Российскай Федерация правительствотын 1997 сыл от ыйын 8 күнүнээҕи уурааҕар этиллэринэн, Российскай Федерация сиригэр-уотугар РФ гражданинын пааспара кини Российскай Федерация гражданина буоларын туоһулуур сүрүн докумуона буолар.
Российскай Федерация сиригэр олорор 14 саастарын сиппит Россия гражданнара бары пааспардаах буолаллара булгуччулаах. Гражданин 20 уонна 45 сааһын туолбут, ону таһынан аатын, араспаанньатын, аҕатын аатын уларыппыт, төрөөбүт күнүгэр-дьылыгар эбэтэр төрөөбүт сиригэр уларытыылары киллэттэрбит буоллаҕына пааспара 90 күн иһигэр уларытыллыахтаах, оҕо 14 сааһын туолбутун кэнниттэн 90 күн иһигэр пааспарын оҥотторуохтаах. Бу кэми аһардар түгэҥҥитигэр Российскай Федерация административнай буруйу кэһии туһунан кодексын 19.15 ыстатыйатын 1 чааһынан көрүллэр административнай эппиэтинэскэ тардыллан, 2000-3000 солкуобайга диэри ыстырааптаныаххытын сөп.
Оҕо 14 сааһын туолан баран пааспарын оҥотторор кэмэ ааспытын туһунан ИДьО сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларын инспектордарыгар иһитиннэрии ыытыллар, ол түмүгэр төрөппүттэрэ төрөппүт эбээһинэһин ситэ толорботохторугар административнай эппиэтинэскэ тардыллыахтарын сөп. Онон пааспаргытын болдьоммут кэмигэр уларытаргытыгар ыҥырабыт.
«Нелегальный мигрант» операция ыытылынна
2024 сыл кулун тутар 25-31 күннэригэр Уус Алдан улууһугар «Нелегальный мигрант» оперативнай-профилактическай хайысхалаах операция буолан ааста. Бу операция Уус Алдан улууһун ис дьыалаҕа отделын сотрудниктарынан ыытылынна. Операция сүрүн сыалынан сокуоннайа суох миграцияны утарыы, көҥүлэ суох миграция ханаалларын булан хам баттааһын, Россия территориятыгар киирбит атын омук дьон кэккэтигэр (деструктивнай элеменнэр_ тарҕаныыларын тохтотуу уо.д.а. буолар.
Уопсайа операцияҕа полиция 82 сотруднига кыттыыны ылла. Кинилэр үлэлэрин түмүгүнэн Уус Алдан улууһун территориятыгар Бороҕон уонна Кэптэни сэлиэнньэлэригэр тутулла турар үс эбийиэккэ үлэлиир дьон уонна кинилэр түөрт олорор сирдэрэ бэрэбиэркэлэннэ. Уус Алдан оройуонугар операция кэмигэр миграционнай учуокка турар 14 омук бары 100% операциянан хабылыннылар. Рейдэ тэрээһиннэрин түмүгүнэн, сокуону кэһэн миграционнай учуокка турбакка сылдьар үс омук киһитэ Бороҕон учаастактааҕы боломуочунайдарынан булуллан, административнай эппиэтинэскэ тардылыннылар, биирдии бэйэлэрэ 2000 солкуобайынан ыстарааптаннылар.
Билиҥҥи туругунан Уус Алдан территориятыгар 21 омук киһитэ миграционнай учуокка турар. Онтон 7 киһи – Армения, 7 – Таджикистан, 4 – Киргизия, 3 – Узбекистан дойдуларын гражданнара буолаллар. Тутуу үлэлэрэ саҕаламмыттарынан омук дьон кэлиилэрэ үксүү турара күүтүллэр. Үлэлии кэлбит дьон Уус Алдан улууһун миграционнай сулууспатыгар кэлэн, олорор аадырыстарынан миграционнай учуокка тураллара булгуччулаах, үлэлэтэр тэрилтэ, урбаанньыт эбэтэр чааһынай киһи кинилэри кытары дуогабар түһэрсэн үлэлэтиэхтээх, 3 күн иһинэн миграционнай сулууспаҕа дуогабар түһэрсибитин туһунан иһитиннэриини түһэриэхтээх. Бу ирдэбиллэр кэһиллэр түгэннэригэр административнай миэрэҕэ тардыллаллар.