Атырдьах ыйын иккис субуотатыгар дойду үрдүнэн сылын аайы Физкультурник күнэ бэлиэтэнэр. Ол аата чэгиэн-чэбдик туругу уонна спорду олохторун аргыһа оҥостубуттарга анаммыт күн. Чэгиэн туругу уонна улахан спорду дьүөрэлэһиннэрэн, сааһырыахха диэри ханнык баҕарар таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыттыахха сөп. Оннук дьон биһиги кэккэбитигэр бааллара үөрдэр.
Найахы олохтооҕо, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Николай Фомин оскуолаҕа үлэлиир сылларыгар көннөрү чэгиэн туругун тута сылдьыбыт буоллаҕына, биэнсийэҕэ тахсан баран спордунан утумнаахтык дьарыктанан барбыт.
Билигин 70 сааһыгар дойду ааттаахтарын кытары күрэстэһэр спортсмен буолла. Кини оскуолаҕа байыаннай бэлэмнэнии уруогун биэрбитэ. Оттон ол уруок уолаттар аармыйаҕа эт-хаан өттүнэн бэлэмнээх буолан тиийэллэрин ситиһэргэ аналлаах этэ. Онон спортка да чугас курдук буолан, сүүрүүнэн дьарыктанарыгар судургу буолбута буолуо. Урукку өттүгэр оскуолаларга НВП диэн уруок баар эрдэҕинэ, ону сүрүннээн физкультура учуутала идэлээхтэр ыыталлара.
Быйыл от ыйын 13-14 күннэригэр Москваҕа бэтэрээн спортсменнар ортолоругар Россия чэпчэки атлетикаҕа чөмпүйэнээтэ буолан ааста. Манна биир дойдулаахпыт олус ситиһиилээхтик кыттан кэллэ. Ол курдук 70 саастаах бэтэрээннэргэ 1500 м сүүрүүгэ чөмпүйүөн үрдүк аатын ылла. Маны тэҥэ, 5000 м сүүрүүгэ боруонса мэтээли кэттэ. Николай Фомин бу ситиһиитэ түбэһиэхчэ буолбатах, муус устарга Иркутскайга ыытыллыбыт Россия кыһыҥҥы чөмпүйэнээтигэр 3000 м иккис миэстэ буолбута. Кини дойду таһымыгар саҥа кыттан баран маннык ситиһиилэннэ. Онон уһун сыллаах утумнаах дьарыга түмүктээх буолла.
Бу күрэхтэһиигэ Николай Фомины сэргэ Мүрү 1№-дээх орто оскуолатын физкультураҕа учуутала Иван Винокуров кыттыыны ылбыта. Кини 5000 уонна 10000 м сүүрүүгэ бириистээх миэстэлэргэ кыл мүччү хапсыбата. Төрдүс буолуталаата.
Афанасий Сектяев