Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө бүгүн 14 саастарын туолбут оҕолорго бастакы пааспардарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарыыга «Мин – Россия гражданинабын» тэрээһин буолла.
Мустубут оҕолорго улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин үлэһитэ Татьяна Бурцева өрөспүүбүлүкэни туруулаһан төрүттэспит чулуу дьоммутун, киэн туттар биир дойдулаахтарбыт сүдү ааттарын билиһиннэрдэ.
Салгыы оҕолорго эҕэрдэ тылы этэн туран Россия гражданнара буолбуттарын туоһулуур сүдү суолталаах докумуону улуус дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Анатолий Сторожев туттарда. Итиэннэ паспортнай миграционнай сулууспа улуустааҕы салаатын салайааччыта Александра Окоемова эҕэрдэлээтэ, оҕолорго пааспар суолтатын, хайдах тутарга быраабылалары кэпсээтэ. Онтон оҕо уонна ыччат «Бастыҥнар хамсааһыннара» түмсүүлэрин муниципальнай куратора Мария Винокурова эҕэрдэлээн туран оҕолорго хамсааһын туһунан кылгастык билиһиннэрдэ уонна Россия гражданнарыгар «Бастыҥнар хамсааһыннарын» аатыттан пааспар хаҕын бэлэх уунна.
Эдэр гражданнар ааттарыттан мэктиэ тылы Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын үөрэнээччитэ Юра Охлопков эттэ. Түмүккэ биир саастыылаахтарын эҕэрдэлээн Айсен Кутуков «Сахам сирэ» ылбаҕай ырыатын ыллаата. Россия гражданина буолбуттарын туоһулуур олохторугар биир сүрүн докумуоннарын туппут бэлиэ күннэригэр оҕолор үөрэн-долгуйан туран үрдүк сыанаҕа өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүлэр.
Мария Аргунова