Иван Барашков – таас үйэ кистэлэҥин арыйсыбыт саха саарына

Саха сирин историятын үөрэтиигэ уонна чинчийиигэ быһаччы кыттыыны ылбыт Иван Иванович Барашков 1908 сыллаахха Бороҕон улууһун II Суоттутугар орто сэниэ ыалга күн сирин көрбүт. Томторго Мүрү ситэтэ суох орто оскуо­латыгар туйгуннук үөрэнэри ситиспитэ. Иван Барашков 1926-1927 үөрэх дьылыгар Дьокуускай куоракка киирэн салгыы үөрэммит.

Кини үлэтин 1929 сыл­лаахтан хаһыаты бэчээт­тиир типографияттан саҕалаан баран, өрөспүүбүлүкэ араас оскуо­лаларыгар оскуола дириэктэринэн, уон­на сэбиэдиссэйинэн үлэ­лээбитэ. Кыра оҕо эрдэҕиттэн үөрэххэ дьулуурдаах буолан, оскуола кэнниттэн 1934 сыллаахха Москва куо­ракка педагогическай кууруһу бүтэрэн баран, Иркутскайдааҕы Н.К. Крупская аатынан педагогическай институтка киирэн, студент үрдүк аатын ылары ситиспитэ. Бу үөрэххэ үөрэнэр сылларыгар Сталинскай стипендиат буолары ситиспитэ.

Олоҕун ураты кэминэн П.А. Ойуунускайы кытары алтыһан ааспытын бэрт иһирэхтик ахтарын киһи долгуйа ааҕар эбит. Бастакы айымньыта “Кыыча” диэн сэһэнэ уонна биир дойдулааҕа С. Васильев-Борогонскай “Арамаан артыала” диэн айымньыта “Кыһыл ыллык” бастакы нүөмэригэр бииргэ бэчээттэнэн тураллар. Бу айым­ньыны ырытарыгар Ойуунус­кай: “Бороҕоҥҥо ону-маны суруйа сатыыр ыччат үөскээн эрэр эбит”, – диэн хайҕаабыта литературнай үлэнэн дьарыгырарыгар олук буолбута саарбаҕа суох. Кини айымньыларын Уйусхаан диэн хос ааттанан, оччотооҕу “Кыһыл ыллык” сурунаалга (Чолбон) 1930 сыл­лаахха бэчээттэммитэ. Мантан ыла “Ньуур уларыйыыта”, “Күл да күлүүм”, “Төрөөбүт айыл­ҕам” диэн айымньылара күн сирин көрбүттэрэ. Соҕурууттан үөрэҕин бүтэрэн кэлэн баран, 1938-1946 сылларга Ойуунус­кай тэрийбит тыл уонна литература институтугар бэрт таһаа­рыылаахтык үлэлээбитэ, ол туоһутунан саха тылын нуучча алфавитыгар көһөрүүгэ уонна научнай төрүккэ олоҕуран орфографияны, саха тылын классическайдык таба туттан суру­йууга бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрсибит өҥөлөөх.

1949-1960 сылларга А.С. Пушкин аатынан киин библиотекаҕа библиографынан үлэлии сылдьан саха суруйааччыларын Илья Чаҕылҕан, Василий Протодьяконов – Кулантай, Архип Абаҕыыныскай айымньыларын дьаарыстаан сурукка-бичиккэ киллэрэн норуокка билиһиннэрбит өҥөлөөх. 1929 сыллаах­ха “Кыым” хаһыакка “Баай охтуута” диэн бастакы ыстаты­йата бэчээттэммитэ, кини 70-тан тахса ыстатыйата өрөспүүбүлүкэ уонна дойду киин хаһыаттарыгар бэчээттэммиттэрэ, ону таһынан бэрт элбэх уус-уран ­айымньылары, кинигэлэри, брошюралары сахалыы тылбаас­таан күн сирин көрдөрбүтэ.

1940-с сыллартан саҕалаан, ССРС наукаларын Академиятын Ленатааҕы истори­ческай, археологическай эк­спеди­циятын оччотооҕуга Сэбиэскэй Сойууска биллэр археолог А.П. Окладников баһылаан-көһүлээн илдьэ сылдьыбытын билэбит, ол саҕана, кини бу аатырар учуонайга солбу­йааччы быһыытынан үлэлээбитэ. А.П. Окладниковы кытта бэрт таһаа­рыылаахтык үлэлээбиттэрин 1979 сыллаахха олунньу 8 күнүгэр И.И. Барашков аатыгар ыытыл­лыбыт телеграмматын ис хоһоонугар тиэрдэн, “ЯАССР II Хомустах Намского района И.И. Барашкову. Вы впервые нас нау­чили понимать зпт., его душу как мы всегда бесконечно благодарим вас ” диэн биллэрэн турар. Алта сылы быһа бу экспедицияҕа кыттан, наука өрөгөйдүүрүн туһугар үлэлээбитэ таах хаалбатаҕа. Бу археологическай экспедиция Өлүөнэ эбэ төрдүттэн Лаптевтар муораларыгар тиийэ 5 тыһ. км. сири катерынан, оҥочонон устан 180-ча сиргэ арыйыылары оҥорбуттар.

