Өнөр нэһилиэгэр Саха сиригэр – Ийэ, Арассыыйаҕа Аҕа күннэрин чэрчитинэн нэһилиэкпит дьиэ кэргэттэрин ийэлэрэ, аҕалара кыттыылаах куонкурус бэрт тэрээһиннээхтик буолан ааста.
Дьоро киэһэҕэ уопсайа үс ыал кытынна. Ол курдук Мария, Павел Афанасьевтар, Джулия, Егор Афанасьевтар, Людмила, Анатолий Черноградскайдар бырааһынньыктааҕы киэһэбитин киэргэттилэр. Биэчэр устата кыттааччылар уопсайа биэс түһүмэххэ кытыннылар. Бэйэни билиһиннэрии, сорудаҕы толоруу, ырыаны таайыы, аһаҕас кэпсэтии уонна көрдөөх эстафета түһүмэҕэр күрэстэстилэр. Дьүүллүүр сүбэ үс түһүмэхтэринэн бириэмэлэрин көрөн сыаналаата. Ол курдук «Ырыа куттаах дьиэ кэргэн « анал ааты Людмила, Анатолий Черноградскайдар, «Сатабыллаах дьиэ кэргэн» аатын Джулия, Егор Афанасьевтар ыллылар. «Иллээх дьиэ кэргэн» Мария, Павел Афанасьевтар буоллулар. Оттон «Чыпчаал ааты» Мария, Павел Афанасьевтар ылары ситистилэр.
Варвара Парникова – Үүйэ. Өнөр