Ийэ киһи Елизавета Ноговицына махтала муҥура суох

Бороҕон сэлиэнньэтигэр олорор күн-күбэй ийэ кыра оҕотун – уолун Романы Украинаҕа Анал байыаннай дьайыыга атаарбыта биир сыл ааһа оҕуста.

Ол курдук, анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо, “Мүрү-Ас” тэрилтэтин уу сыаҕын үлэһитэ Роман Ноговицын төрөппүт ийэ­тигэр Елизавета Ноговицынаҕа, соҕотох олорор сааһыран эрэр киһиэхэ өйөбүл буолан, Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын өттүттэн былырыын муус тиэйэн аҕалбыттара, оттон быйыл күһүөрү дьиэтин сабараанньатын саайан баран, буор аҕалан кунус куппуттара.

Быйыл саас нэһилиэк дьаһалтатыттан “Сардаана” маҕаһыынтан биэс тыһыынча солкуобайга ас ылар сэртипикээти, оттон Улуу Кыайыы күнүгэр “Березка” маҕаһыынтан үс тыһыынчаҕа ас ыларга сэртипикээти бэлэхтээн үөрдүбүттэрэ. Күннэтэ уолун туһугар санаа баттыктаах сылдьар ийэ киһиэхэ болҕомто уурул­лара олус наада буоллаҕа. Ону тэҥэ, Елизавета Ильинична үлэлиир “Мүрү-Ас” тэрилтэтин кэлэктии­бигэр, салайааччытыгар Влади­мир Коле­совка туох кыһалҕалааҕынан кө­рөн аһынан да, харчынан да кө­­мөлөһө, өйүү ту­ралларыгар махтала му­ҥура суох.

Светлана Сивцева

Читайте дальше