Алтынньы 19 күнүгэр Тумул бөһүөлэгин «Түмсүү» сынньалаҥ киинигэр Мүрү нэһилиэгин «Умсулҕан» уонна Бороҕон нэһилиэгин кэллиэксийэһиттэрин Үлэ сылыгар аналлаах «Айхаллан, үлэ!» көрсүһүүлэрэ буолан ааста. «Умсулҕан» түмсүүттэн 11 уонна Тумултан биирдиилээн 8 кэллиэксийэһит быыстапкаҕа кыттан, бииртэн биир интэриэһинэй, эгэлгэ малларын остуоллары тилийэ тардан көрдөрдүлэр.
Тумултан пед.үлэ бэтэрээннэрэ Матрена Новоприезжая айылҕа тааһыттан киэргэл, Зоя Алексеева кыра халандаар, маарка, Татьяна Габышева сувенир луоска, үлэ бэтэрээннэрэ Тимофей Алексеев банаар, күлүүс, Акулина Охлопкова таас сувенир, Татьяна Ксенофонтова кыра чаанньык, доруобуйатынан хааччахтаах Евдокия Тютрина статуэтка, брошь, магниттаах ойуу, уһуйаан асчыта Галина Алексеева маарка, наклейка, статуэтка мунньуулара кэрэхсэбили ыллылар. Маннык дьикти дьарык дьаныартан, сыраттан, үлэттэн тахсар. Олохторугар үлэни өрө туппут дьон хайа да сааска олоххо ураты тардыһыыларын көрдөрөллөр.
Көрсүһүүнү быһаччы тэрийсибит, сүүрбүт-көппүт олохтоох бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Светлана Прудецкая уонна «Умсулҕан» түмсүү бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анна Федорова быыстапканы арыйыыга истиҥ эҕэрдэ тыллары кыттааччыларга анаатылар. Тумул орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ алын кылаастан саҕалаан учууталларын кытта кэлэн быыстапканы интэриэһиргээн көрдүлэр. Эбиэт кэмигэр «Үһүс саас» түмсүү (салайааччы Светлана Прудецкая) тардыбыт минньигэс астаах сандалыларын тула олорон санаа атастаһыыта буолла. Эбиэттэн киэһэ «Умсулҕантан» пед.үлэ бэтэрээнэ Татьяна Алексеева ыыппыт маастар кылааһыгар оскуола оҕолоро, улахан дьон мунньуунан дьарыкка туһалаах сүбэлэри ыллылар, кэллиэксийэтин билиһиннэриитин болҕойон иһиттилэр.
Нэһилиэк музейыгар бэйэтин тус баҕатынан үлэлии, музейы саҥаттан-саҥа экспонаатынан хаҥата сылдьар пед. үлэ бэтэрээнэ Акулина Сокольникова Бороҕон нэһилиэгин уруккутун, чулуу дьонун билиһиннэрдэ. Салгыы олус кэрэ оҥоһуулаах Арчы дьиэтин сөҕө көрдүбүт. Түмүккэ модельнай бибилитиэкэ аатын 2011 с. ылбыт А.Р. Халдеева аатынан олохтоох бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ, СӨ култууратын туйгуна, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо Светлана Прудецкая бибилэтиэкэ историятын, үлэ дьонун сиһилии билиһиннэрдэ. Көрсүһүүгэ суолта биэрэн Бороҕон нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Марсен Протопопов тэрээһин саҕаланыаҕыттан бүтүөр дылы сылдьыбытын биһирии көрдүбүт. Нэһилиэк баһылыга Василий Алексеев аатыттан махтал суругу хас биирдиибитигэр туттарыыта үөрүүнү эптэ.
Наҕыллык, чуумпутук түһэр маҥан хаар кыыдамын аннынан айан суолун туттубут, көрсүһүү тэрээһиннээхтик, сылаастык ааһан барыбытыгар үөрүүнү сахта, саҥа санаалары укта. Аартык арылынна. Аны сайаҕас дьонноох- сэргэлээх тумуллары улуустааҕы тэрээһиннэргэ эрэнэ күүтэбит.
Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.