Агро хайысхалаах Суотту орто оскуолатын иһинэн үлэлиир тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар кооперативыгар ыалдьыттаатыбыт. Бастаан «Точка роста» үөрэхтээһин киинигэр дьиэлэнэн олорор «АгроНул» научнай-үөрэтэр лабораторияны кытта билистибит. Биһиэхэ ТХПК технолога Леля Гоголева үлэлэрин туһунан үөрэ-көтө кэпсээтэ.
Оҕуруот аһын, сибэккини олордуу
Манна дьарыктанар оҕолор кыһыҥҥы өттүгэр клубникаттан саҕалаан оҕуруот аһын, сибэкки араас көрүҥүн сиэмэнэн олордон, көрөн-харайан рассаданы бүөбэйдииллэр. Үүнээйилэрин сороҕун нэһилиэнньэҕэ атыылыыллар, сороҕун оскуола таһыгар, учаастактарыгар, бааһыналарыгар үүннэрэллэр. Учаастактарыгар түөрт улахан теплицалаахтар, киэҥ бааһыналаахтар.
Чинчийэр лаборатория
Анал үөрэтэр-производственнай лаборатория хоһо баар. Манна хас биирдии оҕуруот аһын чинчийэн, кэтээн көрөллөр. Биология учуутала Евгенья Гоголева уонна ветеринария хайысхатынан Варвара Румянцева оҕолорго араас лабораторнай анаалыс, уопут оҥоттороллор. Холобур, үүннэрбит оҕуруот астарын төһө битэмииннээҕин, туох ыарыылааҕын быһаараллар эбэтэр үүнэ турар клубника сэбирдэҕин көрөн үөнүн бэрэбиэркэлииллэр, туох элемент тиийбэтин быһаараллар. Онон көрөн тиийбэт састаабыгар уоҕурдуулары көрөн аһаталлар.
Сублимированнай бородууксуйа
Биллэн турар, үүннэриллибит оҕуруот аһын, отону хайдах харайан өр кэмҥэ хаһаанабыт диэн боппуруос турар. Манна оҕолор маастар Сардаана Алексеева салайыытынан бородууктаны харайар, кэнсиэрбэлиир олохтоммут үгэстэргэ атын барыйаан быһыытынан сублимированнай бородууксуйаны оҥорон дьарыктаммыттара үһүс сыла буолла. Ол аата оҕуруот аһын, отону оһоххо буһаран хатараллар. Борщ, аска кутуллар тума, тута сылдьан ыстаан сииргэ чипсыга майгынныыр эрээри иҥэмтэлээх, туһалаах ас буолар. Маннык оҥоһуллубут бородууксуйа быдан өр харайыллар, битэмиинин сүтэрбэт уонна кыра миэстэни ылар. Былырыын Гранынан оҕуруот аһын, отону хатарар 300-тэн тахса тыһыынча суумалаах анал оһох ылыммыттар. Бу оһох 60 киилэҕэ тиийэ бородууксуйаны хатаран таһаарар. Ону таһынан бэйэлэрэ үүннэрбит хаппыысталарын, бэйэлэрин эттэринэн голубцы, тефтель, үрүҥ илгэлэриттэн быырпах оҥорон нэһилиэнньэҕэ хамаҕатык атыылыыллар. Маннык хатарыллыбыт бородууксуйа нэһилиэнньэлээх пуунтан ыраата барааччыларга, холобур, космонавтарга, байыаннайдарга, тыаҕа үлэлээччилэргэ олус табыгастаах. Билигин дуогабар быһыытынан бородууксуйаларын хоту улууска тиэрдэр курдук Грант суруйан түмүгүн кэтэһэллэр. Бу үлэлэринэн үөрэнээччилэр араас күрэстэргэ, быыстапкаларга, ааҕыыларга ситиһиилээхтик кытталлар. Бу хатарыллыбыт бородууксуйаларын анал дьайыыга ыытан көмө оҥорбуттара элбэҕи этэр.
Үөрэтэр-оҥорон таһаарар хаһаайыстыба
Быйыл инкубатор ылан индюк, куурусса таһааран 17 индюгу нэһилиэнньэҕэ биирдии тыһыынчаҕа атыылаабыттар. Бэйэлэригэр саха кууруссатын эмиэ инкубаторынан таһааран уонна үс индюгу хаалларан, ону таһынан кыстаабыт кууруссаларын көрөллөр-истэллэр. Маны таһынан, хоруолук, черепаха, аквариум баар. Кыылы-сүөлү иитиигэ, оҥорон таһаарыы үөрэх маастара Варвара Румянцева кэпсээбитинэн, индюк олус көрүүлээх эбит. Балык, күөх от, сибиинньэ уотурбатын бөскөтөн аһаталлар. Биир кэм аһыы тураллар. Кыраларыгар оргуйбут муус уутун иһэллэр. Ону таһынан араас битэмиини эрэйэллэр. Сарайдаах, күүлэйдиир сирдээх буолуохтаахтар. Быйыл үс индюгу боруобаҕа хаалларбыт буоллахтарына, күһүн эрдэттэн инкубатордаан элбэтэр, нэһилиэнньэҕэ тарҕатар санаалаахтар.
Хотоҥҥо быйыл 37 төбөнү кыстаппыттар. Онтон 30-та оскуола бэйэтин сүөһүтэ, атына чааһынай дьонтон (пайщиктар) ылан көрөллөр, 15 ынах, 15 ньирэй сайылыкка тахсаары бэлэмнэнэ сылдьаллар. Ферма ис-тас үлэтигэр икки үлэһиттээх. Быйыл 15 ынахтан 14-дэ төрөөбүт, биир сылгылаахтар. Сайылыкка икки алааска, биир хаччахтаах сирдэригэр үлэһиттэр бэйэлэрэ оттууллар. Окко анаан пресс-подборщик, роторнай охсор ылыммыттара окко олус көмөлөһөр. Ноһуомнарын мунньан үүнээйи сиригэр куталлар. Онон барыта бэйэлэриттэн. Сайын оҕолор лааҕырданан сайылыкка тахсан хаһаайыстыбаны көрөллөр-истэллэр.
Биһиги тиийиибитигэр үлэһиттэр теплицаларын, бааһыналарын буора номнуо бэлэмнэнэн, аны үтүмэн үгүс үүнээйилэрин олордорго бэлэмнээн үлэлии-хамсыы сылдьаллара. Мантан сайын хайаан да кэлэн оҕуруоппутун, сайылыкпытын кэлэн көрөөрүҥ диэн үлэһэ, ыҥыра хааллылар. Ити курдук сылы эргиччи оҕолору оҕуруокка, сүөһүгэ сыһыаран айа-тута утумнаахтык үлэлиир дьону көрөн үөрэн-көтөн кэллибит.
Мария АРГУНОВА