Сэбиэт былааһа саха норуотугар чахчы дьылҕатын бэлэҕэ этэ. Ол иннинэ кини феодальнай тутулга, сири-уоту бэйэлэрин ааттарыгар бас билэн олорор баайдарга айаҕын эрэ туһугар үлэлиирэ. Онон Саха сиригэр капитализм тыына биллибэккэ да сылдьан эмискэ социализм тэҥ бырааптаах уопсастыбата олохтоммута.

Ол курдук 1922 сыл муус устар 27 күнүгэр Саха Сэбиэскэй Автономнай Социалистическай Республиката (САССР) тэриллибитэ. Аны турууласпыт, тэриллиитигэр улахан кылааттарын киллэрбит дьонунан Платон Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов буолалларын бары бэрткэ билэбит.

Саҥа тэриллибит автономия дьаһалларын Бороҕон, Дүпсүн, Байаҕантай улуус­тарыгар киллэрбит киһинэн Николай Окоемов буолар. Кини 1922 сыллаахха бу улуустары кэрийэ сылдьан мунньахтары тэрийбитэ, онно автономия туһунан дакылааттары аахпыта. Онон “автономия” диэн тылы бу улуустарга бастакынан иһитиннэрбит, ону өйдөппүт киһинэн буолар. Николай Николаевич бастакы буолара манан эрэ бүппэт, кини Бороҕон улууһугар бастакы Сэбиэт исполкомун бэрэссэдээтэлэ, бастакы комсомольскай, партийнай ячейкалары тэрийээччи буолар.

Билигин төһө да атын кэмҥэ, атын тутулга олордорбут, ол укулаатын автономия уурбута, дьаһалларын биһиги улууспутугар Николай Окоемов киллэрсибитэ. Саха сирин олоҕун сайдыытын тэтимэ автономияны ылыныыттан саҕаламмыта.

Афанасий Сектяев