В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһыгар улууспут биир чулуу хоһоонньута, суруналыыс, киинэ бэтэрээнэ, 26 кинигэ ааптара Иван Попов–Уйбаан Бахсылыырап төрөөбүтэ 75 сылын көрсө дириҥ суолталаах кэрэ тэрээһин Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр буолла.

Тоҕо бу күн Уйбаан Бахсылыырап аата ааттанна, кини хоһоонноро ааҕылыннылар? Төрөөбүт тылбыт дьадайбытын, сатарыйбытын бары да билэ-көрө сылдьабыт. Ол эрээри ис дьиҥник туруулаһааччы аҕыйах. Олортон биирдэринэн биһиги Уйбаан Бахсылыырабы ааттыыбыт уонна кини тэлбит суолун салҕаары, кини этэн хаалларбыт санааларын олоххо киллэрээри бүгүн ийэ тылбыт күнүгэр анаан ааттаатыбыт.

Бу дьоро түһүлгэҕэ ааптар хоһооннорун ааҕыы күөн-күрэскэ оскуола оҕотуттан саҕалаан аҕам саастаах дьоҥҥо тиийэ кыттан илгэлээх тыыннаах айымньылары толоруулары иһиттибит. Уйбаан Бахсылыырап миэхэ тыыннааҕар үгүстүк алтыспыт айар суолум сүбэһитэ этэ. «Тыл күүһэ диэн – очуос тааһы хайытар курдук күүс…» – диэн биирдэ этэн турардаах. Өссө: «Чахчы баары уонна олоххо көрбүтүн, билбитин, бэйэтинэн ааспыты суруйуохтаах дьиҥ поэт…» –  диэбитэ. Бу тыллар ис өйдөбүллэрин ааптар хоһоонноругар, кини айар үлэтин үйэтитиигэ ананан ыытыллыбыт дорҕоонноох ааҕыы күөн-күрэһигэр долгуйан иһиттибит.

Уйбаан Бахсылыырап хас биирдии хоһоонугар төрөөбүт алааһын айхаллыырын, история урукку сылларын умнубатын, үлэһит киһи аата үйэтитиллиэхтээҕин уонна бу орто дойдуга кыайыы-хотуу, үөрүү-хомолто дьиэ кэргэн иһинэн киирэн ааһарын этэр. Ааптар хас биирдии хоһооно сүбэ-ама, дириҥ билиитин ааҕааччыга кичэйэн тиэрдэрэ иһиллэр. Онон кини тэрийбит «Кэскил түһэ» түмсүүтэ уонна «Уһуктуу» литературнай бөлөх ааҕыыларыгар санааларын иһиттибит.

Ийэ тыл суолтатын, дэгэтин, кэрэтин олус сонун литературнай композициянан улуус реабилитационнай киинин үлэһиттэрэ туруоран көрдөрдүлэр. Бу олохтоох ааптар, суруналыыс, СӨ суруйааччыларын чилиэнэ Светлана Бурцева-Суугунай Чараана суруйуутугар дьүһүйүү төрөөбүт тылбыт бүгүҥҥү дьылҕатыгар сыһыаны арылыччы көрдөрдө диэн сыаналыыбын. Суугунай Чараана «бүгүҥҥү күҥҥэ тирээн турар кыһалҕабытыгар бары турунуоҕуҥ, ыччаппытын уһуйуоҕуҥ» диэн ыҥырыыта суруйааччы, суруналыыс Уйбаан Бахсылыырап санаатын чиҥэтии диэн ылынным…

Олус астына хайҕыы көрдүм, иһиттим аҕам саастаах олоҥхоһут, аны билинин хоһоону дорҕоонноохтук ааҕааччы, Майаҕас олохтооҕо Афанасий Бурцевы. Үлэҕэ, үөрэххэ бэйэлэрин кэмнэригэр инники күөҥҥэ сылдьыбыт урукку кэм ыччата бүгүн да инникилэр, бастыҥнар.

Улууспут күндү олохтоохторо, ийэ тыл дьоллоох түһүлгэтигэр сылдьыбыттар, куккут-сүргүт үөрдэҕэ, байдаҕа, күүстээх хоһооннору истэн кулгааххыт иччилэннэҕэ дии саныыбын. Ийэ тыл күүһэ хас биирдии саха киһитигэр баар. Тыл кими да араарбат, атаҕастаабат. Төрөөбүт төрүт тылынан хоһоону, ырыаны, дьүһүйүүнү иһиттэххитинэ саха тэҥэ суох үөрэҕит, эрчимирэҕит. Ити ийэ куккут үөрэр, дуоһуйар.

Саха киһитэ ол иһин былыр да, быйыл да сатаан сэҥээрэр, соһуйар, үөрэр, ытыыр айылгылаах буоллаҕа. Тыл иччилээх сахам дьоно! Күннэтэ дорҕоонноохтук сэһэргэһиҥ, хоһоону биһирээҥ, төрөөбүт тылгыт күүһүнэн күннэтэ уйулҕаҕытынан ылына, арчылана сылдьыҥ.

Эриэккэс дьоро түһүлгэни бэлэмнээбит бары тэрийээччилэргэ, кыттааччыларга, ыытааччыларга уот-күөс, музыка эйгэтин тэрийбит күндү дьоммутугар махталбын этэбин! Төлкөлөөх төрөөбүт тылбыт үйэлээх, сайдыылаах, алгыстаах буоллун!

Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына, суруйааччы, суруналыыс