1990 с. балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха АССР уон иккис ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларацияны ылыммыта. Бу историяҕа киирбит докумуон өрөспүүбүлүкэбит социальнай-экономическай бигэ туруктаах буолуутун, норуот духуобунай сайдыытын түстээбитэ.
Өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһын олохтонуутугар олук уурбут дьоммутунан Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, Василий Никифоров-Күлүмнүүр, Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Степан Аржаков, Исидор Барахов уонна да атыттар буолаллар. Кинилэр сүҥкэн үлэлэринэн 1922 с. муус устар 27 күнүгэр РСФСР Президиумун Киин кэмитиэтин Уурааҕынан Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Республиката (Якутская Автономная Советская Социалистическая Республика) тэриллибитэ. Бу кэмтэн ыла судаарыстыбаннас өйдөбүлэ киирбитэ, өрөспүүбүлүкэ олоҕор улахан дьайыыны оҥорбута.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит сайдыыта, олох сайдар тэтимин кытта хардыылыыра, кини дьонун олоҕун уйгута нус-хас буолара хас биирдиибититтэн тутулуктаах. Өрөспүүбүлүкэбит туруктаах буоларын туһугар күргүөмнээхтик үлэлиэҕиҥ, үөрэниэҕиҥ, айыаҕыҥ-тутуоҕуҥ. Доруобай, чөл туруктаныҥ, уйгу-быйан олохтонуҥ! Улууспут сайдыытыгар, кэнчээри ыччаппытыгар төрөөбүт дойдуну таптыырга, дьонунан-сэргэтинэн киэн туттарга өйдөбүлү хаалларыахтаахпыт. Үүнэ-сайда, чэчирии тур, тапталлаах Сахабыт сирэ!
Уус-Алдан улууһун (оройуонун) баһылыга Василий Иванович Аммосов