Бүгүн Дьокуускайга IV төгүлүн ыытыллар «Үлэ-иис күрэһэ» диэн байыаннай дьайыы байыастарыгар анаан таҥас-сап тигиитигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс саҕаланна.
Манна улууспутуттан «Россия ийэлэрэ» хамсааһын Уус Алданнааҕы филиалын салайааччыта Сусанна Аммосова салайааччылаах иистэнньэҥнэр хамаандалара – Мүрү нэһилиэгиттэн Анастасия Копырина, Валентина Андросова, Хоро нэһилиэгиттэн Таисия Базарова, Валентина Курилкина, 2-с Лөгөйтөн Ньургуйаана Куприянова, Виктория Троева, ону тэҥэ иис үөрэҕэр үөрэммит, үөрэнэ сылдьар икки эдэр иистэнньэҥ Нарыйаана Андросова уонна Ульяна Федорова иистэнэр тэриллэрин туппутунан тиийэн кытта сылдьаллар.
Кыттааччылар 21 биридимиэттээх «Эр хоһуун» кэмпилиэги тигэллэрэ ирдэнэр. Үс күннээх күрэс 11-с чыыһылаҕа киэһэ түмүктэниэҕэ.
Улууспут көхтөөх иистэнньэҥнэригэр ситиһиини, кыайыыны-хотууну баҕаран туран түмүгү кэтэһэбит.
Мария Аргунова