Уус Алдаҥҥа быйылгы сыл Аҕа сылынан биллэриллибитэ. Онно даҕатан, ону тэҥэ ханна даҕаны эр киһи оруолун тула кэпсэтии, үлэ бара турар кэмигэр уол оҕо, эр киһи туһунан араас үөрэхтэргэ, этиилэргэ, өйдөбүллэргэ тирэҕирбит санааларбын үллэстиэм. Бука, кэрэ аҥаардар оҕуруоттарыгар балай эмэ таас тамнаныаҕа. Ол эрээри, эр дьонтон истибиттээҕэр арыый сымнаҕас буолуохтаах.

Аан бастаан ким төрөөбүтүй?

Урут түһэн эттэххэ, эр киһи айылҕатынан дьахтардааҕар биир-икки мутук үрдүгүн бары бэркэ билэбит. Таҥара киһи аймахха ылсарыгар тоҕо эрэ аан бастаан эр киһини айбыт. Бу киһи чуҥкуйан, олоҕо суолтата суох буолуох курдугун иһин, салгыы кини ойоҕоһуттан дьахтары оҥорбут. Иккиэ аата иккиэ. Олох биллэрдик сэргэхсийбит. Эр киһи булар-талар оруоллам­мыт, оттон дьахтар оҕотун көрөр, дьиэ­тин-уотун иччилиир аналламмыт. Ол саҕаттан эр киһи ыраах сиринэн сылдьан булар-талар, дьахтар ыал уйатын көрөр аналларын күн баччаҕа диэри тутан кэллэхпит.

Киһи үс куттаах. Бу дойдуттан араҕар күммүтүгэр буор куппут сиргэ хаалар, салгын куппут сайҕанар, оттон ийэ куппут бу сиргэ хат төннөөрү куйаарга талаһар. Ол тиийэн, араас тургутууну ааһан, күн сиригэр өссө төгүл эргиллэр чиэскэ тиксэн, аан бас­таан ийэтин буолбакка, аҕатын булар эбит. Саҥа төрүөхтээх оҕо ийэ кута аҕатын уу дьулайынан киирэн, кини этигэр-сиинигэр олохсуйар. Сотору аҕа буолуохтаах эр киһи, бэйэтэ да билбэтинэн, бу ийэ кут аны буор кутун уйалыыр, төрөтүөхтээх киһитин – ийэтин – көрдөөбүтүнэн барар. Кини айылҕата таайан, талан ылбыт кэрэ аҥаарын күөйэр-хаа­йар, илин-кэлин түһэр. Бу икки киһи (тоҕо эрэ итиннэ үһүс киһи кыттыспат эбээт) аналларынан булсан, эттиин-сиинниин чугасыһан, саҥа төрүөхтээх оҕо ийэ кута салгыы ийэтин иһигэр иччилэнэн, тоҕус ый тухары онно буор кута бухатыйар. Салгыы оҕо күн сирин көрүүтүгэр бастакы хаһыытын кытта кини салгын кута салаллыбытынан барар. Биһиги бу сиргэ кэлбит махталбытын аҥаар­дас ийэҕэ эрэ анаан кэллибит.

Дьиҥэр, бастакы саҕалааһыны аҕа киһи ылар эбит. Төттөрүтүн эттэххэ, аҕатыгар олохсуйбут ийэ кут туох эрэ төрүөтүнэн төрөөбөт аналланнаҕына, аҕатыгар хомолтотун биллэрэн, иэстэһэрин этэллэр. Билигин оҕону түһэртэрии, былаанынан төрөөһүн дэлэйбит кэмигэр эр киһи тэмтэрийиитин, мунуутун-тэниитин төрүөтэ ити эмиэ буолуон сөп. Онон күн сиригэр саҥа киһи кэлиитигэр тоҕус ый иһигэр иитиэх­тээбит ийэ иннинэ чараас эйгэҕэ итинтэн үрдүк соругу толорор, улахан эниэргийэни уйар аҕа киһи махталга тиксиэхтээх. Ити оруолун иһин кинини куһаҕан тылынан саҥарыллыбат. Ол салгына кини оҕотугар быһаччы тиийэр. Онон өйдөөх дьахтар оҕотун аҕатын хаһан да хомуруйуо, кырыа-таныйыа суоҕа.

Кыраттан улахана буолуон сөп

Эр киһи булар-талар аналлаах. Ол сылдьар эйгэтэ күөн көрсүһүүлээх, мүччүргэннээх түгэннэрдээх, оһоллоох-моһоллоох. Билигин үгүс кэрэ аҥаар ити эйгэҕэ сылдьар Кыыс Ньургуҥҥа кубулуйда. Дьахтар кыаҕа, кыамтата сүрдээх буоллаҕа! Эр киһи эйгэтигэр киирбит кэрэ аҥаар булугас-талыгас, харса-хабыра суох буоларга кү­һэллэр. Ол иһин билиҥҥи кэмҥэ эр киһи сыратын, үлэтин-хамнаһын сыаналаабат буоллубут. Били, Пушкин кыһыл көмүс балык туһунан остуоруйатын балыксыт эмээхсинигэр дылы туохха да “тук” буолбаппыт. Эрбит хамнаһын мыынабыт, өссө улаханы, элбэҕи эрэйэбит, кыыһырабыт, кыҥкыйдыыбыт, атын эр дьоҥҥо тэҥнии тутан сэниибит.

Оннук көстүү баар буол­бат дуо?! Оттон кини ити киирсэр эйгэтигэр барыларыгар тиксибит кыра булумньуттан саамай улахан өлүүтүн тарапачыһан, сыралаһан аҕалбыт буолуон сөп.

