Поэт Савва Тарасов: «Үтүө киһи барахсан үөлэһэ кыымнаах, үйэ да ааһан баран өрүү ыҥырардаах» диэн эппитин курдук, биһиги, аймах-билэ дьоно, Иван Николаевич Жирков аатын тула түмсэн үтүө киһи аатын үйэтитээри, кэнэҕэски ыччакка тириэрдээри, удьуор ситимин салҕаары, кырдьаҕас эдьиийбит, педагогическай үлэ ветерана Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо Анна Николаевна Жиркова ыраас ыра санаатын өйөөн, И.Н. Жирков аатынан сылын аайы кини төрөөбүт күнүгэр, муус устар 22-гэр, 2007 сыллаахтан бэйэбит стипендия олохтообуппут уонна туттарабыт. Ытык кырдьаҕас 100 сааһыгар тиийэн «Үйэ саас» анал бэлиэлээх эдьиийбит сырдык кэриэһин толорон бу үлэбитин салгыыбыт…
Бүгүн Дүпсүн орто оскуолата биир дойдулаахтарын И.Н. Жирков үрдүк аатын чиэстээхтик сүгэн, эдэр ыччаты сырдыкка уһуйа, ыҥыра турар.
Быйыл Иван Николаевич Жирков аатынан стипендияны Дүпсүн орто оскуолатын учууталыгар, СР үөрэҕириитин туйгунугар, РФ үөрэҕин эйгэтигэр бочуоттаах үлэһитигэр Ольга Протопоповаҕа туттардыбыт. Киһи олоххо тугу оҥорбутунан, айбытынан, дьон биһирэбилин ылбытынан сыаналанар. Ити сүрэх дьулуурунан, үтүө үлэнэн ситиһиллэр. Ольга Федоровна оскуола оҕолорун Санкт-Петербурга Россиятааҕы НПК-ҕа илдьэ сылдьан баран, кэлэн истэҕинэ тоһуйан Дьокуускайга стипендиябытын, сертификатын СР Национальнай библиотекатыгар үөрүүлээх быһыыга туттардыбыт.
Национальнай библиотека үлэһитэ, дьүөгэтэ Людмила Ан-Чауечи тыл этэригэр маннык бэлиэтээтэ:
– Хас биирдии киһи, мин санаабар, оҕо сааһыгар, ааспыт олоҕор санаатынан төннө турар буолар. Бу кэмҥэ ордук дьэҥкэтик өйдүүгүн, хайдах дьону кытары алтыспыккын, ким эн дьылҕаҕар суолу-ииһи хаалларбытын. Олялыын оскуолаттан саҕалаан педагогическай училище кыһатыгар иитиллэн, айымньылаах, тахсыылаах педагогическай ыллык устун отут биэс сыл устата бииргэ сүбэлэһэн, көмөлөсүһэн кэлбиппит наһаа үөрүүлээх. Дьүөгэм Ольга Федоровна улууска биир тарбахха баттанар, идэтигэр ис сурэҕиттэн бэриниилээхтик үлэлиир учуутал, педагог буолар. Кини 35 сыл устата оҕолору үөрэтиигэ уонна иитиигэ дьаныардаахтык үлэлээтэ. Кини уруоктара уонна дьарыктара гражданскай обществоҕа, сиэр-майгы уонна патриотизм иитиллиитигэр туһаайыллан ыытыллаллар. Ураты чаҕылхайдык, үлэтин биир сүнньүнэн оҕолору урукку олоҕу ытыктыырга, сыаналыырга, билиҥҥи олоҕу өйдүүргэ, инникигэ эрэли үөскэтэр хайысханан тэриллэр. Ольга Федоровна – айымньылаах үлэлээх учуутал. Саҥа үйэ иитээччитэ саҥалыы өйдөөх-санаалаах. Оҕо өйө-санаата арыллан сайдар эйгэтин сатаан тэрийэр, оҕону кытта сөптөөх сыһыаны олохтуур, аһаҕастык кэпсэтэр, сүбэлиир, оҕо ис туругун билэр. Кини чинчийээччи иитээччи буолан үөрэнээччилэрин кэтээн көрөн, чэпчэкитик үөрэнэр эйгэлэрин тэрийэр, үөрэтии саҥа технологияларын оҕо доруобуйатыгар охсуута суох буоларын ситиһэр. Мин дьүөгэм – бастыҥ учуутал. Чаҕылхай ситиһиилэрдээх, бастыҥ үөрэнээччилэрдээх, айымньылаах үлэлээх дьүөгэбинэн киэн туттабын.
