Эдьиийбит, күн күбэй ийэбит, эйэҕэс эбэбит, хос эбэбит сэрии сылын оҕото, үлэ бэтэрээнэ, Бороҕон сэлиэнньэтин олохтооҕо Евдокия Максимовна Петрова ыарахан ыарыыттан, күн сириттэн туораабыта бу дьыл атырдьах ыйын 11 күнүгэр үс сылын туолар.
Биһиги ийэбит 1935 сыллаахха кулун тутар 11 күнүгэр II Байаҕантай нэһилиэгэр Долборуктаах диэн алааска элбэх оҕолоох удьуор үлэһит ыалга Акулина Петровна, Максим Петрович Саввиннарга төрдүс оҕонон күн сирин көрбүтэ.
Ийэбит оҕо сааһа сэрии сылларыгар ааспыта. Оскуолаҕа киириэн иннинэ от үлэтигэр от мунньан, өйүө таһан улааппыта. 1941 сыллаахха муус устарга Долборуктаах алаастан оройуон киинигэр Бороҕоҥҥо көһөн киирбиттэрэ. Сэрии иккис аҥаарыгар аҕаларын үлэ фронугар ыҥыраллар. Онон ийэтэ элбэх оҕону соҕотох көрө хаалар. Ол гынан ийэбитин ас-таҥас тиийбэт буолан ыалга оҕо көрөөччүнэн, дьиэ сууйааччынан ыытар.
Ийэбит Мүрү орто оскуолатыгар суруйарга, ааҕарга үөрэнэр. Сайынын ийэтэ төрөөбүт дойдутугар Ыарҕа сайылыкка ынах хомуйааччынан үлэлэтэ ыытар. Онон кини үлэ диэн тугун кыра оҕо сааһыттан билэн улаатар.
Аҕалара 1945 сыл сайын дойдутугар эргиллэн кэлэр. Кэлээт артыалга уһаммытынан барар. Саввиннар ити кэмҥэ Мүрү халдьаайытыгар олорбуттара. Манна мыыла уонна тирии таҥастаан саппыкы тигэллэрэ, ат сэбин, сэбиргэлин оҥороллоро. Ийэбит бу үлэлэргэ илии-атах буолан үлэлэспитэ. 1949 сыллаахха промкомбинакка үлэлии киирбитэ.
Пилорамаҕа эпиилкэ, хаптаһын тасыһан, сайынын кирпииччэ собуотугар үлэлэспитэ. Үлэтэ барыта илии үлэтэ этэ. Сүүрбэ тыһыынча буор кирпииччэ дьаарыстанара, уматыллар гына оҥоһуллара уонна миэтэрэ аҥаара буорунан сабыллара. Итинник күҥкүтэн кыһыл кирпииччэ оҥороллоро, холкуостаахтарга атаараллара.
Ийэбит ханна да үлэлээтэр, үлэтигэр кыайыылаах буолан хайҕалга сылдьара. Кэнники ыалдьан интернакка иһит сууйааччынан, поварынан үлэлээбитэ.
1956 сыллаахха аҕабытын Петров Егор Дмитриевиһи көрсөн олохторун холбообуттара. Аҕабыт промкомбинакка суоппарынан үлэлээбитэ. Үчүгэй үлэлээҕин иһин элбэх грамоталарынан, түөскэ иилиллэр мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. 1990 сыллаахха Юннатскай станцияҕа суоппарынан үлэлии сылдьан, ыарахан ыарыыттан орто дойдуттан бараахтаабыта.
1970 сыллаахха ийэбит Култуура дьиэтигэр техническэй үлэһитинэн пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ. Үлэтигэр бэриниилээх үлэһит буолан элбэх грамоталарынан, махтал суруктарынан наҕараадаламмыта.
Кэнники сааһыран кыайан хаампат буолан, суорҕаннаах тэллэххэ сыппыта. Ол сытар кэмнэригэр үлэлээбит коллектива бырааһынньык аайы умнубакка бэлэх ыытара, эҕэрдэ суруктар кэлэллэрэ. Ийэбит подарок туттаҕына олус үөрэрэ. Сиэннэрин “мин курдук үлэлээҥ” диирэ. Тумулга көһөн кэлэн сиэннэрин көрсөн, сүбэ-ама буолан улаатыннарыста. Сиэннэрин ситиһиилэриттэн наһаа үөрэрэ. Сааһыран истэҕин аайы ыарыыта бэргээн вызовтанар буолбута.
Тумуллааҕы балыыһа фельшерэ Мария Захаровна Барахсина, сиэстэрэлэр Августина Егоровна, Анна Шепелева көрөн-истэн, укуол, систиэмэ туруоран бараллара. Кинилэргэ барҕа махталбытын тиэрдэбит. Доруобай, дьоллоох буоллуннар.
Өр кэмҥэ үлэлээбит култууратын кэлэктиибигэр, чуолаан Иннокентий Иннокентьевич Аммосовка, Бороҕон балыыһатын терапевтическай отделение кэлэктиибигэр, сэбиэдиссэй Александра Гаврильевна Охлопковаҕа махталбытын тиэрдэбит. Үлэлэрэ ситиһиилээх буоллун, дьон ытыктабылын ыла турдуннар.
Биһиги ийэбитин сүтэрбит ыарахан кэммитигэр бастакынан кэлбит убайбыт Федор Федорович Саввиҥҥа, буор үлэтигэр сүбэлээн-амалаан буорун хаһыспыт сиэннэригэр Егорга, Василийга, Афанасийга, тас маһын оҥорсубут бырааппыт Михаил Иванович Саввиҥҥа, Василий Устинович Новоприезжайга, уҥуоҕун эргииригэр көмөлөспүт Андриан Захарович Рожиҥҥа, Александр Кондаковка, техниканан көмөлөспүт Сергей Сергеевич Васильевка, маһынан көмөлөспүт Степан Прокопьевич Бочкаревка, Иван Кузьмич Васильевка, кийииппитигэр Оксана Михайловна Саввинаҕа, Дьокуускайтан аймахтарбытыгар Петровтарга, Никифоровтарга, Чурапчыттан Саввиннарга, Смирниковтарга, Бороҕонтон Бурнашевтарга, Саввиннарга, Орловтарга, Сыырдаахтан Васильевтарга, Тумултан Новоприезжайдарга, “Дьулуур” түөлбэҕэ, ыалбар Ольга Михайловна Татариноваҕа, Мындаабаттан Готовцевтарга, Акулина Ивановнаҕа, Вера Ивановнаҕа итии-истиҥ махталбын тиэрдэбин. Доруобай буолуҥ, дьоллоох буолуҥ!
Күндү ийэбитин, эбэбитин, хос эбэбитин өр сылларга ахта, саныы сылдьыахпыт.
Оҕолоро, күтүөттэрэ, кийииттэрэ, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, балтылара, аймахтара