Хомунаалынай төлөбүрдэргэ ый аайы көрүллэр толуйуулар

Билиҥҥи кэмҥэ хомунаалынай төлөбүр арааһа элбээтэ. Ол иһигэр бөх (ТКО) тоҕуута эмиэ баар. Бу төлөбүрдэри чэпчэтиигэ социальнай көмүскэл управлениета толуйуу (компенсация) оҥорор. Онно маннык хомунаалынай өҥөлөр кии­рэллэр: оттук мас, чох атыылаһыыта, электричество, убатыллыбыт гааһы, итии, тымныы ууну туһаныы, канализация иһин төлөбүрдэр. Киинтэн ититиигэ холбонон олорор чааһынай дьиэлээхтэр эмиэ туһаналлар.

Аны толуйууну ким ылыахтааҕый? Манна чэпчэтиинэн туһанааччылар хабыллаллар. Ол курдук сэрии, тыыл, үлэ бэтэрээннэрэ, инбэлииттэр, инбэлиит оҕолоох ыаллар, репрессияттан эмсэҕэлээбиттэр, сэрии кыттыылааҕын огдообото, сэрии инбэлиитин огдообото, икки хараҕынан көрбөт инбэлиит, байыаннай дьайыы кыттыылааҕа (анал байыаннай дьайыы буолбатах), аармыйаҕа сылдьан өлбүт саллаат төрөппүтэ, радиацияттан саа­халланыыны туоратыы кыттыылаа­ҕа. Бу дьоҥҥо маннык ирдэбиллэр тураллар: олорор сиригэр бастайааннай эбэтэр быстах прописка, хомунаа­лынай төлөбүрдэргэ суутунан иэһэ суох буолуохтаах, инбэлиит оҕолоох ыалга чэпчэтии барыларыгар дьайар, атын чэпчэтиинэн туһанааччыларга биир эрэ чэпчэтии ананар, элбэх дьиэ­лээх буоллаҕына бииригэр эрэ ананар (холобур, куоракка эмиэ дьиэлээх буоллаҕына, ол дьиэтигэр быстах прописка оҥотторон баран). Куортамҥа олорооччуларга төлөбүр көрүллүбэт.

Хомунаалынай төлөбүр иһин ыйдааҕы харчынан толуйуу региональнай (Саха сиринээҕи) уонна федеральнай диэҥҥэ арахсар. Регио­нальнайга олорор дьиэ иһин анал нуорма тутуһуллар. Ол курдук, олох соҕотоҕун олорор чэпчэтиинэн туһанааччыга 64 кв.м. тахсыбат. Оттон оннук категорияҕа хапсар эрээри, үлэлиир буоллаҕына 33 кв.м. эрэ толуйууну ылыан сөп. Нуорма быһыытынан дьиэ кэргэн биир киһитигэр 18 кв.м. тиксэр. Онно 9 кв.м. куукуна эбиллэр. Холобур, дьиэ кэргэн 4 киһилээх, 110 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа олорор буол­лаҕына, 4х18+9=81 кв.м. тахсар. Бу кээмэйгэ эрэ толуйууну ылаллар. Онтон федеральнайга итинник нуорма суох. Федеральнай чэпчэтиинэн туһанааччылар толуйуу харчыларыгар управляющай хампаанньалар өҥөлөрө киирбэт. Онтон регионнааҕы чэпчэтии­нэн туһанааччыларга хапытаалынай өрөмүөн иһин усунуос киирбэт. Үһүс группалаах инбэлииккэ оннук эмиэ көрүллүбэт.

Аны чэпчэтиинэн туһанааччылар эмиэ араарыллаллар. Ол курдук сэрии кыттыылаахтарыгар, сэрии инбэлиитин огдооболоругар, икки хараҕынан көрбөт инбэлииттэргэ толуйуу 100% оҥоһуллар. Онтон тыыл, үлэ бэтэрээннэригэр, инбэлииттэргэ, инбэлиит оҕолоох ыалларга о.д.а. 50% төлөнөр.

