Бу күннэргэ Улуу Кыайыыны аҕалбыт ытык дьоммутун ахтар-саныыр, кэпсиир иэспит. Ол суоһар кэмнэргэ хаһыат фронт да, маннааҕы олох-дьаһах, үлэ-хамнас да туһунан сырдата турбута. Онно уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэр эмиэ сүрүн көмөлөһөөччүлэринэн буолбуттара.
Афанасий Егорович Охлопков биһиги хаһыаппытыгар 1936 сыллаахтан барыта 62 сыл устатыгар уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн быһыытынан суруйбута. Соторутааҕыта уркку хаһыаттары көрө олороммун Афанасий Егорович суруйуутугар хараҕым хатанна. Ол “Большевистскай тэрийээччи” хаһыат (улууспут хаһыата оччолорго оннук аатынан тахсара) 1945 сыллааҕы ыам ыйын 11 күнүнээҕи нүөмэригэр тахсыбыт ыстатыйата. Кини оччолорго Курбуһах нэһилиэгин исполкомун бэрэссэдээтэлэ этэ. мантан салгыы ыстатыйаны ааҕыҥ.
Биир да төрүөҕү өлөрүөхпүт суоҕа
I Курбуһах нэһилиэгэр барыта 144 ынах, 34 биэ төрөөтө. Мантан ааспыт ыйга 5 ньирэй ыалдьан өлбүттэрэ. Өлүү ордук “Кыһыл хардыы” колхозка таҕыста. Ол курдук 46 ынах төрөөбүтүттэн 3 ньирэй өллө.
А. Аммосов председателлээх Молотов аатынан колхоз саҥа төрүөҕэ үчүгэй туруктаах. Барыта 40 ынах, 20 биэ төрөөбүтүттэн төрүөхтэрэбары тыыннаахтар.
Манна ордук сылгы ферматын сэбиэдиссэйэ В. Местников үчүгэй кыһамньытын көрдөрдө. Кини төрөөбүт уонна төрүүрэ чугаһаабыт биэлэри тус-туспа күрүөлэргэ хаайталыыры олохтоото. Түүнү-күнүһү кэрэйбэккэ көрөрү, бириэмэтигэр аһатыыны-уулатыыны ситистэ.
Биһиги нэһилиэк колхозтаахтара сүөһүт государственнай былаанын аһара толорон, сүөһүтэ суох хаһаайыстыбалары сүөһүлүүргэ сүрүн кыһамньыларын ууран туран үлэлииллэр.
А. Охлопков, Курбуһах нэһилиэгин советын председателэ.
Дьэ, ити курдук 79 сыл анараа өттүнээҕи суруйуу олох кыһалҕаларын кэпсииринэн, билигин да суолтатын сүтэрбэтэ сөхтөрөр.
Бэлэмнээтэ Афанасий Сектяев