Бу дьыл муус устар 6-7 күннэригэр Дьокуускай куоракка өрөспүүбүлүкэтээҕи историктар уонна кыраайы үөрэтээччилэр III научнай-практическай кэмпириэнсийэлэрэ буолан ааста. Аҕыйах сылтан бэттэх бу историктар уонна кыраайы үөрэтээччилэр Сойуустарын бэрэссэдээтэлинэн Владимир Николаевич Степанов ананан бэрт тэрээһиннээхтик үлэлиир. Сыл аайы кэмпириэнсийэ кыттыылаахтарын ахсаана уонна таһымнара үрдээн иһэр диэн бэлиэтээтилэр. Быйылгы кэмпириэнсийэҕэ анал үөрэхтээх улахан дьону кытта оҕолор кыттыылара сонун буолла.
Кэмпириэнсийэ аһыллыытыгар В.Н. Степанов, историческай наука доктора, РНА СС гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун дириэктэрэ С. И Боякова, ХИФУ историческай факультетын декана Н.А.Стручкова, археология салаатыттан историческай наука доктора Р.И. Бравина тыл эттилэр. Кэмпириэнсийэ үлэтигэр историчекай наука доктордара, элбэх кандидаттар, история факультетын преподавателлэрэ кыттыыны ыллылар.
Кэпсэтиилэр бэрт сытыытык бардылар, А.А. Борисов, А.И. Яковлев, И.Д. Аржаков, И.И. Шамаев курдук өрөспүүбүлэҕэ биллэр дьон санааларын эттилэр, боппуруостарга эппиэттээтилэр. Кэмпириэнсийэ чэрчитинэн кыраайы үөрэтээччилэргэ куурус ыытылынна. Быйылгы кэмпириэнсийэҕэ 97 кыттаааччы, 27 үөрэнээччи кытынна. Онон оҕолору кытта устудьуоннар, 9 магистрант, түмэл үлэһиттэрэ, кыраайы үөрэтээччилэр, учууталлар, аспираннар, наука кандидаттара кытыннылар.
Улууспутуттан Тумултан Петя Поротов, Алгыс Васильев, 7 кылаастар, (сал. А.С. Сокольникова) уонна Бороҕонтон Мүрү 1 оскуолатыттан Айхал Никонов, 8 кылаас, (сал. М.А. Аммосова, Н.И. Лазарева) кыттан, бэйэлэрин сиэксийэлэригэр лауреат үрдүк аатын ыллылар. Маны тэҥэ улууспут хамаандатыттан Суоттутааҕы техникум дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччыта П.Д. Пермяков, Сэһэн Ардьакыап аатынан түмэл үлэһитэ З.М. Белолюбская дакылааттара лауреат аатын сүктүлэр. Маны таһынан лауреаттар уонна Тумултан кыраайы үөрэтээччи А.С. Сокольникова, Сэһэн Ардьакып аатынан түмэл үлэһитэ А.П. Сивцев уонна Бэрт-Ууһун дьаһалтатын үлэһитэ Гаврил Пухов дакылааттара кэмпириэнсийэ түмүгүнэн тахсар бэчээккэ киирдилэр. Тэрээһиҥҥэ улуустар быыстапкалара турда. Биһиги улуустан кыраайы үөрэтээччилэр П.В. Пермяков, Г.Д. Пестряков үлэлэрэ турдулар.
Кэмпириэнсийэҕэ эһиил Кыайыы буолбута 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсө үлэ барыахтааҕын чопчулаатылар. Ол курдук гражданскай сэрии сиэртибэлэрин, японскай милитаристары утары сэриигэ, СВО сэриитигэр хас киһи Саха сириттэн кыттыбытын чуолкайдааһыҥҥа, маны таһынан историяҕа суолталаах хаһыылары, археология боппуруостарыгар, пааматынньыктары сөргүтүүгэ, үйэтитиигэ үлэлэр барыахтара диэтилэр. Кэмпириэнсийэ үлэтэ үрдүк таһымҥа баран, саҥа саҕахтары арыйарга эрэллээх тарҕастыбыт.
Мария Аммосова, уопс.кэрэсп.