В.В. Алексеев аатынан Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын 10-с кылаһын уолаттара, директор Федор Татаринов, учууталлар Иннокентий Жирков (ОБЖ), Руслан Жирков (физика), Иннокентий Тарабукин (технология) буолан үгэскэ кубулуйбут экстрим походка баран кэллилэр.
Ол курдук, ыам ыйын 2 күнүгэр түөрт Геройдаах Байаҕантай сиригэр сатыы айаҥҥа туруммуттара. Бу туһунан айаҥҥа сылдьыспыт үөрэнээччи Вениамин Крылов бу курдук кэпсээтэ:
– Бастаан Тыама Баҕарах диэн сиргэ тохтоон Кэриэстэбил аллеятын көрбүппүт. Аҕа дойду сэриитин саҕана эр дьон сылгы хааччаҕын оҥороору бүтэй үүтэ хаһа сырыттахтарына, кинилэри сэриигэ ылан барбыттар. Ол бүтэй үүтүн аайыттан билигин тиит мастар үүнэн тураллара бэйэтэ аллея буолан тахсыбыт. Көрөргө бэрт интэриэһинэй көстүү.
Салгыы түөрт Геройдаах Байаҕантай нэһилиэгэр диэри сатыы (Бороҕонтон Тандаҕа диэри 49 км ыраах) хааман тиийдибит. Биһигини М.Н. Готовцев аатынан Танда орто оскуолатын кэлэктиибэ олус үчүгэйдик, сэргэх култуурунай программалаах, минньигэс астаах көрсүбүтүгэр наһаа махтана санаабыппыт.
Ыам ыйын 3 күнүгэр Тандаҕа экскурсияҕа, түмэлгэ сылдьан элбэҕи билбиппит. Таҥара дьиэтэ 1908 сыллаахха тутуллубут эбит. Историята наһаа киэҥ. Киэһэ футболлаан да ылбыппыт. Күнүс Тиит Арыы диэки туруммуппут, ол эбэтэр 16 км тэйиччи сиргэ сатыы хааман киэһэ тиийбиппит. Онно И.С. Колодезникова аатынан Тиит Арыы оскуолатыгар тохтообуппут. Эмиэ үчүгэйдик көрсөн үөрдүбүттэрэ. Араас бириистээх оонньуулары оонньоппуттара.
Ыам ыйын 4 күнүгэр сарсыарда Таҥараһыт хайатыгар туруммуппут. Бастакы сааскы ньургуһун сибэкки тыллыбытын көрбүппүт. Ити 14 км тэйиччи сиргэ хааман тиийэн хайаҕа тахса сырыттыбыт. Урут таҥараҕа чугас буолуом диэн санааттан, Прокопий диэн таҥараһыт киһи ити сыыр үрдүгэр дьиэ туттубут эбит. Кэлин кини өлбүтүн кэннэ дьиэтин Тиит Арыыга көһөрбүттэр.
Үөһэттэн айылҕабыт наһаа да кэрэ көстүүлээх. Бу түөрт күннээх экстрим походпут этэҥҥэ түмүктэннэ. Ити сырыыбыт олохпут тухары өйбүтүгэр-санаабытыгар иҥэн биир кэрэ-бэлиэ, оҕо саас умнуллубат тугэнэ буолан хаалыаҕа.
Эр киһи хайдах буолуохтааҕын көрдөрөр, олоҕу сыаналыырга үөрэтэр поход буолла. Наһаа үчугэйдик көрсүбүт Байаҕантай, Тиит Арыы нэһилиэктэрин олохтоохторугар, илдьэ сылдьыбыт директорбытыгар Федор Федоровичка, учууталларбытыгар үтүө түгэни бэлэхтээбиттэригэр махтанабыт.
Мария Аргунова