн тупсарар, оҕуруотчуттары көҕүлүүр сыаллаах күрэһи «Сардаана», «Семья» маҕаһыыннар, «Саһарҕа» түөлбэ, сынньалаҥ киинэ, нэһилик дьаһалтата, «Лөгөй» эр дьон түмсүүлэриттэн Анатолий Бурнашев, Петр Перевалов, Захар Колодезников, биир дойдулаахтара Мария Аманатова, суруналыыс Наталья Кычкина спонсордаан кыайыылаахтар сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар. Көмүс күһүн бырааһынньыгар сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ саамай бөдөҥ оҕуруот аһыгар, күһүҥҥү композицияҕа, оҕолорго анаан күһүнү дьүһүйэр авангард көстүүмҥэ, түөлбэлэргэ биллэриллибит фотозона күрэһин бэрт сэргэхтик тэрийэн ыыттылар. Быйыл «Саһарҕа» түөлбэ граҥҥа кыттан ылбыт сыаналаах бириистэринэн күрэс кыайыылаахтарын күндүлээн сүргэни көтөхтүлэр. Бу күн анаан куораттан аҕалан тиэргэҥҥэ үүннэриэххэ сөптөөх мастары атыылаатылар, «Өбүгэ аһа» түмсүү эр дьоно кус миининэн кырдьаҕастары маанылаатылар, ону кытта «Лөгөй оҕуруотчуттара» түмсүү биллэрбит «Корзина добра» аахсыйатыгар барыта 37 оҕуруотчут кыттан кырдьаҕас, доруобуйатынан хааччахтаах дьоҥҥо, соҕотох олорор эр дьоҥҥо уонна анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьааччылар дьонноругар түөрт ыалга барыанньа, кэнсиэрбэ арааһын бэлэх ууннулар.
Кэптэнилэр сэргэх куонкурстарга кыттан, түөрт түөлбэ оҥорбут күһүҥҥү фотозонаҕа хаартыскаҕа түһэн, сыаналаах бириистэри, бэлэхтэри тутан илии тутуурдаах, өттүк харалаах күһүҥҥү киһилии күлэн-үөрэн тарҕастылар.
Мария Аргунова