Норуокка иккис килиэбинэн аатырбыт хортуоппуй хомуура саҕаланна. Оҕуруот астарыттан саамай сүрүннэрэ уонна олордуута, көрүүтэ-истиитэ судургутун быһыытынан хаһаайыстыба буоллун, ыал буоллун бары олордобут.
Улуус кылаабынай агронома Прокопий Белолюбскай: «Кырдьык, быйыл үтүөкэн, быйаҥнаах сайын ааста. От да үүннэ, оҕуруот да өлгөм үүнүүнү бэрсиэх курдук», – диэн үөрүүтүн үллэстэр. Биирдиилээн ыаллар хортуоппуйдарын хостоон, сорохтор ордорунан атыыга да таһааран эрэллэр. Ити да көрдөрөр – үүнүү үчүгэйин.
Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетыттан иһитиннэрбиттэринэн, ыаллар хортуоппуйдарын ыһыытын 90 гаатын хомуйбуттар. Онтон, быһа холоон, 1004 т хортуоппуй ылыллыбыт. Оттон хаһаайыстыбалар саҕалаан иһэннэр, ардахха мэһэйдэтэн тохтоон олордулар уонна бу нэдиэлэттэн күргүөмнээх хомуурга туруннулар. Билиҥҥитэ 18 гааттан 149 т хомулунна.
Хортуоппуйу үүннэриинэн улууспутугар 10 бааһынай хаһаайыстыба, икки агрооскуола дьарыктаналлар: Владислав Мордовской, Владимир Барашков, Алексей Васильев, о.д.а. хаһаайыстыбалара, маны тэҥэ Танда оскуолатын “Уйгу”, Суотту оскуолатын “Кэскил” кэпэрэтииптэрэ. Ыһыыларын иэнэ туһааннааҕынан 2 гаа уонна 0,5 гаа. Оттон хаһаайыстыбалар бары холбоон 88 гааҕа хортуоппуй олордубуттар.
Танда оскуолата былырыын 3,5 т хомуйбут, суоттулар 200 кг ылбыттар. Оттон хаһаайыстыбалар былырыын 688 т хортуоппуйу хостообут буоллахтарына, быйыл 700 т буолуо диэн барыллыыллар. Бука, итинтэн да өлгөм буолара буолуо.
Афанасий Сектяев