Олунньу 6 күнүгэр «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһыгар Бэйдиҥэтээҕи норуот айымньытын киинин методиһа, хореограф-балетмейстера, фитнес-аэробика республикатааҕы федерациятын кыттыгас төрүтээччитэ, фитнес-тренер, сөптөөх аһылык исписэлииһэ Сардаана Михайлова Уус Алдан улууһун хореографтарыгар «Здоровьесберегающие технологии в хореографии средствами аэробной гимнастики» диэн тиэмэҕэ практическай семинары ыытта.

Манна хореография ускуустубатыгар уонна оҕону иитиигэ араас хайысхалардаах тиэмэлэр таарылыннылар: духуобунас, педагогика, аһылык уонна итилэр оҕо өй-санаа, эт-хаан өттүнэн сайдыытыгар дьайыылара. Ону таһынан семинар практическай чааһыгар хореографтар аэробика олук хамсаныыларынан үҥкүүнү ситимниири, имигэс аэробика эрчиллиилэрин толорууга үөрэттилэр. Быстах сынньалаҥ кэмигэр Уус Алданнааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин электроннай салаатын сэбиэдиссэйэ Роза Колодезникова хореографтар түмсүүлэрин 25 сыллаах үлэтэ улуустааҕы библиотека электроннай салаатыгар киирбит мультимедийнай материалларын билиһиннэрдэ.

Түмүккэ үҥкүүгэ уһуйааччылар семинар тиэмэтэ үлэҕэ туһалаах уонна көдьүүстээх буолуоҕун сыаналаатылар итиэннэ инники үлэлэригэр саҥа сүүрээннэри ырыттылар, былааннары торумнаатылар.

Мария Аргунова