Кэллиэксийэньиэр күнүгэр сөп түбэһиннэрэн Чурапчыга кэллиэксийэньиэрдэр улуустааҕы «Маарыкчаан» түмсүүлэрэ (сал. Надежда Захарова) тэрийиитинэн Уус Алдан улууһун «Умсулҕан» түмсүүттэн бэрэссэдээтэли солбуйааччы Анна Федорова салайааччылаах 10 киһилээх бөлөх баран ыалдьыттаан, быыстапка туруоран, экспонаттары атастаһан, санаа үллэстэн, улуус үс түмэлигэр сылдьан кэллибит.
Чурапчыттан «Маарыкчаан » түмсүү чилиэннэрэ уонна Кытаанахтан түөрт кэлэксийэньиэр кэлэн ааҕар балаҕан диэн аатынан биллэр бибилэтиэкэ дьиэтигэр бэрт истиҥник көрсөн билсиһэн тарҕастыбыт.
Чурапчыга успуорт уонна А.А. Саввин аатынан улуустааҕы история, этнография, Хатылыга көһөрүллүү музейдарыгар сылдьан үгүһү биллибит. Улуу тириэньэр Д.П. Коркин үлэтин, олоҕун, саха чулуу тустууктарын туһунан музей дириэктэрэ, СӨ физическэй култуураҕа, успуорка үтүөлээх үлэһитэ, Д.П. Коркин аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Егор Пудов дириҥ ис хоһоонноох бэсиэдэтин сэргии иһиттибит. Аҕыс кырыылаах музей дьиэтин кытта кэккэлэһэ турар Д.П. Коркин олорбут дьиэтигэр тахсан хостору кэрийэ сылдьан үгүс экспонаттары көрдүбүт, кини олорон ааспыт олоҕор хайа эрэ өттүнэн алтыһан ааспыт курдук сананныбыт.
Хатылыга баар көһөрүллүү музейыгар күн бүгүн музей соҕотох үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна Марфа Чичигинарова Д.П. Чечебутов салалтатынан оскуола үөрэнээччилэрин кыттыыларынан тэриллибит музей билигин хайдах үлэлии-хамныы турарын билиһиннэрдэ. Сэрии сылларыгар Чурапчы оройуонун 41 холкуоһуттан хоту көһөрүллүүгэ барбыт дьон ыар дьылҕатын докумуоннарга, ахтыыларга олоҕуран хайдах баарынан олус хомоҕой тылынан кэпсээбитин долгуйа иһиттибит. Марфа Владимировна 2021 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ «Сыл бастыҥ экскурсовода» ааты ылбыта мээнэҕэ буолбатаҕын итэҕэйдибит. Сыл устата 4 тыһ. тахса дьоҥҥо музейы билиһиннэрэ, хоту көһөрүллүүнү кэпсии, үйэтитэ сылдьар үлэһит бэрдэ киһи эбит.
А.А. Саввин аатынан история уонна этнография музейа сэдэх экспонааттарынан сөхтөрдө. Саалалары кэрийэ сылдьан түҥ былыргыттан саҕалаан улуус историятын, олоҕун-дьаһаҕын кытта, кылгас да кэмҥэ буоллар, билсистибит.
Бу айаммытыгар күүс-көмө буолбут улуустааҕы дьахталлар кэмитиэтигэр, Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатыгар, оҕо бибилэтиэкэтигэр, сымнаҕастык айаннатан илдьэ сылдьыбыт суоппарбытыгар Семен Бурцевка махтанабыт.
Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.