Ольга Федоровна үлэтигэр айымньылааҕын «Музейная педагогика» (2004с.), «Музей и школа единое образовательное и воспитательное пространство», «Төрөөбүт дойдубар тапталым» (2022с.) программалара, эбии үөрэхтээһин концепцията, В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан оҕо технопаркатын киинин бырайыагын, «РОСТ», «Сундучок знаний «Космос»», «Как здорово, что все мы здесь, сегодня собрались!» курдук үөрэтии уонна иитии программаларын соавторынан уонна автордарынан буолара туоһулуур.
2013 сылтан Ольга Федоровна Жирковтар биир киэҥ туттар киһибит, аймахпыт Иван Жирков тэрийбит Космонавтика уонна авиация оскуолатааҕы музейы салайсар уонна «Көтүү» куруһуок салайааччыта.
Дүпсүн оскуолатын үөрэнээччилэрин ситиһиилэрэ, араас тэрээһиннэргэ үрдүк таһымнаахтык кытталлар киһини үөрдэр: «Көтүү» куруһуок иитиллээччилэрэ 2018 сылтан 2024 сылга диэри араас таһымнаах 65 конкурстарга кытыннылар: олортон 2 – аан дойдутааҕы, 25 – бүтүн Россиятааҕы, 32– республикатааҕы, 1м.-37, 2м. -25, 3м.– 20, 4м- 13. Космонавтика уонна авиация музейын активын хамаандата «Dypsyn.ru» — кыайыылаах (2020 сыл), ««Наследники Dypsyn» (2021с.) призер. Россиятааҕы «Смотри, это Россия!» видеокроссиҥҥа «ЭДЮМА» хамаанда номинант буолары ситиспиттэрэ.
Музей иитиллээччилэрэ Эрсан Соловьев уонна Мичил Сивцев аан дойду норуоттарын икки ардыларынааҕы интеллектуальнай оонньууга журналист уонна оператор быһыытынан кыттыбыттара. 2023 сыллаахха оскуола «Кэскил» медиа-оскуола «Саас» бырайыагар улууска биэс оскуолатын ситимигэр киирбитэ. Бастыҥ юнкордар, куруһуок иитиллээччилэрэ, Нарыйаана Нестерова уонна Айсилена Соловьева республика үөрэнээччилэрин спартакиадатын кэмигэр бадминдон күрэҕин күүскэ сырдаппыттара, олус эппиэтинэстээхтик үлэлээбиттэрэ. Саша Нестерова «Муус устар- 2024» республикатааҕы ыччат фестивалын финалистката «Бастыҥ гид-экскурсовод» номинацияҕа 23 кыттааччыттан финалга киирэн Өлүөнэ очуостарыгар путевканан наҕараадаланна. Валерия уонна Виктория Сивцевалар үһүс сылын космонавтар астарын чинчийэллэр, үөрэтэллэр. Быйылгы үөрэх сылыгар Санкт-Петербург куоракка ыытыллыбыт XI научнай-инновационнай «Открой в себе ученого» конференцияҕа «Сублимированная еда для космонавтов» үлэлэрин көмүскээн 2-с миэстэни ылары ситистилэр. Ону таһынан С.П. Королев аатынан межрегиональнай ааҕыларга кыайыылааҕынан тахсан хамыыһыйа быһаарыытынан үлэлэрэ биэс бастыҥ бырайыак иһигэр киирэн МКС-ҕа бастыҥнар уонна регионнар икки ардыларынааҕы экспертнэй хамыыһыйа быһаарыытынан барбыта (2024 с.)
