1960 сыл күһүнүгэр Уус Күөлүн бөһүөлэгэр икки этээстээх мас оскуола саҥа аһыллан, нэһилиэк олоҕор улахан көтөҕүллүү кэмэ этэ. Улахан кылаастар 1930 с. бартыһаан Дьөгүөрэп туттарбыт оскуолатыгар олороллоро. Дьөгүөрэп оскуолата оһоҕунан оттуллар буолан, хас кылаас аайы кирпииччэ оһохтор тураллара. Үрдүк голландка (халаанка оһох) тула оһох оттооччулар мас кыстаан бэлэмнииллэрэ. Киэһээтин оҕолор оһоххо таҥастарын ыйаан куурдан хоноллоро.
Настя Пестрякова, оччолорго II-с кылааска үөрэнэр 8 саастаах кырачаан кыыс этэ. Бииргэ үөрэнэр дьүөгэтинээн Люба Аммосовалыын интернат бастакы корпуһугар олороллоро. Биир күн кыргыттар кастелянша Евдокия Бурнашеваны көрдөөн, Дьөгүөрэп оскуолатыгар тиийбиттэрэ. Оҕолор күнүс үөрэнэр буолан, ким да суох кэмигэр киирэн кэлбиттэр. Туох эрэ умайбыт буруо сыта муннуларыгар саба биэрбитигэр көрө түспүттэрэ, оһох үрдүнэн арай уот күлүбүрээн умайан эрэр эбит. Кыргыттар туох эрэ алдьархай буолан эрэрин кырачаан сүрэхтэринэн тута өйдөөбүттэр. Төттөрү ыстанаат, улахан оскуола диэки сүүрбүттэрэ, 100-чэкэ миэтэрэ тэйиччилээх сир оччолорго ыраах да курдук этэ. Тутатына түрүлүөн бөҕө буолан, учууталлар, оскуола оҕото бүтүннүү Дьөгүөрэп оскуолатыгар ыстаммыттар. Аан айаҕар турар буочукалаах уулартан биэдэрэнэн баһан уонна хаар киллэрэн, харса суох ыһан улаатан эрэр уоту умуруорбуттара.
Сарсыныгар оскуола үрдүнэн уопсай улахан линейка тэриллибитэ. Оҕолор иннилэригэр икки кыракый кыыска олоппос аҕалан, ол үрдүгэр бары көрөллөрүн курдук үрдэтэн туруорбуттара. Оччолорго оскуола директора Иосиф Портнягин үөрэнээччилэр Настялаах Люба уоту эрдэ көрөн тыллааннар, оскуоланы баһаартан быыһаабыттарын кэпсээбитэ. Сэрэхтээх, булугас өйдөөх кыргыттары хайҕаабыта, дьиҥнээх хорсун, сэбиэскэй оҕолорго тэҥнээбитэ, үөрэнээччилэргэ холобурга сылдьар быһыы-майгы буоларын туһунан уоттаах-төлөннөөх тылы эппитэ. Үөрүүлээх линейкаҕа Курбуһах орто оскуолатын Бочуотун Кинигэтигэр бастакынан киллэриллэрин туһунан директор илии баттааһыннаах сибидиэтилистибэтин туттарбыттара. Бу түгэни оройуон салалтатыгар биллэрэннэр, сотору кэминэн кыргыттар Уус Алдан оройуонун ситэриилээх комитетын бэрэссэдээтэлин А.Д. Окоемов илии баттааһыннаах грамотатынан наҕараадаламмыттара. Бу кэмтэн Настялаах Люба дьиҥнээх “Герой оҕолорго” тэҥнэнэн, оскуолаҕа биллэр дьон буолан хаалбыттара.
Ол кэмтэн элбэх күн-дьыл аастаҕа. Настя Пестрякова оскуоланы бүтэрээт, Курбуһах отделениетын Балаҕаннаахтааҕы учаастагын ыччат-комсомольскай ферматыгар икки сыл ыанньыксыттаабыта. Ол кэнниттэн СГУ математика факультетыгар үөрэнэ киирбитэ. “Математика уруогар Анна Пухова үөрэппитэ, онно министерствоттан кэлбит контрольнайга кылааспыттан соҕотоҕун «5» сыананы ылан, устунан математика предметигэр интэриэһим улааппыта уонна физмат кылааһыгар талыллан киирбитим”, – диэн бэйэтэ ахтар. СГУ кэнниттэн төрөөбүт улууһун Найахы, Курбуһах, Мүрү орто оскуолаларыгар 32 сыл математика курдук чэпчэкитэ суох предмеккэ учууталлаабыта, “Бастыҥ кылаас салайааччыта” аатын сүкпүтэ, үөрэппит оҕолоро улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадалар кыайыылаахтарынан буолбуттара, педпрактикалары салайбыта, математика эдэр учууталларыгар наставниктаан, түбүктээх педагог сыллара элэҥнэһэн ааспыттара. Анастасия Гаврильевна кини суолунан барбыт үөрэппит оҕолордооҕунан киэн туттар.
Олоҕун аргыһынаан Иннокентий Мигалкинныын иккиэн учуутал идэлээхтэр. Анастасиялаах Иннокентийы хайыһар тыргыллар суола холбообута. Иннокентий өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр спортсмен, хайыһарга уонна велоспортка маастарга кандидат, нуучча дуобатыгар 1-кы разрядтаах, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, улуус бочуоттаах олохтооҕо. Мигалкиннар нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ тэрээһиннэрин инники күөнүгэр сылдьар дьиэ кэргэнинэн буолаллар. Ол туоһутунан, ыал ийэтэ “Күн-күбэй ийэ” улуустааҕы куонкурус кыайыылааҕа (1993), улуустааҕы дьиэ кэргэттэр күрэхтэригэр “Дьоҕурдаах дьиэ кэргэн” аатын (1997), өрөспүүбүлүкэтээҕи “Семья – хранитель традиции РС(Я)” (2020), дьиэ кэргэн ансаамбылларын улуустааҕы бэстибээлин лауреаттара (2020), өрөспүүбүлүкэтээҕи ”Золотая леди-2023” анал бириистэрин ылыахтарын ылбыттара. Төрөппүт оҕолоро бары анал идэлээх үрдүк үөрэхтээх үлэһиттэр.
Анастасия Гаврильевна Мүрү нэһилиэгин “Сардаҥа” түөлбэтин салайааччытынан, бэтэрээн сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан үлэлээбитэ, Мүрүтээҕи ”Күндүүнэ” ансаамбылы 15 сыл салайар, нэһилиэгин олоҕо туруктаах буоларыгар күүһүн, бириэмэтин харыстаабакка кыттар. Элбэх субуотунньуктарга, тэрээһиннэргэ көхтөөхтөр, түмсүүлээхтэр.
Анастасия Гаврильевна оскуолаҕа үөрэммит кэмин, бииргэ үөрэммит оҕолорун, ол кэминээҕи оскуола, бөһүөлэк хайдах улаатан-кэҥээн, сайдан испитин, интернат-оскуола учууталларын, иитээччилэрин туһунан сырдык мичээрдээх ахтар-саныыр.
Зоя Белолюбская, Бороҕоннооҕу Сэһэн Ардьакыап аатынан музей научнай сотруднига