Онон эр киһи, төһө да буоллун, өттүгэр харалаах, илиитигэр тутуурдаах кэлбитин үөрэ-көтө көрсөр оруннаах. Онтон дойду иччитэ үөрэн, кэлэр сырыыга өссө хадаҕалыа, эр киһиҥ көрдөрбүтүнэн дыгда­йыа, тахсыа.

Аҕа баһылыкка – бастыҥы

Аһылыкка киириэҕиҥ. Тугу кистэниллиэй, үгүс ыалга “Бу аһы ыкка биэрэбит дуу, аҕабыт сиир дуу?”, ”Аһыйаары гыммыт. Аҕаҕытыгар биэриҥ” диэн этиилэр балайда иһиллэллэр. Бэл, ити көстүүнү күлүү гынар сыаҥкалар бааллар. Аҕа киһи минньигэс диэҥҥэ сананыа суох­тааҕын курдук, арыт оҕо тобоҕуттан амсайара баар. Аҕа, эр киһи, уол оҕо – дьиэ кэргэн дурдата-хаххата. Кини ас маанытыгар тиксэр аналлаах. Ыал аҕата сандалы бас-көс миэстэтигэр олоруохтаах. Киниэхэ бастакынан ас ууруллуохтаах, бастакынан чэй кутуллуох­таах. Сорох ыалга аҕа баһылыкка, уол оҕоҕо дьиэлээхтэргэ, ыалдьыттарга анаммыт астан ордук ас тардыллааччы. Ити – аҕа киһини, уолу суолталаа­һын үтүө холобура. Аһылыкка кинини кэтэһии эмиэ ытыктабылы көрдөрөр.

Дьобуруопаттан кэлбит үгэһинэн, билиҥҥи уопсас­тыбаҕа дьиэҕэ аан бастаан кэрэ аҥаар киирэр. Дьиҥэр, эр киһи бастыахтаах эбит. Олоппос баар буоллаҕына, бастакынан дьахталлар олоро охсобут. Эр киһибитин санаа­баппыт даҕаны. Дьиҥэр, эр киһини олордуохтаах эбиппит. Ыҥырыы сурукка дьахтар аатын бастатабыт. Сиэр быһыытынан, эр киһи аатыт­тан саҕаланыахтаах. Быраа­һынньыкка тыл этиигэ дьахталлар мэлдьи быһа түһэбит. Эр киһибит сатаан тыл эппэт аатырар. Дьиҥэр, хайдах да эттин, эр киһи саҕалыахтаах. Ити курдук быстах хамсаныылартан, дуона суох туттунуулартан эр киһиэхэ, уол оҕоҕо сыһыаммыт ыһыллар, уопсас­тыба укулаата туллаҥныыр.

Идэ – эр киһи олоҕун суола

Этиллэрин курдук, саппыкыһыт оҕото баҥкыыр буолар анала суох. Хас биирдии киһи төрүттээх, өбүгэлээх. Ол ийэ, аҕа ууһа айылҕаттан анаппыт атын талааннаах, туспа дьоҕурдаах. Идэни баһылааһын ордук эр киһиэхэ сүдү суолталаах. Дьахтар анала ийэ буолуу, дьиэ эйгэтин тэрийии буоллаҕына, эр киһи анала – идэтинэн балык курдук көҥүллүк устар байҕалын булунуу, онтон харчы-хамнас оҥостуу, дьон ортотугар ытыктабылы ылыы. Кини ити чааһыгар табылыннаҕына, өбүгэттэн бэриллибит дьоҕурун сайыннардаҕына, былаанынан, соругунан олорор, айар-тутар баҕата күүһүрэр. Оннук киһи быстах санааҕа ылларбат, арыгыга таласпат, үөргэ-сүүрүккэ дураһыйбат.

Идэлээх киһи баһын эрэ батарар туһуттан быстах хамнаска таласпакка, дьиэ кэргэнин, аймаҕын ыраах, киэҥ эйгэҕэ сирдиир сорукка турунар. Ол да иһин эр киһини, кини өссө оҕо эрдэҕинэ, идэтин таба таларыгар, суолун булунарыгар үлэ барыахтаах.

Эр киһи буолан төрөөбүт – дьоллоох

Сэбиэскэй кэмҥэ уһуйаан, оскуола үөрэҕэ уол оҕону кэтэххэ үтэйбитэ. Айылҕатынан көнө сүрүннээх кыыс оҕо холобурга сылдьыбыта. Олоҕу муннунан тыырар аналлаах уол оҕо аллараа сүһүөххэ олохсуйбута. Билигин атын кэм.

Эр киһи буолан төрөөһүн – айылҕа улахан бэлэҕэ. Онуоха диэри кини чараас эйгэҕэ элбэх тургутууну ааһар, үрдэли даба­йар. Ол да иһин, хайа да норуок­ка уол оҕо төрөөһүнэ үрдүк үөрүүнэн арыалланар. Уол оҕону төрөппүт аҕа, ийэ, ыал харыс үрдүүр. Ханнык да түгэҥҥэ эр киһи дьахтартан хас да тутум үрдүк. Ону хас биирдиибит өйдүөх тустаах.

Уол оҕону иитиигэ Мүрүтээҕи уолаттар гимназия­лара, Дьокуускайга Анатолий Бурнашев оскуолата үтүө холобур буолаллар, ити үлэҕэ үгүстэри сирдииллэр. Уол оҕо соргута улааттын, эр киһи кэскилэ кэҥээтин! Аҕа сыла айхалланнын!

Уйаара КУСТУК