Ититии ситимигэр холбонуу үксүүр

Ититии ситимигэр холбонуу – өрүү тыын кыһалҕа. Быйыл улуус киинигэр Мындааба бөһүөлэгэр үс учаас­тагынан 47 ыалга ититии ситимэ тардыллыахтаах. Бу туруоруммут сыал ситиһиллэр түгэнигэр, Мындааба олохтоохторо 100% ититии ситимигэр холбонор кыахтаналлар.

Билиҥҥи туругунан, икки учаас­так үлэтэ түмүктэнэн, Ленин, Замятин аатынан уонна Портовая ­уулуссаҕа уопсайа 25 ыалга ититии ситимэ тиийдэ. Салгыы Олимпийская – Дачная уулуссаларга үлэ саҕаланыахтаах. Манна быра­йыак быһыытынан, ситим 22 дьиэҕэ тиийиэхтээх. Оттон дьиҥ-чахчы олорорунан 15 дьиэҕэ холбоноро күүтүллэр.
Оттон Бороҕоҥҥо икки түөл­бэнэн үлэ бара турар. «Эрэл» түөлбэҕэ 13 дьиэ, “Радиотумул” түөлбэҕэ 34 дьиэ быйыл ититии ситимигэр холбонуохтаах. Маныаха үлэлии турар хочуолунай кыамтатын үрдэтэр туһуттан «Армон» ХЭТ 800 кВт кыамталаах хочуолу, 22 кВт кыамталаах носуоһу аҕалан туруорда. Уопсайа 6 км кэриҥэ уһуннаах ититии ситимин тардыы үлэтэ сэтинньигэ түмүктэнэрэ былааннанарын Мүрү нэһилиэгин баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Прокопий Румянцев иһитиннэрдэ.

Ольга Шепелева

Читайте дальше