Хаһыат лауреаттара – бастыҥтан бастыҥнар!

Сыл ахсын тохсунньу 13 күнүгэр Арассыыйа Бэчээтин күнүгэр улуустааҕы “Мү­рү саһарҕата” хаһыат үлэ­тин түмүгүнэн бастыҥнары быһаа­рар түгэнэ үүнэр. Ол кур­­дук, хаһыаты кытары өрүү бииргэ үлэлэһэр суруналыыс­тарбытыгар, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрбитигэр, үүнэн эрэр эдэр кэрэспэдьиэннэргэ уонна хаһыат сурутуутун бастыҥ тэрийээччилэргэ хаһыс да сылын хаһыат лау­реат­тарын аатын иҥэрэбит.

Быйылгы лауреаттарбытын билиһиннэрдэххэ, “Сыл бастыҥ суруналыыһын” үрдүк аата Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Елена Сыроватскаяҕа иккис төгүлүн биир санаанан иҥэрилиннэ. Елена Николаевна хаһыат балаһатыгар, саайтка уонна телеграмҥа өрүү хорутуулаахтык суруйар, куруук саҥа, сонун матырыйаалы сыр­датан сэҥээриини ылар, онон хаһыат үлэтигэр улахан төһүү күүс буолар биир айымньы­лаах­тык үлэлиир суруналыыспыт. “Сыл бастыҥ уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ” аат Курбуһах нэһилиэгин олохтооҕо Мария Винокуроваҕа иҥэрилиннэ. Мария Ивановна Курбуһахтаа­ҕы кырдьаҕастар интэринээт дьиэлэригэр үлэлиир. Кини интэринээт уонна нэһилиэгин олоҕуттан хаһыакка хото суру­йан өрүү сырдатар. Тыла-өһө хомоҕой буолан, суруйууларын ааҕааччы өрүү сэргиир. “Бастыҥ эдэр кэрэспэдьиэннэр постара” ааты “Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин иһинэн эдэр суруналыыстар куруһуоктарын (сал. Евдокия Окоемова, Иза­белла Аманатова) чилиэннэрэ ыллылар. 2022 сылтан ыла улуус хаһыатын иһинэн “Үрүйэ­чээн” оҕо хаһыата бэчээттэнэр. Манна биир актыыбынайдык кыттар түмсүүнэн “өркөннөр” буо­лаллар. Оҕолор бэйэлэрин тылларынан араас тэрээһиннэри, биир саастыы­лаахтарын сыр­датан, хаһыат үлэтигэр сыстан эрэллэрэ үөрдэр, элбэҕи эрэннэрэр. Оттон “Сурутууну бастыҥ тэрийээччи” ааты быйыл Россия ИДьМ Уус Алданнааҕы отделын начаалынньыгын солбуйааччы, полиция подполковнига Петр Гоголев ылла. Полиция отдела хаһыс да сылын улуус хаһыатын өйөөн, үлэһиттэригэр, тэрилтэтигэр суруттарар. Хаһыаты тэрилтэҕэ тиэрдэн биэрэр буолан, үлэһиттэр саҥа хаһыаты сойуппакка ааҕаллар. Маннык күргүөмүнэн суруттарыы үлэтэ, биллэн турар, иилиир-саҕалыыр киһиттэн тутулуктаах, маныаха Петр Петрович тэрээһиннээхтик, кыһамньылаахтык ылсан, улуус биир улахан кэлэктиибэ хаһыакка көхтөөхтүк суруттарар.

Бу курдук, сыллааҕы үлэ түмүгэр бастыҥнар бэлиэтэнэн, үлэ түмүгэ сыаналанан, саҥа соруктары ситиһэргэ саҥалыы күүс-­уох эбиллэр.

Екатерина Захарова

Читайте дальше