Кэллиэксийэһиттэр Мэҥэ Хаҥалас Тумулугар ыалдьыттаатыбыт

Хотун Төҥүлү алааһы өҥөйө сытар Тумул бөһүөлэгэ Доллу нэһилиэгин киинэ, нэһилиэнньэтин ахсаана 850-чэ киһи. Доллу нэһилиэгэ улуус биир кырдьаҕас уонна баай историялаах нэһилиэгэ буолар. Эллэй сиэнэ, уолун Орулаа Талгый уола Мэҥэбил диэн киһи бу сиргэ кэлэн олохсуйбут, элбэх оҕону төрөппүт. Төҥүлгэ Ойуун диэн ааттаах киһи 12 оҕону төрөтөн Мэҥэ улууһун төрүттээбиттэр. Ол туһунан 2010 с. бэчээттэнэн тахсыбыт Доллу нэһилиэгин туһунан кинигэ аан тылыгар суруллубут.

Доллулар Бойобуой Кыһыл Знамя, Кыһыл Сулус уордьаннар кавалера, аатырбыт күүстээх киһи, чекист Г.Р. Десяткин, Социалистическай Үлэ Геройа Т.Г. Десяткин, ССРС норуодунай артыыһа Д.Ф. Ходулов, СӨ үтүөлээх артыыһа С.Н. Сивцев-Доллу, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуодунай артыыһа Г.Н. Шахурдина, биллэр сүүрүк Татьяна Жиркова, харбааһыҥҥа Пекиннээҕи паралимпийскэй олимпиада үрүҥ көмүс призера Анастасия Диодорова ааттарынан киэн тутталлар. «Тумул» СХПК (бэрэссэдээтэл Таисия Десяткина) өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр биир бөдөҥ хаһаайыстыба, сүөһү иитиитигэр, бурдукка базовай хаһаайыстыба буолар.

Маннык үлэһит дьонноох Доллу нэһилиэгэр күлүмүрдүү оонньуур балаҕан ыйын бүтэһик күнүгэр кэллиэксийэһиттэр «Алыптаах» түмсүүлэрэ тэриллибитэ биэс сылын бэлиэтээһин тэрээһиннээхтик буолан ааста. Дьокуускай куораттан, ыраах Ньурба, Кэбээйи, ону тэҥэ илин эҥээрдэртэн Амма, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас нэһилиэктэриттэн, Уус Алдан Бороҕонуттан, Сыырдааҕыттан, Тумулуттан барыта 55 кэллиэксийэһиттэр мустаннар, күн бастакы аҥаарыгар успуорт саалатыгар кэллиэксийэлэрин дьон көрүүтүгэр туруордулар, атыы-тутуу, атастаһыы манна буолла. Кыраны да эбии булан, ону тэҥэ атыылаан үөрбүт-көппүт үксээтэ. «Умсулҕан» түмсүүттэн кыттыыны ылбыт түмсүү салайааччыта Станислав Луковцев, биллибэт көтөр эттиктэр туһунан мунньар Иннокентий Крылов кэллиэксийэлэрин көрбүт дьон биһирээтэ. Татьяна Алексеева, Галина Дегтярева, Иван Сивцев, Анна Федорова, Марианна Борисова, Матрена Москвитина, Тумултан Тимофей Алексеев, Сыырдаахтан «Утум» түмсүүттэн биэс кэллиэксийэһит дьоһуннук кытыннылар.

Тус бэйэм Амма Болугуруттан 10 оҕолоох Герой ийэ Татьяна Саввина зажигалкаларын, Сыырдаахтан Валентина Бурцева матрешкаларын, Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайыттан Валентина Соломонова ааспыт кэм иһиттэрин кэрэхсээн көрдүм. Төҥүлүттэн «Абылаҥ» түмсүүнү 27 сыл устата салайар Екатерина Михайлова 500 устуука духуу флакона, 700 устуука брошь киэргэл мунньуулааҕын сөҕө иһиттим.

Эбиэттэн киэһэ успуорт саалатын кытта кэккэлэһэ турар С.Н. Сивцев-Доллу аатынан култуура киинигэр тахсан «Алыптаах» түмсүү 5 сылын бэлиэтээһин үөрүүлээх чааһа ыытылынна. Бу түмсүүнү уруккута култуура үлэһитэ, билигин урбаанньыт, нэһилиэк актыбыыһа Анна Корякина салайан үлэлэтэр. Нэһилиэк баһылыга Николай Сивцев Анна Ильиничнаҕа СӨ эргиэн-промышленность палаататын салайааччыта Марина Богословская аатыттан «Урбаан эйгэтигэр үтүөтүн иһин» бэлиэни, «Алыптаах» түмсүү чилиэннэригэр түмсүү биэс сылынан анаан оҥоһуллубут бэлиэни туттарда. Кинилэр ортолоругар Төҥүлү орто оскуолатын 2-с кылааһын үөрэнээччитэ, киндер оонньуурдары мунньар Андрей Баишев баара үөртэ.

Ол кэннэ бэйэтин «Нал» кафетыгар ретро музейы тэрийбит урбаанньыт Иван Борисов, куораттан Эльвира Семенова — Сэргэ кыыһа Тускулаана, Амматтан «Эгэлгэ» түмсүүттэн Лариса Унарова, Кэбээйиттэн Александра Сивцева, Таатта Ытык Күөлүттэн «Талба» түмсүүттэн Зоя Санникова, о.д.а. дьүрүскэн ырыа доҕуһуоллаах эҕэрдэ эгэлгэтин анаатылар. Үөрүүлээх чаас өйдүү- саныы сылдьарга уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ. Биир күннээҕи үлэ сыалын ситтэ, кэлбит ыалдьыттар билсиһэн, уопут ылынан астынан дойдуларын суолун туттулар.

Кэлэ-бара сымнаҕас айаны тэрийбит, уолбут курдук саныыр такси суоппарыгар Семен Бурцевка айанньыттар ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит.

Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп. 

Читайте дальше