Ийэ үрдүк наҕараадатын туппут Туяра Федорова бар дьонугар махтанар

I Хоро нэһилиэгиттэн төрүттээх Туяра Федорова аҕыс оҕону төрөтөн, иитэн күн-күбэй ийэ буолан, алаһа дьиэтин араҥаччылаан, көмүс бүөбэйдэрин көрөн-истэн Чараҥ бөһүөлэгэр ыал буолан олорор. Кини бэҕэһээ Дьокуускай куоракка СӨ Ил Дархан Айсен Николаев илиититтэн «Ийэ Албан аата» III ст. бэлиэни туппутун истэн биир дойдулаахтара эҕэрдэбитин тиэрдэбит уонна бу дьиэ кэргэн туһунан сиһилии билиһиннэрэбит.

Ыал аҕата Дмитрий Николаевич Мэҥэ Хаҥалас Лоомтука бөһүөлэгиттэн төрүттээх. Кини автосервис арыйан үлэлээн, билигин улууспутугар биир биллэр, дьон махталынан угуттанар мэхээнньик буолар. Федоровтар алта уол, икки кыыс оҕолоохтор. Улахан уоллара Игорь 20 саастаах, Аллараа Бэстээххэ транспортнай техникумҥа үөрэнэр. Иккис уол Игнат Дьокуускайга поварынан үлэлиир. Түөрт оҕо оскуолаҕа үөрэнэллэр: Денис 9-с “а”, Ринат 7-с “а” кылааска “Уолан” гимназияҕа, улахан кыыс Нарияна “Кэнчээри” ансаамбылга ыллыыр буолан, Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатыгар көһөн, 6-с “а” кылааска, кыра кыыс Ньургуйаана Чараҥ орто оскуолатыгар 4-с кылааска үөрэнэр. Онтон алта саастаах Дима Чараҥнааҕы “Кэрэчээн” оҕо саадын иитиллээччитэ уонна саамай кыралара Коля 1,5 саастаах. Оҕолор бары ким волейболунан, ким оҕунан ытыыга, улахан кыыс ырыанан дьарыктанар, кыра кыыс английскай тылы олус сэҥээрэр. Ыал ийэтэ улууска биир бастыҥ уопсастыбанньык, нэһилиэгэр эдэр ийэлэр түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ. Нэһилиэгэр 2019 сыллаахха «Сыл бастыҥ уопсастыбанньыга» аатын ылбыта.

Туяра Гаврильевна үрдүк наҕарааны ылбыт үөрүүтүн бу курдук үллэстэр: “Маннык үрдүк наҕарааданы саҥа ыллаҕым дии, наһаа долгуйдум, үөрдүм. Бэҕэһээ наҕараадабын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туппутум. Бүгүн култуурнай тэрээһиннэри көрө, сэргэхсийэ сылдьабын. Биһиэхэ анаан наһаа үчүгэй тэрээһиннээх, киэҥ программалаах күннэри тэрийбиттэр, олус диэн астынным. Маннык чиэскэ-бочуокка таһаарбыт дьоммор-сэргэбэр уонна ийэ аатын чиэстээхтик сүгэн этэҥҥэ олорорбор дьиэ кэргэммэр, аймахтарбар махтанабын”.

Мария Аргунова

Читайте дальше