Илин эҥээрдэри түмэр холбоһуктаах бырайыак кэнсиэрэ бэҕэһээ Бороҕоҥҥо тэрилиннэ

В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһыгар Екатерина, Василий Парниковтар “Ыллыыр илин эҥээр” бырайыактарын чэрчитинэн Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах “Сахабыт сиригэр саргыбыт сайыннын!” тэрээһин ыытылынна. Бу тэрээһин хаһан, хайдах, туох санааттан саҕаламмытай?

Былырыын баччаларга Мэҥэ Хаҥалас Табаҕатыгар биир дойдулаахпыт, Найахыттан төрүттээх СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Капитолина уонна Иван Бурнашевтар кэриэстэригэр илин эҥээр дьахталларын вокальнай ансаамбылларын куонкуруһа ыытыллыбыта. Бу куонкуруска улууспутуттан Василий Парников салайар Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын “Далбар Хотун” вокальнай ансаамбыла кыттан, Гран при үрдүк аатын ылбыта. Куонкурус кэнниттэн санаа атастаһыытыгар Екатерина Степановна: “Илин эҥээр дьахталлар ансаамбыллара мустан кэнсиэрдэ тэрийиэҕиҥ”, – диэн этии киллэрбит. Ити кэмҥэ илин эҥээр улуустарын баһылыктара мустан, бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥ түһэрсэллэр. Илин эҥээрдэри түмэр, инники сайдыыларын түстүүр сөбүлэҥ түһэрсиитин дьахталлар өйөөннөр, бу тэрээһини ыытарга сөбүлэспиттэр.

Екатерина Степановна, Василий Степанович куонкурус кэнниттэн культура управлениетын начальнига Сергей Нафанаиловка киирэн, бу туһунан кэпсииллэр. Эдэр салайааччы маны өйөөн, илин эҥээр дьахталларын вокальнай ансаамбылларын биир сценаҕа түмэр тэрээһини ыытарга үлэ саҕаланар. Бастаан «Дьокуускай куоракка Опера уонна балет тыйаатырыгар тэрийиэххэ» диэн этии киирэр, иккис этии – «бырайыак ааптардарын быһыытынан, бэйэбит дойдубутугар Бороҕоҥҥо саас ыытыахха» диэн буолар. Ол эрээри, үгүс тэрээһин ыытыллар буолан, бииртэн-биир харгыс көстөн, тэрээһин тохтуур.

Ырыа эйгэлээх да буоллаллар, биэс улуус араас идэлээх Далбар хотуттарын мунньар тэрээһини үгүс кэпсэтии кэнниттэн «Сомоҕолоһуу күнүнэн Бороҕоҥҥо ыытарга» диэн, дьэ биир санааҕа кэлэн, тэрээһиммит ыытылынна. Онтон аны «Далбар хотуттары кытта күүстээх аҥаардары кытыннарыахха» диэн этии киирэн, улуус бастыҥ ырыаһыт уонна ыытааччы эр дьоно кыттыыны ыллылар.

Кыттааччылары аан бастаан Олоҥхо дьиэтин үлэһиттэрэ сахалыы сиэринэн арчылаан, ыраастаан, арыылаах алаадьынан, уохтаах кымыһынан айах тутан көрүстүлэр. Күнүс 4 чаастан кэлбит ыалдьыттарбытыгар улууска дьахтар хамсааһынын, улууспут бастыҥ үлэһит дьахталларын, Герой Ийэлэри кэпсиир киэҥ ис хоһоонноох быыстапканы Сэһэн Ардьакыап аатынан улуус түмэлин научнай сотруднига Зоя Белолюбская, улуус киин библиотекатын библиотекара Мария Заболоцкая кэпсээтилэр. Быыстапка үөрүүлээх арыллыытыгар улуустааҕы дьахтар Сэбиэтэ ыытар үлэтин салайааччы Валентина Шадрина билиһиннэрдэ, биир дойдулаахпыт, ырыа айааччы Александр Дмитриев-Чүмэчи “Биһик ырыатынан” үгүс ырыа куонкуруһун кыайыылааҕа, истиҥ иэйиилээх ырыаһыт Иван Карпов эҕэрдэлээтэ.

