Игнатий Слепцов «Сайын» слет-экпедицияттан ситиһиилээх кэллэ

Улууспут айар куттаах талааннаах ыччата Игнатий Слепцов – Хайа Тыала республикатааҕы “Сайын” слет-экспедицияттан ситиһиилээх кэллэ.

Атырдьах ыйын 9-11 күннэригэр Горнай улууһун Солоҕонугар айар талааннаах ыччаты киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэр, сайыннарар “Сайын” республикатааҕы II слет-экспедиция буолан ааста.

Манна А.П. Петров аатынан Бэйдиҥэтээҕи норуот айымньытын киинин дириэктэрэ Игнатий Слепцов улуус айар куттаах дьонун “Уһуктуу” литературнай түмсүүтүн аатыттан кытынна.
Бу бырайыак чэрчитинэн араас тэрээһиннэр, үөрэхтээһиннэр ыытылланнар Игнатий Слепцов үгүс ситиһиилэннэ.

Ол курдук саха норуодунай артыыһа Раиса Захарова төрөөбүтэ 70 сылыгар аналлаах «Ырыаны аргыс оҥостон» республикатааҕы ырыа күрэҕэр II миэстэни ылары ситистэ. Итиэннэ Савва Тарасов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах «Ситтэрбэтэх кэрэлэр» хоһоон ааҕыытын куонкурсугар эмиэ II миэстэ буолла. Республикатааҕы театральнай инсценировка күрэҕэр «Кыыллар мунньахтара» остуоруйатын туруоран, III бириистээх миэстэҕэ тигистэ.

Сиһилии Игнатий Слепцов маннык кэпсиир:

– Бу бырайыакка быйыл саҥа кытынным. Кыттар баҕаҕын биллэрдиҥ да ыҥыраллар. Тус бэйэм бырайыак арыллыытыгар алгыстаан, Раиса Захарова олоҕун сырдатар түмэл арыллыытыгар ыллаан, тэрээһиммит түмүктүүр чааһын тэҥҥэ ыытыһан кэллим.

Олус туһалаах бырайыак. Эһиилгиттэн өссө кэҥээн барыахтаах. Ол курдук кэлэр сылга ханнык улуус ордук өйүүрүнэн ыытыллыаҕа. Манчаары төрөөбүтэ 220 сылыгар анаан Мэҥэ Хаҥалас сиригэр ыытыллыан сөптөөх эбит. Куонкурсу таһынан бырайыагы суруйууга, драманы туруорууга, уруһуйдуурга маастар-кылаастар ыытылыннылар. Билиҥҥи олоххо бюджеппыт сүрүн үбүлээһинэ бырайыактарынан буолан эрэригэр бэлэмнэнии. Республикабыт айар куттаах дьонугар анаммыт саамай бастыҥ бырайыак эбит дии санаатым. Манна саха суруйааччыларын кытта билсибиппиттэн олус үөрдүм.

Оттон Солоҕон нэһилиэгин биир уратытынан нэһилиэккэ биэс: Олоҥхоһут, Савва Тарасов аатынан, оскуола иһинэн кыраайы үөрэтэр, “Мы из СССР” уонна саҥа арыллыбыт Раиса Захарова олоҕун сырдатар түмэл үлэлиир эбит.
Бу бырайыак манан эрэ тохтоон хаалбакка, сылы эргиччи үлэлиэхтээх. Бырайыакка кыттыбыттар эһиилги буолар тэрээһиҥҥэ биир эмит күрэҕи ыытыһарга бэйэбит баҕа өттүнэн көмөлөһүөхтээхпит. Бу икки сыл Горнай улууһун салалтата уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи Диана Сутакова салайааччлаах «Айар-Арт» НКО тэрилтэ бэйэтин күүһүнэн ыытан кэллэ.

Кэлэр сылга бырайыак суруйан араас граннарга кыттыы үксүө, ыытыллар тэрээһин өссө таһыма үрдүө, кыттааччыта элбиэ диэн Игнатий эрэнэр. Илин эҥээр улуустарыгар ыытылыннаҕына, Уус Алдан улууһуттан элбэх киһи кыттыа этэ диэн үтүө баҕа санаатын үллэстэр. Онон эһиилги “Сайын” слет-экспедицияҕа кыттарга бэлэмнэн!

Ольга Шепелева