Олунньу 17 күнүгэр сарсыарда 5 чаастан Бороҕон – Бэрдьигэстээх хайысхатынан эйэҕэс суоппардаах сыыдам автобуска олорон 20 үөрэнээччи уонна 2 салайааччы буолан ырыа-тойук аргыстаах айаннаабыппыт. Ол Мүрү 1-кы №-дээх оскуолатын кыргыттара, Мүрүтээҕи «Уолан» гимназия уолаттара нуучча суруйааччыта И.С. Тургенев төрөөбүтэ 205 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай баалга Уус Алдан улууһун аатыттан кытта тиийбиппит.
Быйылгы үөрэх дьылыгар үлэҕэ киирбит саха биллиилээх поэта Семен Данилов аатынан сабыс-саҥа, улахан оскуолаҕа кэлбиппит. Ыраах айантан кэлбит дьону үөрэ-көтө дэлэгэй астаах остуоллаах көрсүбүттэрэ. Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 15 оскуола кэлбит этэ. Тэрээһин саҕаланыытыгар былыргы 19-с үйэҕэ төннөн хаалбыт курдук буолбуппут. Бииртэн биир кэрэ таҥастаах кыргыттар, фрактаах уолаттар көбүс-көнөтүк туттан классическай музыкаҕа доҕуһуоллатан үҥкүүлээн тэлээрбиттэрэ.
Биһиги 10 паара буолан 5-с нүөмэринэн киэҥ, сырдык саалаҕа киирэн үҥкүүлээбиппит. Онтон уолаттарга романс толоруута, дорҕоонноохтук хоһоон ааҕыы, театральнай дьүһүйүү күрэҕэ буолбута. Литературнай викторинаҕа биһиги бастакы, иккис миэстэлэри ылбыппыт. Уопсай түмүгүнэн 3-с истиэпэннээх дипломант буолан үөрэн-көтөн кэлбиппит. Бу тэрээһиҥҥэ кыттарга бэлэмнээбит салайааччыларбытыгар Ольга Ивановна Бурцеваҕа уонна Платон Леонидович Стрекаловскайга олохпутугар биир кэрэ күнү бэлэхтээбиттэрин иһин махталбыт муҥура суох. Эһиэхэ үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Нарыйаана Колесова, Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын 10 «в» кылааһын үөрэнээччитэ