Уус Алданнааҕы сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору реабилитациялыыр киин төрөппүттэригэр анаан Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр анаан «Ийэ тыл – өбүгэ бэлэҕэ» декада иһинэн олунньу 14 күнүгэр “Оонньуу түһүлгэтэ” тэрээһини ыытта.
Ол курдук төрөппүттэр остуол оонньууларыгар, өркөн өйгө, тобуллаҕас толкуйга хамаанданан күрэхтэстилэр. Ыалдьыттары балаҕан-дьиэҕэ үлэһиттэр саламааттаах, алаадьылаах, итии үүттээх чэйдээх сандалынан үөрэ көрүстүлэр.
Тэрээһин саҕаланыытыгар сахалыы сиэр-туом тутуһулунна. Тигинэччи умайа турар көмүлүөк оһох тула киэҥ кэпсэтии тэрилиннэ. Умсугуйан туран саха остуол оонньууларынан утумнаахтык дьарыктанар ыҥырыылаах ыалдьыппыт Татьяна Васильева остуол оонньууларыгар хабылык, хаамыска күрэҕин иилээн-саҕалаан ыытта. Кини оонньуу хаамыытын сиһилии билиһиннэрэн уонна маастар кылаас көрдөрдө. Тэрилтэ психолога Александра Петрова “Саха оҕотун уратыта” диэн төрөппүттэргэ анаан интэриэһинэй тренинг ыытта.
Төрөппүттэр үөрэн-көтөн, дуоһуйан, сынньанан астынан инникитин даҕаны маннык тэрээһиннэри ыытаарыҥ диэн баҕа санааларын этэн тарҕастылар.
Юлия Бурцева, социальнай педагог