Саамай улахан арыйыыларынан “Ымыйахтаах” культурата буолбута, бу сир билиҥҥи Суоттутаа­ҕы нефтебаза чугаһыгар баар күөл аттыттан булуллубута. Специалис­тар сыаналыылларынан уонна радиоуглероднай анализ быһаарбытынан, б.э.и. 3500 сыллааҕы саҥа таас үйэтинээҕи кэм эбит. Чинчийээччи И.И. Барашков бу сир сүрдээх бул­таах-астаах, киһи олороругар табыгастаах буолан былыргы таас үйэтинээҕи дьон олохсуйбуттар диэн быһаарбыта.

“Ымыйахтаах культуратын” буорун араҥата 60 см., үгүстүк хайыр тааһы тутталлар эбит, үксүгэр таастартан, уҥуохтартан ох саа оноҕоһун, кыыннаах быһыччалары, тириини ыраастыыр кыһыахтары, туой көһүйэлэри булуталаабыттар, күөстэммит сирдэриттэн тууччах, сордоҥ, хатыыс уҥуохтарын кырамталара көстүтэлээбиттэр.

Бу хаһыы түмүгэр 500-600 экспонат булуллан Ем. Ярославскай аатынан музейга уонна оччотооҕу Ленинградка ССРС Наукатын Академиятын институтугар ыытыллыбыттар эбит.

“Ымыйахтаахха” көстүбүт ар­хеологическай булумньу Сэ­биэскэй Сойууска эрэ буолбакка, аан дойду үрдүнэн улахан сэҥээриини ылбыта. Хотугулуу- илиҥҥи эргимтэҕэ, таас үйэлэргэ дьон олоро сылдьыбыттара толору дакаастанарыгар кыаҕы биэрбитэ. Кини ахтыытын ылан көрдөххө, саха бастакы этнограба Г.В. Ксенофонтов үлэлэрин археологическай хаһыыларга улаханнык туһаммыппыт диэн этэн турар. Кэнники археологическай арыйыылар историчес­кай науканы үөрэтиигэ элбэх уларыйыылары киллэрдилэр.

Холобур, 2020 сыллаахха тахсыбыт “История Якутии” диэн фундаментальнай научнай үлэҕэ, сахалар этнос быһыытынан Х-с үйэттэн үөскээбиттэрэ диэн буолла, аны кини Лена уонна Алдан өрүстэр сүнньүлэрин хаһыынан эрэ муҥурдаммакка, Саха сирин тыатыгар, алаастарыгар уонна үрэхтэригэр, хотугу сытар Өлөнүөк, Дьааҥы, Индигир, Халыма өрүстэр тардыыларыгар ыытыллыахтаахтар диэн этэн турар.

Биһиги билиҥҥи кэм архео­логтара, историческай наука доктора Р.И. Бравина салайаач­чылаах бөлөх бу үөһээ ааттаммыт өрүстэргэ бэрт элбэх чинчийиилэри ыыппытын билэбит. Онон инникитин даҕаны, саха норуотун үөскээһинигэр, бэрт элбэх научнай теориялар үөс­күүллэрэ буолуо диэн киһи эрэнэ саныыр. Иван Иванович Барашков олорбут олоҕо эндирдээх уонна түһүүлээх-тахсыылаах этэ, ол курдук 1953 сыллаахха оло­ҕо суох буруйдааһыҥҥа, ол эбэтэр оччотоо­ҕу кэминэн ыар политическай, националистичес­кай буруйдааһыҥҥа РСФСР Холуобунай Кодексын 58-7, 59-10 ыстатыйаларын 1 чаастарынан дьыала тэриллэн силиэстийэлиир органнарга бэриллибитэ. Бу холуобунай дьыала аҥаардас дьон көрдөрүүтүгэр эрэ олоҕуран көбүтүллүбүтэ, икки сылы быһа силиэстийэлэнэн, доппуруостанан, бүтэһигэр оччотоо­ҕу суут бириигэбэринэн буруйа суоҕа дакаастанан ыраас тахсыбыта.

Биһиги биир дойдулаах­пыт, оччолорго Саха Сирэ Россия холбоспута 360 сылыгар “Доҕордоһуу” музейын сиригэр-уотугар Социалистичес­кай Үлэ Геройугар академик А.П. Окладниковка обелиск туруоруохха наада диэн туруорсубута олоххо кыайан киирбэккэ хаал­быта. Сотору кэминэн Нуучча судаарыстыбатын кытта холбоспуппут 400 сылын туолуоҕа, онон биир дойдулаахпыт этэн хаал­ларбыт кэриэһин толорорбут бэйэбит историябытын билэрбитигэр улахан олук буолуо этэ дии саныыбын.

Александр Сивцев, Уус Алданнааҕы историяны, кыраайы үөрэтэр түмэл сотруднига

Читайте дальше