Олоҥхо оҕону сайыннарар өрүтэ үгүс буоллаҕа. Олоҥхолуурга айылҕаттан талаан наада дуо? Улаатан эрэр оҕону уһуйуохха сөп дуо? Билигин олоҥхону сэҥээрэр оҕолор төһө баалларый? Олоҥхо сайда барҕарарын туһугар улууспутугар өссө туох үлэни ыытыахха сөбүй? Бу үөскээбит ыйытыыларбытын олоҥхону уһуйааччылартан токкоолостубут.
Вера ТРОЕВА, Баатаҕай орто оскуолатыгар «Кылыһах» ансаамбылы салайбыта:
– Олоҥхоҕо кыраларыттан уһуйуу үөскээбит сиригэр уонна ийэ олоҥхоһуттары истии үөрүйэхтик ыытыллар буоллаҕына, олоҥхоһуттар тахсыахтарын сөп. Баҕалаах оҕо батыһа сылдьан сэҥээрэн ылынар. Оҕоттон тулуур, дьулуур ирдэнэр. Аҥаардас олоҥхону биллэрэ сатыырынан муҥурдаммакка, олоҥхоҕо тирэҕирэн кэрэҕэ-сырдыкка умсугутан оҕону киһи быһыытынан иитэри тэҥнии тутуохха наада. Улууска олоҥхону сайыннарар туһуттан төрөөбүт тылга болҕомто ууруллара наада, биэс сыллаах граҥҥа киирсэн, сылларынан бырагыраама оҥостон үлэлиир таһаарыылаах буолуо этэ.
Зоя ШЕПЕЛЕВА, Бэйдиҥэтээҕи «Чэчир» оҕо тэрилтэтигэр иитээччинэн үлэлээбитэ:
– Оҕо тэрилтэтигэр 40 сыл үлэлээбитим. «Оҕо тылын сайыннарыы – ис кыаҕын арыйыы» диэн авторскай үлэм уопутун кэпсиир кинигэлээхпин. Мин оҕону үс сааһыттан олоҥхону олугунан ааҕыыга дьарыктыыбын. Оҕо үөрэтии көмөтүнэн олоҥхолуон сөп, кылыһах оҕоҕо тута үөскээбэт. Болҕомтолоох, түргэнник ылынымтыа, барыны бары интэриэһиргиир оҕо олоҥхолуон сөп эбит диэн бэлиэтии көрөбүн. Ардыгар, орой мэник оҕо кимнээҕэр боччумуран оруолун толорооччу. Олоҥхо-батл күрэс «Саха» НКИХ каналыгар көстөр буолан, оҕолор интэриэһиргииллэр. Хомойорум диэн, Бэйдиҥэҕэ оскуолаҕа олоҥхоҕо дьарыктаабаттар. Оскуолаҕа үөрэппэт буоллахтарына салгыы хайдах сайдан барыахтарай? Уһуйааҥҥа да тохтуохпуттан үөрэтэр киһи суох. Төрөппүттэр көрдөстөхтөрүнэ, оскуола оҕолорун куонкуруска бэлэмниибин. Улууска олоҥхо сайдарыгар фольклорга, төрүт үгэстэрбитигэр үөрэтэр салайааччы наада. Оҕону бөлөхтөргө арааран куруһуоктары тэрийэн дьарыктыахха. Үгүстүк куонкурустарга кытыннаран, дьоҥҥо-сэргэҕэ таһаарыахха.
Светлана ГОТОВЦЕВА, Баатаҕайдааҕы «Күнчээн» оҕо уһуйаанын иитээччитэ:
– Мин оҕо саадын улахан бөлөҕөр үлэлиир буоламмын, оҕолору түөрт саастарыттан үөрэтэбин, бастаан олук хоһооннору, онтон 5-6 саастарыттан олоҥхону оруолларынан үллэрэн аахтарабын. Улаатан эрэр оҕо интэриэстээх буоллаҕына, уһуйуллуон сөп. Оҕо чуолкайдык саҥарар, өйүгэр тутар дьоҕурдаах, интэриэстээх буоллаҕына, олоҥхоҕо уһуйуохха сөп. Кэнники кэмҥэ баҕалаах оҕо элбээн эрэр курдук. Араас күрэстэргэ оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору кытыннараллара эбитэ буоллар. Оҕо тэрилтэлэригэр, оскуолаларга олоҥхону үөрэтэр кадрдары штат көрөн үлэлэтэллэрэ буоллар, олоҥхоһут оҕо элбиэ этэ.
Сахаяна ИВАНОВА, Уһун Күөллээҕи «Чуораанчык» оҕо тэрилтэтин иитээччитэ:
– Олоҥхону олоҕурбут ньыманан толорууга биэс сааһыттан уһуйуохха сөп. Улааппыт оҕоҕо ийэ тыла иҥэриллибит буоллаҕына, уһуйуллар кыахтаах. Ханнык да оҕо үөрэтии көмөтүнэн олоҥхолуон, туойуон сөп. Кылыһах эрчийии көмөтүнэн арыллар дии саныыбын. Оҕо баҕалаах эрэ буолуон наада. Өйгө тутар дьоҕурун сайыннарыыга араас ньыманан үлэни ыыттахха, оҕо ылынара түргэн буолар. Билигин баҕалаах оҕо элбэх диир уустук. Миэхэ бөлөххө 11 оҕо баар. Бастаан алтыа этибит, онтон оҕо оҕоттон көҕүйсэн билиэх-көрүөх баҕалара уһуктан хомуллан кэлбиттэрэ. Олоҥхону сайыннарарга улууска норуот тылынан уус-уран айымньытыгар оҕону интэриэһиргэтэр күрэстэр, оонньуулар, куруһуоктар тиһиктэрин быспакка ыытыллыахтарын наада.
Мария Аргунова