Ольга Федоровна бэйэтин педмаастарыстыбатын таһымын үрдэтэр, ол курдук 2019 с. «В. В. Никифоров уонна арт-кафе «Бродячая собака», Санкт-Петербурга; бүтүн Россиятааҕы нэдиэлэҕэ СӨ Космонавтика уонна авиация систиэмэтигэр уһуйуллар «Nauka 0+» наука бүтүн Россиятааҕы фестивалыгар кыттыылара, «Тотал ик в педагогической деятельности» Бүтүн Россиятааҕы тестирование кыайыылааҕа (2019с.), «Тотал Тест Май 2020» Бүтүн Россиятааҕы педагогическай ааҕыы кыайыылааҕа, «Космонавтика уонна авиация в системе патриотического воспитания обучащихся» (2020с), «Иитии сүнньэ – норуот үтүө үгэһэ» НПК кыайыылааҕа, «Отчизне посвятим» респцубликатааҕы НПК-ҕа 3-с степеннээх дипломунан бэлиэтэммитэ, 2021с.
Үлэтин ис хоһоонун тарҕатан ыстатыйалара бэчээккэ тахсыбыттара: «Инновационная образовательная практика: военно-патриотическое воспитание и читательская культура» (2017), «Солнечный свет» международнай сетевой таһаарыыга (2020), 2021с. Россиятааҕы «Педжурнал» «Дополнительное образование детей» анал таһаарыытыгар бэчээттэммитэ, «Зажечь ребячьи сердца» республиканскай фестиваль анал таһаарыытыгар, К.Э.Циолковскай аатынан космонавтика РА хомуурунньугар «Теоретические и практические аспекты космической деятельности в РС(Я)» 2022с. бэчээттэммитэ, «Якутия» хаһыакка «Через тернии к звездам» ыстатыйата, «Забота» хаһыакка «24-летний нарком Иван Жирков» ыстатыйата тахсыбыттара. Бу курдук үлэ түмүгэ үгүс дьон ааҕыытыгар тахсан Ольга Федоровна үлэтин опыта тарҕанна.
Ольга Федоровна кэллиэгэлэрин, иитиллээччилэрин, төрөппүттэрин ортолоругар үрдүк авторитетынан биллэр, убаастабылынан сыаналанар. Кини 1998 с. СӨ Президенин Гранын хаһаайына, 2012с. маны таһынан СР Правительствотын, үөрэх министерствотын, СР государственнай мунньаҕын (Ил Түмэн), СӨ общественнай хамсааһынын Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта үлэ үрдүк таһымын сыанабыла буолар.
Ольга Федоровна элбэх оҕону билиигэ-үөрэххэ кынаттаабыта. Билигин кини үөрэппит оҕолоро олоххо бэйэлэрин миэстэлэрин булан, дойду араас муннуктарыгар таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Саха Республикатыгар үөрэхтээһин биир бастакы наркомун Иван Николаевич Жирков сырдык аата өлбөт, сүппэт. Сылын аайы оскуолаҕа тэрээһин тэриллэн кини аата ааттана турар. И.Н. Жирков аатынан стипендия саҥа лауреатын Ольга Федоровна Протопопованы эҕэрдэлиибит уонна чаҕылхай ситиһиилэрдээх, бастыҥ үөрэнээччилэрдээх, айымньылаах үлэлээх оскуоланан киэн туттабыт!
Людмила Егоровна Слепцова, И.Н. Жирков сиэн балта, РФ үрдүк үөрэҕин бочуоттаах үлэһитэ, СР культуратын туйгуна