Уруккуттан чэпчэтиинэн туһанаач­чылар бары ый аайы көрүллүбүт хомунаалынай төлөбүр өҥөлөр иһин чэпчэтиинэн туһана сылдьаллар: инбэлиит оҕолоох ыалга – 3359 солк., үлэ бэтэрээнигэр – 1604 солк., тыыл бэтэрээнигэр – 2674 солк., инбэлииккэ – 1566 солк., сэрии бэтэрээнигэр – 4240 солк., байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар (АБДь киирбэттэр) – 400 солк., репрессияттан эмсэҕэлээбиттэргэ – 3743 солк., сэрии кыттыылаа­ҕын огдоо­ботугар – 1566 солк., икки хараҕынан көрбөт инбэлииккэ – 5846 солк., аармыйаҕа сылдьан өлбүт саллаат төрөппүтүгэр – 1566 солк., радиа­цияттан саахалланыыны туоратыы кыттыылааҕар – 1566 солк., сэрии инбэлиитин огдооботугар – 4240 солк. көрүллэр. Бу чэпчэтиинэн туһана сылдьааччылар алта ыйдаах хат ааҕыыга (перерасчет) маннык түгэннэргэ саҥаттан сайабылыанньа биэриэхтэрин сөп: пропискалара алта ыйтан ааспыт буол­лаҕына, көрүллэр 50% төлөбүрдэрэ ыла сылдьар чэпчэтиититтэн аһара барар буоллаҕына, хомунаалынай төлөбүрдэргэ иэһэ суох буоллаҕына.

Төлөбүрү хат ааҕыы хомунаалынай өҥө көрүллүбүт нуорматыттан тахсыбат, барыта нуорманан суоттанар. Өскөтүн үлэ бэтэрээнэ субсидиянан туһанар буоллаҕына, ол суумата көҕүрүүр. Онтон 2019 сыл ахсынньы 1 күнүттэн инбэлиит буолбуттар хаттаан ааҕыыга сайабылыанньа биэрбэттэр. Кинилэр төлөбүрдэрэ ый аайы суоттанар.
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтара эрдэ байыаннай дьайыы бэтэрээнэ буолбут буоллахтарына, 400 солк. ый аайы ыла сылдьаллар. Онтон 2019 сыл ахсынньы 1 күнүн кэнниттэн буол­буттар уопсай дьиэҕэ бэйэлэрин кыбартыыраларыгар пропискалаах эрэ буоллахтарына төлөнөр. Кинилэргэ хапытаалынай өрөмүөн иһин усунуос уонна управляющай хампаанньа техническэй өҥөтүн иһин 50% төлөнөр.

Хат ааҕыыга маннык докумуоннары МФЦ-га илдьэ кэлэллэрэ ирдэниллэр:

  • Хомунаалынай өҥөлөрү төлөө­бүтүн туһунан алта ыйдааҕы квитан­циялар уонна чектэр.
  • Пааспар.
  • Чэпчэтиинэн туһанарын бигэргэтэр дастабырыанньа эбэтэр ыспыраапка.
  • Дьиэ кэргэнин туһунан ыспы­раап­ка (форма 3). Пропискалаахтар эрэ киирэллэр.
    Төлөбүр ылар реквизиттэрэ.

Хомунаалынай өҥөлөр төлөбүрдэригэр ый аайы бэриллэр толуйуу маннык түгэннэргэ тохтотуллар, эбэтэр анаммат:

  • Саха сирин таһыгар тахсыбыт, онно пропискаламмыт буоллаҕына.
  • Интэринээт дьиэҕэ олоро киирбит буоллаҕына.
  • Хомунаалынай өҥө иһин төлө­бүрдэргэ суутунан иэстээх буоллаҕына.
  • Инбэлиитин болдьоҕо ааспыт буол­лаҕына.
  • Бэриллиэхтээх төлөбүрүн алта ый устатыгар почтаттан ылбатах буол­лаҕына.

Елена КРИВОШАПКИНА, социальнай көмүскэл управлениетын салайааччыта.