Хартыыналар дьиктитик тиллэн ыллылар

Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ Люция Бурцева, Диана Гаврильева аан дойдутааҕы оскуолалар бибилэтиэкэлэрин ыйын чэрчитинэн ааспыт нэдиэлэ устата күн аайы сэргэх тэрээһиннэри ыыттылар. Алын кылаастарга суруйааччы Николай Носов төрөөбүтэ 115 сылыгар аналлаах «Чымадааҥҥа быыстапка» куонкурус, улуустааҕы оҕо бибилитиэкэтин кытта интеллектуальнай оонньуулар, идэҕэ туһаайыылаах бибилитиэкэ уруоктара, о.д.а. тэрилиннилэр. Маны тэҥэ ый устата «Оскуола бибилитиэкэтигэр кинигэтэ бэлэхтээ» акция ыытыллар. Нэдиэлэ бээтинсэтигэр 5-11 кылаастарга «Тиллибит хартыыналар» худуоһунньуктар хартыыналарын тыыннааҕымсытан көрдөрүү куонкуруһа буолан ааста.

Куонкуруска сүрүннээн XIX-XX үйэлэр худуоһунньуктарын хартыыналарын кылаастар толорууларыгар көрдүбүт. Ону тэҥэ нуучча улуу худуоһунньуга Илья Репин, аатырбыт итальянскай худуоһунньук Леонардо да Винчи хартыыналарын талан «тилиннэрэн» көрдөрдүлэр.

Куонкурус түмүгэ маннык буолла: 5-6 кылаастарга: 1 м. — 6 «в», Федор Решетников «Опять двойка» (кыл.сал. Е.Т. Егорова), 2 м. — 5 «б», Анатолий Довженко «Прием в пионеры» (кыл.сал. Е.Г. Шахурдина), 3 м. — 6 «б», Леонардо да Винчи «Мона Лиза» (кыл.сал.Ф.Д. Бурнашева.  7-8 кылаастарга: 1 м. — 7 «в», Павел Соколов — Скаля «Краснодонцы» (кыл.сал. Н.В. Павлова), 2 м. — 8 «а», Олег Терентьев «Герои в школе» (кыл.сал. Надежда Лазарева), 3 м. — Николай Богданов-Бельскай «Дети на уроке» (кыл.сал. Д.А. Лаптев).  9-11 кылаастарга: 1 м. — 11 «а», Илья Репин «Бурлаки на Волге» (кыл.сал. В.Н. Афанасьева), 2 м. — 11 «б», Николай Сысоев «Полдень» (кыл.сал. З.П. Черкашина), 3 м. — 10 «в», Леонардо да Винчи «Тайная вечеря» (кыл.сал. О.И. Бурцева).

Миэстэҕэ тиксибиттэр анал грамоталарынан, бириистэринэн бэлиэтэннилэр, номинациялар туттарылыннылар.
Куонкуруһу көрбүттэр искусство кэрэ эйгэтигэр куустаран билиилэрин хаҥаттылар. Кэрэлиин алтыһыы умнуллубат күнэ ааста.
 Елена Сыроватская, уопсас.кэрэсп.