Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо Иван Васильев 2009 сылтан бэйэ дьыалатын тэринэн пилораманы үлэлэтэр.
Бастаан утаа тутууга аналлаах улахан мастары (инчэҕэй) оҥорбут эбит буоллахтарына, билигин оборудованиетын сайыннаран, аныгылыы технологиянан оҥорон таһаарар кыаҕа улаатта. Ол курдук быйыл, анал улахан сыах туттан кыһыннары үлэлиир кыахтаннылар.
Урбаанньыт биир үөрүүтүнэн маһы куурдар оборудование ылыннылар. Бу тэрил салгына суох вакуум оҥорон, маһы ыган, хайа, эрийэ барбат усулуобуйаны тэрийэн маһы түргэнник куурдар соруктаах үлэлиир. Ол курдук бэс маһы биир суукканан, тиити икки-үс күнүнэн куурдан таһаарар. Онон тута ылаат уһанарга бэлэм мас буолар.
Ону таһынан, хаачыстыбалаах хаптаһыны оҥорон таһаарар диискэлээх станок уонна евровагонка, шпунт оҥорор станоктаннылар. Нэһилиэнньэ бэйэтин хаптаһынын аҕалан шпунт, евровагонка оҥотторуон эмиэ сөп буолар.
Иван Кузьмич биир суоппардаах, биир тырахтарыыстаах, пилорамаҕа икки үлэһиттээх уонна бэйэтэ – онон бэһиэ буолан үлэлииллэр, инникитин илин эҥээр улуустары барытын хабар баҕа санаалаахтар.
Мария Аргунова