Көмө аахсыйаны салгыырга култуура үлэһиттэрин ыҥыраллар

Уус Алдан улууһун үөрэҕин үлэһиттэрин идэлээх сойуустара «Мүрү саһарҕата» улуус хаһыата ыытар «Уйан сүрэх» аахсыйатыгар ыҥырыытын ылынан, Кэптэни бөһүөлэгэр олорор элбэх оҕолоох соҕотох ийэ Клавдия Прядезниковаҕа, идэлээх сойуустар анаан ыытар «Фронтовая соточка» аахсыйаларынан көмө оҥорбуттара.

Ол курдук үөрэх үлэһиттэрин 26 маҥнайгы сүһүөх идэлээх сойуустарын тэрилтэлэрэ бэйэлэрин көмөлөрүн ыытаннар, хомуллубут үп 78 тыһыынча кэриҥэ буолбута. Манна даҕатан эттэххэ, бу иннинэ маннык аахсыйаны ыытан анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьоммут дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥорбуттара.

– Улуус үөрэҕин үлэһиттэрин идэ­лээх со­йуустарын түмсүүлэрэ улууска ыытыллар ханнык да тэрээһиннэртэн туора турбакка, үтүө санаа, өйөбүл аахсыйаларга, биир дойдулаахтарын туһугар түмсүүлээхтэрин көрдөрөллөр.

Түгэнинэн туһанан, бары тэрээһиннэргэ күүс-көмө буолар бары үлэһиттэрбитигэр, идэлээх сойуус кэмитиэттэригэр улахан махталбытын тиэрдэбит. Салгыы аахсыйаны улуустааҕы култуура үлэһиттэригэр салайабыт, –

 

диэн улуустааҕы үөрэх үлэһиттэрин идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлэ Анна Попова иһитиннэрбитэ.