Киэһэ 7 чаастан тэрээһин кыттыылаахтара илин эҥээр улуустарын уостан түспэккэ ылланар ырыаларын, «Кыыс Амма», «Майа сайына», «Хатыҥнардаах чараҥнардаах Чурапчы» уонна «Мүрү, Мүрү барахсан» ырыалары Айталы Новоприезжая дирижердаан уопсай холбоһуктаах хорунан таһааран ыллаатылар. Салгыы Амма улууһун Сулҕаччы нэһилиэгин Сэргэ Бэс дэриэбинэтиттэн «Туйаара» (сал. Светлана Федотова), Мэҥэ Хаҥалас Бүтэйдээҕиттэн «Саһарҕа» (сал. Ньургуйаана Прокопьева), Табаҕаттан «Алгыс (сал. Елена Александрова), Чурапчы Дириҥиттэн «Алаас кыргыттара» (сал. Фекла Попова), Уус Алдантан «Найахыына» (сал. Айталы Новоприезжая) уонна «Далбар хотун» (сал. Василий Парников) ансаамбыллар бэйэлэрин ырыаларын көрөөччүгэ бэлэхтээтилэр. Кэнсиэри  күүстээх аҥаардарбыт – Амматтан Александр Ушницкай, Мэҥэттэн Ян Чоросов, Чурапчыттан Валерий Корякин, Уус Алдантан Петр Копырин ырыанан киэргэттилэр, Николай Нестерев (Амма), Спиридон Григорьев (Мэҥэ Хаҥалас), Аял Новгородов (Чурапчы) уонна Александр Гоголев (Уус Алдан) иилээн-саҕалаан ыыттылар.

Кыттааччылар түмүк холбоһуктаах хорга Ксенофонт Уткин-Нүһүлгэн тылларыгар, Алексей Калининскай-Луҥха мелодиятыгар «Сахабыт сиригэр саргыбыт сайыннын!» ырыаны, бырайыак ааптара, бары ытыктыыр, убаастыыр киһибит Василий Степанович дирижердаан ньиргиччи толорбуттарын көрөөччүлэр дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар.

Бу тэрээһини өйөөн кэлбит көрөөччүгэ үөрүүнү бэлэхтиэххэ диэн санаанан, тэрийээччилэр соһуччу-ботуччу бириистэри оҥорорго үлэ ыытан, биир дойдулаахтарбыт, Ил Түмэн депутата Геннадий Васильев, улуус дьаһалтатын дьиэ кэргэҥҥэ отдела (сал. Валентина Андросова), улуустааҕы дьахтар сэбиэтэ (сал. Валентина Шадрина), урбаанньыттар Гаврил Шелковников, Анна Находкина, Николай Бурцев, бырайыак ааптардара Екатерина, Василий Парниковтар 5.000 тыһыынчалаах сертификаттары, уу харчынан бириистэри, Светлана Аржакова иһит наборун, Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуола сахалыы чороон, урбаанньыт Константин Местников 2 бутыль 19-таах ыраас уу, «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһа 1 куул собо балык бириистэри олохтоон, илиилэригэр бааттаах көрөөччүлэри үөрдэн-көтүтэн ыыттыбыт. Тэрийээччилэр ааттарыттан өйөбүл, күүс-көмө буолбут дьоммутугар, итии, сылаас аһынан, наһаа минньигэс, араас астардаах фуршет тэрийбитин иһин Сардаана Николаевнаҕа махталбытын тиэрдэбит. Ону сэргэ кыттыыны ылбыт ансаамбылларга, биирдиилээн ырыаһыт уонна ыытааччы эр дьоҥҥо махтанабыт.

Бу сонун тэрээһин биир күннээх тэрээһин буолбатах. Ол курдук, аан бастаан ыытыллыбыт “Ыллыыр илин эҥээр” бырайыак илин эҥээр улуустарын барыларын кэрийэн, биир сомоҕо түмэн, үлэҕэ-хамнаска үрдүк чыпчааллары дабайарбытыгар төһүү күүс буолан, салгыы ыытыллыаҕа. Сахалыы сиэринэн, күн эргииринэн иилии эргийэн Чурапчы, Таатта, Амма, Мэҥэ Хаҥалас улуустарынан бырайыак салҕанарыгар тэрийээччилэр эрэнэбит уонна биир идэлээхтэрбит өйөөннөр, илин эҥээрдэри биир түһүлгэҕэ түмэр тэрээһин өссө кэҥээн-тэнийэн барарыгар баҕа санаабытын этэбит!

Анна Федорова, Уус Алдан улууһун культураҕа управлениетын кылаабынай специалиһа