Сэтинньи 2 күнүгэр “Мүрү саһарҕата” хаһыат редакциятын үлэтин билсэ бара сырыттыбыт. Биһигини корреспондент Афанасий Копырин көрүстэ. Кини хаһыат историятын истиэндэтин көрдөрдө, кэпсээтэ.

Редакцияҕа кыра музей баар. Манна урукку латыынныы алфавитынан бэчээттэммит хаһыаттар, бэчээттиир машинка, чэрэниилэ, сибиниэс буукубалар, онтон да атын баар. Урут маннык буукубаларынан таҥан, кырааскалаан хаһыаты бэчээттииллэр эбит.

“Мүрү саһарҕата” хаһыат наһаа «кырдьаҕас» эбит, бастакы аата “Бассабыыктыы тэрийээччи” диэн үһү. Билигин бу улуус сонуннарын киэҥник тарҕатар соҕотох бэчээт кыһата.
Оҕолорго анаан “Үрүйэчээн” диэн өҥнөөх хаһыат тахсар. Манна оҕолор суруйбут кэпсээннэрэ, хоһоонноро, остуоруйалара бэчээттэнэллэр. Өссө хаһыат телеграм каналыгар уонна саайтыгар «буруолуу» сылдьар сонуннары ааҕыахха сөп.

Афанасий Иванович “Хаһыат диэн история, оҕо сылдьан суруйбут суруккун улаатан да баран кэлэн көрүөххүн сөп. Социальнай ситимнэргэ сонун түргэнник тарҕанар, ол эрээри онно тахсыбыт сүтүөн сөп, оттон кумааҕыга бэчээттэммит хас да сыл сытыан сөп. Хаһыаты, кинигэни элбэхтик ааҕар киһи билиилээх буолар. Хаһыаты ааҕыҥ, хаһыакка суруйтарыҥ”, – диэн ыҥырда.

Редакцияҕа хаһыаты эрэ буолбакка, дьоҕурдаах дьон бэйэлэрэ суруйбут кинигэлэрин, тэрилтэлэр историяларын кинигэлэрин бэчээттииллэр эбит.

Сивцева Ксюша,
“Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин киинин пресс-киинэ